19.03.2020 | 06:46

Ийэ хапытаалын биллибэт өрүттэрэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Кулун тутар 1-кы күнүгэр дойдубут бэрэсидьиэнэ икки саҥа сокуоҥҥа илии баттаата. Бу сокуоннар төрөппүттэргэ уонна кырачааннарга сыһыаннаахтар:

  • Алын кылаас (1-4 кыл.) үөрэнээччилэрин босхо итии аһылыгынан хааччыйыы туһунан;
  • Ийэ хапытаалын туһунан сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии.

Оҕолорго босхо аһылык туһунан

  • Алын кылаас оҕолоро күҥҥэ бииртэн кырата суох итии аһылыгынан хааччыллыахтаахтар;
  • Ол аһылыктарыгар биир итии бүлүүдэ баар буолуохтаах (утах ааҕыллыбат);
  • Бу бэрээдэккэ көһүү сыыйа-баайы ыытыллар – 01.09.2020-01.09.2023 сс. (ол аата быйылгыттан оскуолаҕа барытыгар босхо итии аһылык баар буола түспэт);
  • Сокуон судаарыстыбаннай/муниципальнай үөрэх тэрилтэлэригэр эрэ сыһыаннаах (чааһынай оскуолалартан босхо аһылыгынан хааччыйыы ирдэммэт);
  • Сокуон олоххо ыам ыйын 1 күнүттэн (ылыныллыбыта 60 хонук ааспытын кэннэ) киирэр. 

Ийэ хапытаалыгар киирэр уларыйыылар

  • 2020 сылтан Ийэ хапытаала бастакы оҕоҕо бэриллэр буолла;
  • Ийэ хапытаалын кээмэйэ 616 000 солк. тэҥнэстэ (2020 сылтан туһанар бырааптаахтарга эрэ);
  • Ийэ хапытаалын аны дьиэ туттарга, дьиэ өрөмүөннүүргэ туттуохха сөп буолла. Маны тэҥэ, ИЖС учаастакка эрэ буолбакка, саад учаастагар кытта туһаныллар буолла (50 бырыһыанын дьиэ туттуох иннинэ, 50 бырыһыана докумуон оҥоһуллубутун кэннэ түһэр);
  • Урут Хапытаалы оҥорторуу 15 күн тардыллар буоллаҕына, билигин 5 үлэ күнүнэн бэриллиэхтээх;
  • Ийэ хапытаалын үбүн туһанарга сайабылыанньаны көрүү 10 үлэ күнүттэн уһуо суохтаах (төлөбүр ааһара эмиэ 10 күн буолар).

Ийэ хапытаала бастакы оҕо 01.01.2020 с. ыла төрөөтөҕүнэ – 466 617 солк.  (иккис оҕо төрөөтөҕүнэ – 150 000 солк = икки оҕоҕо 616 000 солк.).

01.01.2020 сылтан иккис оҕо төрөөтөҕүнэ, бастакы оҕо 31.12.2019 с. диэри төрөөбүт буоллаҕына – 616 000 солк.

01.01.2020 сылтан төрөөбүт үһүс уонна онтон кэлэр оҕоҕо, урут дьиэ кэргэн Ийэ хапытаалын ыла илик буоллаҕына (холобур, икки оҕо 2007 сылга диэри, Ийэ хапытаала суох эрдэҕинэ, төрөөбүттэр) – 616 000 солк.

01.01.2020 сылга диэри оҕолонон Ийэ хапытаалын сертификатын туппут дьоҥҥо суумата уларыйбат – 466 617 солк.

Ийэ хапытаалын оҕо 3 сааһын туолбутун эрэ кэннэ туһанар кыахтаахпыт диэн бары билэбит. Ол эрэн оҕо 3 сааһын туоларын күүппэккэ туһанар түгэннэр эмиэ бааллар:

  • Ипотека, дьиэ кирэдьиитэ, дьиэни атыылаһан ылыы эбэтэр туттан таһаарыы (ипотекаҕа киирэргэ бастакы төлөбүр быһыытынан, эбэтэр номнуо баар ипотекаҕа угарга туһаныллар);
  • Инбэлиит оҕо социальнай  адаптациятыгар наада буолар маллары атыылаһарга, өҥөлөрүнэн туһанарга;
  • Оҕо чааһынай уһуйааҥҥа сылдьарын төлүүргэ (2018 сылга диэри оҕо 3 сааһын туолуор диэри көҥүллэммэт этэ).
  • Ый аайы олох таһымын алын кээмэйин кытта тэҥ суумалаах төлөбүр быһыытынан ылыахха сөп, иккис оҕо 01.01.2018 сылтан бэттэх төрөөбүт буоллаҕына. 

Онтон атын түгэннэргэ Ийэ хапытаалын туһанарга оҕо 3 сааһын туоларын күүтэҕит.

Өрөспүүбүлүкэттэн бэриллэр Ийэ хапытаалын оҕо 3 сааһын кэтэспэккэ, хаһан баҕарар туһаныаххытын сөп.

Ийэ хапытаалын биллибэт өрүттэрэ

Судаарыстыбаттан бэриллэр Ийэ хапытаалын туһанарга сокуону үчүгэйдик үөрэтэр тоҕоостоох.

  1. Ийэ хапытаалын туһанан дьиэ атыылаһар буоллаххытына, 6 ый устатыгар оҕолоргутун дьиэни бас билиигэ өлүүлүөхтээххит. Ипотекаҕа хапытаалы туһаннаххытына – кирэдьиит сабыллыбытын, дьиэни бас билиигэ мэһэй суох буолбутун (обременение) кэннэ 6 ый иһигэр оҕолоргутугар өлүү быһаҕыт.

