12.05.2023 | 18:00

Ийэ хапытаала туһаныллыбыт дьиэтин хайдах атыылыыбыт?

Олорор дьиэ усулуобуйатын тупсарыы – ийэ хапытаалын туһаныы биир сүрүн сыала-соруга. Ол эрэн бу дьиэни кэлин атыылыырга уустуктардаах буолуон сөп.
Ийэ хапытаала туһаныллыбыт дьиэтин хайдах атыылыыбыт?
Ааптар: Розалия Томская
Бөлөххө киир

Ийэ хапытаала туһаныллыбыт дьиэни сөпкө уонна түргэнник атыылыырга туох наадатын быһаарабыт.

Хапытаал сыала тугуй?

Ийэ хапытаала – судаарыстыба оҕолоох дьиэ кэргэттэри өйүүргэ туһуламмыт бырагыраамата. 2007 сыллаахтан үлэлиир. Урут иккис уонна онтон кэлэр оҕо төрөөтөҕүнэ бэриллэр эбит буоллаҕына, 2022 сыллаахтан Ийэ хапытаалын ыал бастакы оҕото күн сирин көрдөҕүнэ ылар кыахтаммыта.

Ийэ хапытаала уу харчынан бэриллибэт, бу судаарыстыбаннай сертификат: бастакы оҕоҕо – 587 тыһ. солк., иккис оҕоҕо (бу иннинэ хапытаалы туһамматах буоллаххытына) – 775,6 тыһ. солк. Сертификат ыларга төрөппүттэр докумуон хомуйсаллара, кумааҕы эккирэтиһэллэрэ наадата суох, Судаарыстыбаннай өҥөлөр эбэтэр Биэнсийэ пуондатын саайтыгар тус кабинеккытыгар тахсан кэлэр.

Иитиэх оҕолорго Ийэ хапытаала эмиэ көрүллэр, маныаха оҕону иитэ ылбыт төрөппүттэр Биэнсийэ пуондатыгар илэ тиийэн докумуон туттарыахтаахтар эбэтэр МФЦ, Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларын нөҥүө докумуоннарын туттарыахтарын сөп.

Ийэ хапытаалын харчытын баҕаҕыт хоту туохха баҕарар туттан кэбиһэргит көҥүллэммэт. Ийэ хапытаалын ыытыахха сөп:

— Ийэ биэнсийэтин мунньуллар чааһыгар;

— Оҕо үөрэнэригэр;

— Олорор усулуобуйаны тупсарыыга;

— Инбэлиит оҕолору социальнай адаптация-лааһыҥҥа;

— Дьиэ кэргэн кыаммат араҥаҕа киирсэр буоллаҕына, ый аайы кэлэр төлөбүр быһыытынан ылыахха сөп.

Ийэ хапытаалын бу үөһээ ыйыллыбыт түгэннэртэн уратыга туһаныы сокуону кэһиинэн ааҕыллар.

 

Кыбартыыраны хайдах атыылыыбыт?

Ийэ хапытаала – бастатан туран, оҕолорго көмөлөһөр сыаллаах тэриллибит өйөбүл миэрэтэ. Ол иһин дьиэ-уот ылынарга, ипотеканы сабарга оҕо төрөөбүтүгэр бэриллибит хапытаалы туһаммыт буоллаххытына, оҕо бырааба күөмчүлэниэ суохтаах. Ол иһин судаарыстыба оҕо дьиэтин атыылыырга араас ирдэбиллэри, хааччахтары туруорар. Инньэ гынан Ийэ хапытаала туттуллубут дьиэ эпиэкэ уорганнарыттан көҥүлэ суох атыыламмат.

Ийэ хапытаала туһаныллыбыт дьиэтин атыылыахха сөп, өскөтүн:

— Биир эрэ төрөппүт бас билиитигэр баар дьиэни дьиэ кэргэн бары чилиэннэригэр өлүүлээн үллэрбит буоллаххытына;

— Эпиэкэ уорганнарыттан көҥүл ылбыт буоллаххытына;

— Дьиэҕитин атыылаан баран оҕолор олорор услуобуйаларын мөлтөппөт буоллаххытына, оттон саҥа атыылаһыллар дьиэҕэ оҕолор өлүүлэрэ кыччыа суохтаах.

Атыыланар дьиэҕэ оҕо өлүүтүн хайдах быһабыт?

Ийэ хапытаалын дьиэ атыылаһарга, ипотека кирэдьиитин кыччатарга туһаммыт буоллаххытына, дьиэ хайа эмэ чааһа хайаан да оҕолорго өлүүлэниэхтээх – бу судаарыстыба оҕо быраабын араҥаччылыыр миэрэтэ.

Дьиэ ийэ бас билиитигэр киирбитин кэннэ 6 ыйтан ордук уһаппакка оҕолорго өлүү быһыллыахтаах. Инньэ гымматыгыт да, атыы-эргиэн бары хамсааһыннара сокуоннайа суоҕунан билиниллиэхтэрин сөп. Маны таһынан, оҕо интэриэһэ көмүскэммэтэх буоллаҕына, төрөппүттэри суут нөҥүө оҕолор өлүүлэрин төннөрөргө модьуйуохтарын эмиэ сөп.

