Ия Прохорова: «Туох барыта үтүө сыһыантан саҕаланар!»
Кини сырдык уонна хорсун санаатын, эрчимнээх уонна сэргэх үлэтин, далааһыннаах уонна айымньылаах сырыыларын куруук хайгыы көрөрүм. Арыт Сахабыт сиригэр маннык дьонноох буоламмыт атыттартан эрэ ураты, уһулуччу дьылҕалаахпыт диэх санаам кэлэр. Дьахтар намчы санныгар сүктэриллибит улахан эппиэтинэс, ыччаты дьоһун дьон оҥорор халбаҥнаабат сорук, тулалыыр эйгэни киэргэтэргэ анаммыт олох – бу барыта мин бүгүҥҥү кэпсээним дьоруойа Ия Прохорова дьылҕатын сүрүн олуктара.
Холоруктуу ытыллар үлэ үөһүгэр сылдьан, уруккуттан чугастык билсэр эрээри, бу иннинэ анаан-минээн олорон сэһэргэспит диэн суоҕа. Арай сайыҥҥы кэмҥэ быыс булан, чуумпу киэһэлэргэ сарсыҥҥыны салайсар истиҥ кэпсэтиилэрбит арыт кэҥээн, ис хоһооннонон, ситим-ситим холбоһон, дириҥээн иһэр курдуктар…
Дьокуускай куорат 7 №-дээх орто оскуолатыгар өр сылларга баһаатайынан, тэрийээччинэн, онтон кэлин завуһунан эҥкилэ суох үлэлии сылдьар биир бастыҥ көрдөрүүлээх педагог Ия Егоровна Прохорова туһунан сэһэргиэхпин баҕардым. Кини бэйэтин туһунан кэпсиирин, киэҥ эйгэҕэ тахсарын соччо биһирээбэт, наадалааҕынан да аахпат курдук. Ити олус сэмэй уонна көнө киһи майгыта буоллаҕа... Оттон үлэҕэ, уопсастыбаннай дьаһалларга, биитэр тэрээһиннэргэ биир бастакынан кыттыһар, үксүгэр көҕүлээччи, тэрийээччи, түмээччи быһыытынан ордук суолталанар күндү коллегабыт оҕо, ыччат туһугар анаммыт олоҕун кэрчиктэрин сэгэтэн билиһиннэрэргэ соруннубут. Кини курдук тэтимнээх, дьоһуннаах уонна таһаарыылаах үлэлээх дьон атыттарга, ордук эдэр педагогтарга, төрөппүттэргэ, холобур, тирэх уонна сирдьит буолаллара саарбаҕа суох.
Олоххо, үлэҕэ бэйэ холобурунан
«Төрөппүт оҕолоругар мэлдьи холобур буолар» диэн санаанан салайтаран, бүгүҥҥү кэпсээним аан тыла арыллар. Ия Егоровна төрөппүттэрин туһунан олус истиҥник ахтар. Аҕата Захаров Егор Алексеевич өрүү үлэ үөһүгэр сылдьара, холкуос, онтон Орто Наахара сопхуос бэрэссэдээтэлинэн, салгыы Ленскэй сопхуос рабочкомунан, кэлин Орто Наахаратааҕы почта начальнигынан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри үлэлээбит. Ийэтэ Терешкина Фаина Васильевна Орто Наахара оскуолатыгар балайда өр кэмҥэ учууталлаабыт. Ия кыра эрдэҕиттэн үлэттэн туора турбат, үөрэххэ көхтөөх, чиэһинэй, эппиэтинэстээх, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буола улааппыт. Идэбин таларбар ордук ийэм сабыдыаллаабыта диэн кэпсиир. Күнү быһа оскуола-дьиэ икки ардыгар мэскэйдэнэн, оскуола үлэтигэр кыралаан көмөлөһөн, ийэтэ салайар кылааһыгар сыстан, улам учуутал идэтигэр сыстан барбыт.
- Ордук ийэм үөрэппит оҕолоро сайыҥҥы кэмҥэ биитэр уоппускаҕа учууталларыгар кэлэн чэйдээн, сонуннарын кэпсээн бараллара мин харахпар наһаа истиҥник көстөрө. Кырдьык, учуутал идэтэ олус махталлаах, үтүө түмүктээх эбит дии санаабытым. Ону тэҥэ хас биирдии оҕо дьылҕатыгар сабыдыаллыыр, сайдыытыгар-ситиитигэр олук уурсар буолан, үрдүк эппиэтинэстээҕин эмиэ тута өйдөөбүтүм.
