Ийэ буору булбатах, үөргэ кубулуйар
Айсен Лэҥкэ:
–Өлбүт киһи ийэ буоругар хараллыбатаҕына эбэтэр куһаҕаннык өллөҕүнэ кини дууһата үөр буолара үһү. Атыннык эттэххэ, дьоҥҥо-сэргэҕэ сибиэн буолан көстөр эбит. Ол иһин бар дьоммор сураҕа суох сүппүт дьон көстөн ааспыттарын туһунан Өлүөхүмэ улууһугар буолбут икки түбэлтэни кэпсээн көрүөм. Маны бииргэ үлэлиир кырдьаҕас доҕорбуттан истибитим.
Дууһата муммут эмээхсин
Ааспыт үйэ 70-с сылларын ортотугар, сааһыары, биир кырдьаҕас эмээхсин сураҕа суох сүппүтэ үһү. Сирдээн тимирбитэ, халлааннаан көппүтэ биллибэккэ хаалбыт. Саатар, бу кэмҥэ халаан уута бөҕө киирэ турбута үһү. Олохтоохтор эмээхсин барахсан ууга түһэн өллөҕө буолуо диэн сэрэйбиттэр. Бу түбэлтэ буолбута уонтан тахса сыл ааспытын кэннэ хаайыыттан күрээбит уол тыаҕа саһа сылдьыбыт. Алдан икки, Өлүөхүмэ икки кыраныыссалаһар сирдэригэр, сайын, табаларын маска баайан баран, үөнэ-көйүүрэ бэрдин иһин табаларыгар түптэ умаппыт. Бэйэтэ балаакка туруорунан, ол иһигэр киирэн таҥаһын-сабын бэринэ олорбут. Балаакка аана аһаҕас турбут. Сотору кэминэн табалар барахсаттар туохтан эрэ сиргэнэн турбуттар. Уол “туох буоллахтарай” диэн көрбүтэ, арай, били уонча сыллааҕыта сүппүт эмээхсин илэ бэйэтинэн балаакка иһигэр киирэн кэлбит. Сирэйэ-хараҕа бэрт хомойбут көрүҥнээҕэ үһү. Уол куттанан тылыттан маппыт. Эмээхсин, аҕыйах мүнүүтэ буолаат, сүтэн хаалбыт. Уол көрбөтөҕүн көрөн өлө куттаммыт. Сонно табаларын ыҥыырдаат, балааккатын хомунаат, куотар аакка барбыт. Кэлин кырдьаҕас дьон “муҥнаах, дууһата мунан сылдьара буолуо” диэбиттэрэ үһү.
Түннүгү тоҥсуйан бэйэтин биллэрбит
Биирдэ эдэр уол уонна саастаах киһи тыаҕа бултуу тахсыбыттар. Саастаах киһи үүтээҥҥэ олорор эбит. Эдэрэ балааккаҕа сытара үһү. Аны бу саастаах киһибит хас сарсыарда аайы үүтээнин иһиттэн түннүгүн тоҥсуйан эдэр доҕорун дьээбэлиирэ үһү. Өссө “өллөхпүнэ, манна кэлбит-барбыт дьону түннүкпүн тоҥсуйаммын куттуом” диэн күлэр эбит. Ол киһибит эһиилигэр ууга түһэн сураҕа суох сүппүтэ үһү.
Биир кыһын, хас да сыл ааспытын кэнниттэн, били эдэр уолбут ахсынньы аам-даам тымныытыгар бу үүтээҥҥэ тиийэн кэлбит. Кэллэ-кэлээт, табаларын маска баайа турдаҕына, эмискэ, үүтээн түннүгүн тоҥсуйар тыас иһиллибит. Онно уолбут кэннин хайыспыта, арай, ыйдаҥа сырдыгар көрбүтэ, били саастаах доҕоро үүтээн иһиттэн үөрэн аҕай илиитинэн далбаатыы турара үһү. Уол барахсан уҥуоҕа халыр босхо баран, табаларыгар олороот, түүннэри ханна да тохтообокко эрэ маах көтүүнэн дэриэбинэҕэ кэлбит. Уонна ити эргин күн бүгүҥҥэ диэри үктэнэ илигэ үһү. Дьэ, онон доҕоттоор, киһи уҥуоҕа ийэ буору булбатаҕына, дууһата мунан үөргэ кубулуйара дьиҥнээх быһыылаах.
Ытык көтөр
Суор көтөр бииһин ууһуттан саамай уһун олохтооҕунан биллэр. Кини барахсан үс үйэни быһа олох олороро үһү.