Оҕо ирээтэ хайдах суоттанарый? Маныаха нотариуһунан бигэргэтиллибит сөбүлэҥ түһэрсиллэр.  Сокуон оҕо ирээтэ чуолкай бачча буолуохтаах диэн ыйбат, онон Ийэ хапытаалын сууматыгар эппиэттэһэр өлүү быһыллыахтаах. Холобур, төрөппүттэр  Ийэ хапытаалын көмөтүнэн дьиэ сыанатын 18 бырыһыанын саппыт буоллахтарына, дьиэ иэнин 18 бырыһыана өлүүлэргэ араарыллар. Үс киһилээх дьиэ кэргэн чилиэнигэр 18 % /3 = 6% хас биирдиилэригэр.

Ирээттэри аныыр сөбүлэҥҥэ дьиэ кэргэн чилиэннэригэр тиксэр өлүүскэ бырыһыанынан буолбакка, өлүүскэнэн суруллар. Холобур, кыбартыыра иэнэ 50 кв. м., оччоҕо 1 кв. м. – 1/50 эбэтэр дьиэ 2 бырыаһыана буолар, барыларыгар 6-лыы % тиксэр. Ол аата оҕо өлүүскэтэ – 3/50, төрөпүттэр ирээттэрэ – 3/50.
Салҕыы бу оҥостубут сөбүлэҥҥитин Росреестрга регистрациялыахтааххыт (МФЦ нөҥүө ыытыахха сөп):

— Төрөппүттэр пааспардара, оҕолор төрөөбүттэрин туоһулуур туоһу сурук.

— Дьиэ кэргэн чилиэннэригэр өлүү бэриллэрин туһунан сөбүлэҥ.

— Кэргэннии буолуу туһунан туоһу сурук.

— Госпошлина төлөнөр. 

Эпиэкэ көҥүлүн хайдах ылабыт?

Дьиэҕитигэр оҕолоргутугар өлүү быспыккыт кэннэ ол дьиэни атыылыырга эпиэкэ уорганнарыттан көҥүл ылыахтааххыт.

Дьокуускай дьаһалтатын Эпиэкэҕэ уонна бэпэчиитэлистибэҕэ салаата 203-с микрооройуон 8-с куорпуһугар баар.

40-88-31

40-88-32

Үлэлиир кэмэ: 09:00-17:15

Эрдэ суруттарыынан эрэ приемнууллар. Билигин от ыйыгар приемҥа суруттарыахха сөп.

Эпиэкэ уорганнарын сүрүн ирдэбиллэрэ – сокуоннай сааһын туола илик оҕолор бырааптара кэһиллиэ суохтаах. Дьиэбитин атыылаан баран оҕолорбутугар счет арыйан онно өлүүлэригэр тэҥнээх харчыны барыларыгар угабыт диэн мэктиэ суругу (“нотариальное обязательство”) нотариуска оҥотторон тиийэҕит, сыаната – 4500 солк.

Дьиэҕитин атыылаан баран атын дьиэ атыылаһар түгэҥҥитигэр, оҕолоргут счеттарыгар укпут харчыгытын устаргытыгар эмиэ нотариуска бигэргэтиллибит эбэһээтэлистибэ баар буолуохтаах. Онно атыыласпыт дьиэбэр оҕолорбор өлүүлүүбүн, ол иһин харчыларын устабын диэн ис хоһоонноох сайабылыанньа суруйаҕыт. Сүрүннээн маннык докумуоннары илдьэ тиийэҕит:

— Куорат  баһылыгын аатыгар сайабылыанньаны миэстэтигэр толортороллор.

— Төрөппүттэр пааспардара.

— Оҕолор төрөөбүттэрин туһунан туоһу суруктара.

— Кыбартыыраҕа ЕГРН выписката (Маны Госуслуги нөҥүө сакаастаан ылаҕыт).

— Оҕолорго эрдэттэн бааҥҥа счеттары арыйан, ол выпискатын илдьэ тиийбит ордук.

Барытыгар тус-туспа докумуон ирдэнэр, хас биирдии түгэҥҥэ эбии ханнык эмэ докумуон наада буолуон сөп. Ону барытын Эпиэкэлэр төлөпүөнүнэн быһааран биэрэллэр. Бастаан дьиэни атыылыырга көҥүллэтэ кэлэн бараргытыгар, иккистээн кэлэргитигэр туох наадатын испииһэктээн туттаран ыыталлар. Онон киһи ыарырҕатара, бутуллара суох.

Хас сырыы аайы дьиэ кэргэн састаабын туһунан ыспыраапка ирдэнэр, ол болдьоҕо 7 эрэ күннээх. Паспортнай остуолтан босхо ылаҕыт.

Регламент быһыытынан сайаапкаҕа 15 үлэ күнэ көрүллэр. Ол эрэн, олоххо баарынан, куорат Эпиэкэтэ биир нэдиэлэ курдугунан ыҥыран ылан көҥүлгүтүн илиигитигэр туттарар.

Сороҕор Эпиэкэ аккаастыан сөп. Холобур, тутулла илик дьиэни атыылаһаары гыммыт буоллаххытына. Ол дьиэ тутулла турар кэмигэр эбэтэр тутуллубакка хаалар түгэнигэр кыра оҕо дьиэтэ суох хаалыан сөп диэн буолар. Эргэ чааһынай дьиэни атыылаһарга эмиэ аккаас кэлиэн сөп.  Чуолкай ирдэбил диэн суох, Эпиэкэ уорганнара барытын бэйэлэрэ быһаараллар. Аккаас кэлбитин 3 ыйынан суукка көтүрүөххэ сөп.

Ону тэҥэ Эпиэкэ көҥүлэ суох дьиэни атыылыыр сатаммат. Маннык атыы-эргиэн дуогабара күүһэ суоҕунан ааҕыллыан, суукка көтүрүллүөн сөп.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....