07.06.2022 | 13:00 | Просмотров: 805

Ийэ скверин тупсаран оҥоруу иһин 20 222 куолас киирдэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тутуу уонна олох-дьаһах хомунаалынай хаһаайыстыбатын министиэристибэтин официальнай дааннайдарынан, 2023 сылга киин куоракка тупсаран оҥоһуллуохтаах уопсастыбаннай территорияны сүүмэрдээһин рейтинговай куоластааһыныгар Дьокуускай 29 581 олохтооҕо кытынна. Бу туһунан Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Муус устар 15 күнүттэн ыам ыйын 30 күнүгэр диэри 14.gorodsreda.ru сайтка куоластааһын түмүгүнэн, өрөспүүбүлүкэ 17 муниципальнай тэриллиитигэр баар 40 уопсастыбаннай территориялартан саамай элбэх куолаһы киин куорат Сайсары кытылын уонна Ийэ скверин тупсаран оҥоруута ылла, ол курдук ити территория иһин 20 222 куолас киирдэ. 9 947 киһи Сунтаар сэлиэнньэтигэр баар Экологтар сквердэрин иһин, 6 210 киһи Таатта нэһилиэгин Култуура уонна сынньалаҥ пааркатын иһин куоластаатылар. 
Быйыл Дьокуускай куоракка «Формирование комфортной городской среды» федеральнай бырайыак чэрчитинэн сүүмэрдээһиҥҥэ  5 тупсаран оҥоһуллуохтаах уопсастыбаннай территория кытынна:
1.    Сайсары күөл кытыла уонна Ийэ скверэ;
2.    Роман Михайлович Дмитриев аатынан кытыл;
3.    Тутааччылар сквердэрэ;
4.    Кытылы Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуhун» айымньытын  матыыбынан тупсаран оҥоруу;
5.    Федор Кузьмич Попов аатынан сквер. 
Роман Михайлович Дмитриев аатынан кытыл 3194 куолаһы хомуйда, кытылы Тимофей Сметанин «Лоокуут уонна Ньургуhун» айымньытын  матыыбынан тупсаран оҥоруу иһин 2746 олохтоох, Федор Кузьмич Попов аатынан сквер оҥоһуутун иһин 2077, тутааччылар сквердэрин тупсарыы  иһин 1342 киһи куоластаатылар.
Салгыы 2023 сыллааҕы «Формирование современной городской среды на территории Республики Саха (Якутия)» судаарыстыбаннай бырагыраамаҕа киллэрэргэ бырайыактар куонкурустаах сүүмэрдээһиннэрэ ыытыллар. Сайаапкалары хомуйуу кэнниттэн экспертнэй уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи биэдэмистибэлэр икки ардыларынааҕы хамыыһыйалар үлэлиэхтэрэ. Федеральнай субсидиянан туһанааччылар испииһэктэрэ атырдьах ыйыгар биллиэҕэ.

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.