Саха омукка биир улаханнык ытыктанар көтөр. Дэлэҕэ, былыр ааттара ааттаммат Улуу ойууттар, удаҕаттар кинини суолдьут оҥостуохтара дуо? Ол курдук, былыр Орто Бүлүү улууһугар төрөөн-үөскээн ааспыт Алыһардаах удаҕан барахсан суорунан тыаҕа муммут дьону булара. Ону тэҥэ сураҕа суох сүппүт дьону суор буолан көрдүүрэ үһү.
Маны таһынан улахан булчуттар суору эһэкээн суолдьутунан ааҕаллара. Тыаҕа булчут кулуһун отуннаҕына, суор барахсан хааҕырҕаан баар буола охсоро. Байанайдаах булчуттарга суор барахсан буур тайахха, кыыл табаҕа сирдээн аҕалара үһү. Итинник кэпсээн Сахабыт сирин араас муннуктарыгар элбэх.
Бүгүн эһиэхэ кэпсиир кэпсээним кыратык ураты соҕус буолуо. Ол курдук, уонтан тахса сыллааҕыта Ньурба улууһугар биир булчут тыалыы сылдьыбыт. Көмүс күһүн от-мас хагдарыйан, көмнөх түспүт буолан, айылҕа барахсан кыһыҥҥы уһун уутугар утуйан эрэр кэмэ эбит. Баччаларга булчуттар тайахха хаамар кэмнэрэ буолар. Ол курдук бу булчуппут эмиэ тайахха хаама сылдьыбыт. Биир улахан толоону ааһан тыаҕа киириитигэр, эмискэ хара суор баар буола түспүт. Булчут урут экспедиция нууччалара тыаны солообут суолларынан быһа үрэххэ барар санаалаах эбит. Ону баара, биир суор кэлэн иннигэр көтө былаастаан сылдьан хааҕырҕаан бөҕө буолбут. Үрэх диэки барар суолунан туох да иһин ыытыан баҕарбаттыы хааҕырҕаабыт. Хайдах эрэ «бу манан барыма» диэбиттии көрдөһөр курдук эбит. Маны таһынан өрө көтөн тахсан тыа уҥа өттүн батара үһү. Булчут, иһигэр «арааһа, эһэкээним тайахха сирдиир быһылаах» дии санаат, суору батыспыт. Чаас кэриҥэ эккирэппитин кэнниттэн суора ханна барбыта биллибэккэ, эмискэ көстүбүтүн курдук сүтэн хаалбыт. Ити итинэн ааспыт.
Кэлин, нэдиэлэ кэриҥэ буолан баран, булчут били нууччатын суолунан үрэххэ барбыт. Ол иһэн тыатааҕы суолугар кэтиллэ түспүт. Онно баар биир тиити туох да ынырыктык баппаҕайынан хайыта тыыппыт тыҥыраҕын суола баара үһү. Булчут кэтээн көрбүтэ, оруобуна нэдиэлэ анараа өттүнээҕи быһылаан эбит. Эмискэ били суорун өйдүү биэрбит. Суор барахсан, киҥэ-наара холло сылдьар тыатааҕылыын көрсүһүннэримээри, булчуту аралдьытан туора илдьэ бардаҕа.
Арай, ити кэмҥэ булчут суору улахаҥҥа уурбатах буоллун? Туох быһылаан тахсара биллибэт этэ.
Дойду иччитэ
Е. Егоров, Амма улууһа:
–Биир сыл сүөһүлэрбитигэр от сиэтээри Чурапчыттан хас да ыал буолан Нуотараҕа, Чэллэм диэн үрэххэ киирбиппит. Онно кыстаабыппыт. Хаалбыт эргэ дьиэни өрөмүөннээн, урут уот сиэбит, сүөһү бөҕө өлбүт хотонун оннугар саҥа хотон тутан кыстаабыппыт. Хотоммут дьиэҕэ салгыы турар буолан, оһох кэннинэн хотоҥҥо киирэллэрэ. Дьиэбит биир муокастааҕа. Оҕолор киэһэ аайы этэрбэстэрбитин оһох холумтанын тула куурда уурарбыт. Сарсыарда кэтээри гыннахпыт аайы тобус-толору чох, бурдук, оннооҕор долбуурга турар лэппиэскэ кытары угуллубут буолара. Сарсыарда ахсын ким этэрбэһигэр төһө элбэх сээкэй хааламмытын көрөрбүт-истэрбит. Хата, биһиэхэ туох да аралдьыйара суох дьоҥҥо, күн ыһыаҕа этэ. Улахан дьон киһини көрөллөрүн кэпсэтэллэрэ, ардыгар били көстүбэт киһибит туттар маллары кистээн кэбиһэрэ.
