31.05.2021 | 18:45

Ийэ буолуу уонна оҕо боппуруостарынан гражданнары кытта көрсүһүү нэдиэлэтэ саҕаланна

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

СӨ Доруобуйа харыстабылыгар министиэристибэтигэр ыам ыйын 31 күнүттэн  бэс ыйын  4 күнүгэр диэри, аан дойдутааҕы Оҕо көмүскэлин күнүн чэрчитинэн, Бүтүн Арассыыйатааҕы ийэ буолуу уонна оҕо боппуруостарынан гражданнары кытта көрсөр нэдиэлэни биллэрдэ. 


Көрсүһүү нэдиэлэтин «Биир ньыгыл Арассыыйа» партия Саха сиринээҕи уопсастыбаннай приемнайа, дьокутааттар, министиэристибэлэр уонна биэдэмистибэлэр, ол иһигэр доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин бэрэстэбиитэллэрэ тэрийэн ыытыахтара. 
Эпидемиологическай быһыыны-майгыны учуоттаан туран, көрсүһүү дистанционнай көрүҥүнэн барыаҕа. 
Гражданнар ыйытыктарыгар специалистар сарсыарда 10 чаастан 12 чааска диэри  уонна 14 чаастан 16 чааска диэри 8-964-428-84-49 төл. хоруйдуохтара.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...