Хапытаалынан ылыллар дьиэҕэ дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр өлүү быһыллыахтаах, кэргэҥҥитигэр кытта, оҕолоргутугар барыларыгар.

Өлүүлэрин анаан докумуон оҥотторботоххутуна, судаарыстыба суутунан өлүүлэри аныырга уураахтыыр эбэтэр дьиэ атыыламмыт дуогабара дьиҥэ суоҕунан ааҕыллар. Маныаха ордук атыылаһааччыга кутталлаах быһыы-майгы үөскүүр. Атыыласпыт дьиэтигэр атыылааччы оҕолоро өлүүлээх буолан хаалыахтарын сөп. Быйыл Ийэ хапытаалын туһунан туһааннаах информация ЕГРН киирэрин туһунан сокуон тахсыахтаах.

Лайфхак: Оҕолорго уонна кэргэҥҥитигэр тэҥ буолбат өлүүлэри биэриэххитин сөп (холобур, ¼, 1/5 о.д.а.), ийэ хапытаалын сыанатын саҕа өлүүнү аныаххытын сөп.

Холобур, билигин Ийэ хапытаала 466 616 солк., ол аата 4 киһилээх дьиэ кэргэҥҥэ (ийэ, аҕа, 2 оҕо) хас биирдиилэригэр 116 654 солк буолар. Кыбартыыра 4 мөлүйүөннээх буоллаҕына, оҕолорго 3/100 өлүүнү (116 654 / 466 616 солк.), ийэлээх аҕаҕа 47/100 аныахха сөп.

  • Ийэ хапытаалынан ылыллыбыт дьиэни атыылаары гыннаххытына, опека уорганнарыттан атыылыырга көҥүл ылыхтааххыт.

Бу көҥүл болдьоҕо суох, биир эмэ бас билээччи 18 сааһын туола илик буолла да, атыылыырга хайаан да көҥүл наада.

Дьокуускайга маннык көҥүлү Октябрьскай уул., 20/1 (мэрия-2) биэрэр.

  • Оҕо өлүүтүн атыылыырга атыы дуогабара нотариуска бигэргэммит буолуохтаах, көннөрү илиинэн бэйэ икки ардыгар суруллубут дуогабар барсыбат.
  • Ийэ хапытаалын сууматыгар нолуогабай вычет төлөммөт. Холобур, 2 мөлүйүөннээх кыбартыыраны ылбыт буоллаххытына, ол иһигэр 466 616 солк. Ийэ хапытаалын харчыта, вычет 1 533 384 солкуобайга эрэ төлөнөр.
  • Оҕолор тэҥҥэ өлүүлэспит кыбартыыраларын атыылаатахха, оҕолор 3 сылтан ордук бас билээччи буолбатах буоллахтарына, нолуок үөскүүр. Олоххо буоларынан, дьон дьиэтин атыылыан эрэ иннинэ оҕолоругар өлүү суруйар, онтон опекаттан көҥүл ылар. Онтон оҕолор бас билиилэммиттэрэ 3 сыл буола илигинэ атыылаан кэбиһэллэр. Оччоҕо оҕолор дохуоттарыттан нолуогу төрөппүттэр төлүүллэр.

Лайфхак: Бу нолуоктан, нолуоктанар база кээмэйин кыбартыыраны ыларга көрсүбүт ороскуоттаргытын кытта сибээстээн, босхолонуохха сөп.

Холобур, 4 мөлүйүөннээх кыбартыыраны ылан баран 5 мөлүйүөҥҥэ атыылыыгыт. Оттон оҕолор өлүүскэлэрэ 3/100, ол аата дохуоттара 30 000 солк. (  (4 мөл. – 5 мөл.)*0,03). Ол иһин оҕолор нолуоктара 3900 солк. буолар (30 000 * 13 %).

Төрөппүттэр дьиэни 3 сылтан ордук баһылаабыт буоллахтарына, нолуок төлөөбөттөр.

Эбэтэр нолуогабай базаны 1 мөл. диэххэ сөп. Оччоҕо ким да нолуок төлөөбөт.

Онон дьиэни атыылыырга нолуок төлүөххүтүн баҕарбат буоллаххытына, оҕолорго өлүүлэрин хапытаал сууматыттан ылан суоттаан оҥорторуҥ.

  • Ийэ хапытаала туһаныллыбыт буоллаҕына, атын бааҥҥа рефинансирование ылар уустуктардаах буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, опекаттан көҥүл ылыахха наада, бастакы бааҥҥа обременение уһуллубутун кэннэ оҕолорго өлүүлэрин аныахха наада. Ол иһин үгүс бааннар сөбүлэспэттэр.

Судаарыстыбаннай Дуумаҕа бу кыһалҕалары барытын сотон кэбиһэр сокуон барыла ырытыллан эрэр. Оччоҕо Ийэ хапытаалын туһаныылаах рефинансированиеҕа барар судургу буолар. Бу сокуон барылыгар ЕГРН суруктарыгар хапытаалы туһаныы туһунан информация киирэрэ ирдэниэхтээх. Онон атыылаһааччы көмүскэллэнэ түһэр. Сокуон барыла билиҥҥитэ ырытыллар эрэ, ааҕыыларга ааһара өссө да ыраах.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....