Сайын атын учаастакка баран сайылаабыппыт. Онно ийэм аах хотоҥҥо сырыттахтарына, кыра балтыбын көтөҕөн, дьукаах кыыспыныын түннүгүнэн одуулаһа турдубут. Таһырдьа олбуор муннугар ыалбыт сэбиэт бэрэссэдээтэлин миинэр ата мэччийэ сылдьара. Арай ол ат үрдүнэн былыргы саха дьахтарын төбөтө устан ааста, сирэйин маҥан былаатынан бобуонньуктуу бааммыт, салгыҥҥа өр соҕус көһүннэ. Ону көрөөт, тутатына улаханнык ыалдьан охтон хаалбыппын. Дьоннорум хоско ороҥҥо сытыаран баран таһырдьа тахсыбыттар. Онно көрдөхтөрүнэ, түннүк аттыгар сүрдээх улахан сирэйдээх, уһун ньолбоҕор харахтаах дьэс кыһыл киһи турар үһү. Мин эмиэ онтон өйө суох барбыппын. Ол курдук түүнү быһа кулун курдук мөхсөн, сарсыарда сүүрэн хаалбыппын.
30-с сылларга бу сиргэ сылгы пиэрмэтэ тэриллэн, хас да сиринэн нууччалыы тутуу бөҕө барбыт сирэ буолан, олус улахан сылгыга анаммыт хотоннор бааллара. Биир чугас хотоҥҥо ынахтарбытын ыырбыт. Биир киэһэ эдьиийбиниин ынах баайа сылдьан, хос долборугар куп-кугас баттахтаах, мап-маҥан оҕону көрдүм. Ийэттэн төрүү сыгынньах. Долборуктан туран иһэн, ынчыктаан баран сытынан кэбистэ. Куттанаммын эдьиийбэр сүүрэн тиийдим. Сарсыҥҥы күнтэн ыла тарбыйахтарбыт аҕылыыр ыарыыга ыалдьан, өл да өл буоллулар. Билигин сэрэйдэхпинэ, арааһа, тарбыйах абааһытын көрбүппүн быһыылаах.
Сайын дьэдьэннии бардыбыт. Дьэдьэнниир сирбит күрүө-хаһаа бөҕөтө. Тиийэн, күрүөбүтүгэр туох эрэ куһаҕан таҥас ыйанан турарын көрөөт, олус куттанан куотан кэлээхтээтибит. Биһиги аттыбытыгар били сэбиэппит бэрэссэдээтэлэ олороро. Кинилэргэ кэргэнин быраата 20-лээх улаханнык ыалдьар оҕо баара. Арыт таах сытан тахсара, арыт турдаҕына ийэбин кытта кэпсэтэрэ. Биирдэ кини биһиэхэ дьэдьэннээх сир булбутун туһунан кэпсээтэ уонна онно илтэ. Ыраас баҕайы хочо саҕатыгар дьэдьэн бөҕө үүммүт, бөдөҥ да бөдөҥ. Биһиги икки-үс күн көҥүл ыллаан-туойан, дьэдьэн бөҕөнү үргээтибит. Ол сырыттахпытына биир кыыспыт мэнэрийэн ыллыыр буолла. Онтон сылтаан ийэбэр үҥсүү киирбит. Оҕолор дьэдьэннии сылдьан айдааран, ол дойду иччитин хомоппуттар быһыылаах диэн. Онтон ыла биһиги олох айдаарбакка уоруйах курдук сылдьар буоллубут. Бу сир иччитэ биирдэ ынах хомуйа сылдьар дьахтарга көстүбүт үһү. Хайа үрдүгэр наһаа үчүгэй куоластаах дьахтар ыллаан дьиэрэппит. Кинини дойду иччитэ диэн кырдьаҕастар кэпсииллэрэ. Дьэдьэннии сылдьан наһаа айдаарбыппыт. Сир иччитин хомотон кыыспыт ыалдьыбыта буолуо. Онтон ыла сиргэ-уокка мээнэ айдаарбаппыт.
Кырдьык, былыргы өтөхтөр, дьон олорбут сирдэрэ иччилээхтэр, сибиэннээхтэр. Онтон да атын дьиктилэр көстүтэлииллэр.