Ол кэмҥэ быһаарыммыт бигэ соруга туолан, 8 кылаас кэннэ Ия Дьокуускайдааҕы 1 №-дээх педучилище оскуола салаатыгар тута үөрэнэ киирбитэ. Бииргэ төрөөбүт үс убайа СГУ-га учуутал идэтигэр үөрэммит буолан, маны тэҥэ аҕатын балта нуучча тылын учуутала С.А. Захарова-Неустроева үөрэх эйгэтигэр ураты сыһыаннара кынаттаан, Ияны салгыы Красноярскайдааҕы педагогический институкка ыыталлар.
Үрдүк үөрэҕи баһылаан, эдэр исписэлиис буолан, Дьокуускайга 7 №-дээх оскуолаҕа ананан кэлэн, 1983 сылтан айымньылаах үлэтэ саҕаланар. Бастакы сылларга алын кылаас учууталынан, онтон кэлин наар баһаатайынан, тэрийээччинэн, оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин салайааччытынан олус таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ.
Ия Егоровна бэйэтин төрөппүттэрэ иитиигэ үтүө үгэстэрин тирэх оҥостон, оҕо бэйэтин баҕатын, кыаҕын учуоттаан, социальнай хабааннаах бырайыактарынан тэрийбит үлэтэ өрөспүүбүлүкэҕэ, Арассыыйаҕа биһирэнэр таһымҥа таҕыста. Маныаха кини оҕолору, педагогтары, төрөппүттэри, дьиэ кэргэни кытта алтыһарыгар бэйэтин холобурунан салайтарар буолан, үлэтин түмүгэ ордук ылыннарыылаах, олохтоох уонна дириҥ суолталаах.
Үтүө санаа баһыйар буоллаҕына
Ия Егоровна 2000 сылтан СӨ оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун этиитинэн «ДИМСИ» (детские и молодежные социальные инициативы) Бүтүн Арассыыйатааҕы уопсастыбаннай тэрилтэ Саха сиринээҕи салаатын арыйан оскуолатыгар саҥа тыыны киллэрбитэ. Кини этэринэн, иитии хайысхаларыттан баһылыыр, сүрүннүүр суолталааҕынан оҕоҕо үтүө сыһыаны олохсутуу буолуохтаах. Кырдьык, бэйэ бэйэҕэ эйэҕэс мичээртэн, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах, кыһамньылаах сыһыантан норуот, дьон аймах, бүтүн аан дойду олоҕо, хардарыта дьайсыыта, алтыһыыта тутулуктаах.
Бары алдьархай үтүө, аһыныгас санаа суоҕуттан, таптал тутахсыйыытыттан тахсарын өйдөтөр аналлаах үлэни оскуолаҕа уонна куорат иһигэр олохсутуу, тэрийии сүрүн сорук быһыытынан тахсар. Маныаха «добровольчество» диэн билиҥҥи кэмҥэ киэҥ сэҥээриини ылбыт үтүө санаа хамсааһынын өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан сэттис оскуола саҕалыыр. Маҥнай утаа Дьокуускайдааҕы педколледж устудьуоннара уонна социальнай педагогтары бэлэмниир хайысха салайааччыта Т.М. Ильина улахан көмөнү оҥороллор. Устудьуоннар практикаларын кэмигэр араас тэрээһиннэр, бырайыактар сүрүннэнэллэр.
«ДИМСИ» оҕо уопсастыбаннай түмсүүтүн маҥнайгы бөлөҕүн кыттыылаахтара «Помоги ближнему» аахсыйа чэрчитинэн «Солнышко» оҕо дьиэтигэр, Хатастааҕы ыарахан иитиилээх оҕолор тэрилтэлэригэр хардары тэрээһиннэри, кэнсиэртэри тэрийэр буолбуттара, бырааһынньыктарга бэлэхтээх тиийэн оҕолору эҕэрдэлиир дьаһаллара үтүө үгэскэ кубулуйбута. Салгыы хамаандалара халыҥаан, оҕолор балайда уопутуран тас эйгэни кытта алтыһарга дьулуспуттара. Дьокуускай куорат Киин уокуругун бэтэрээннэригэр, Пушкин уулуссатыгар аһыллыбыт социальнай дьиэлэр олохтоохторугар көмөнү оҥорор буолбуттара. Маныаха «мобильнай биригээдэ» тэриллэн, дьиэнэн сылдьан, үлэ, тыыл, сэрии бэтэрээннэригэр сылы эргиччи болҕомто уурар кыах баар буолбута.
- Ордук күһүн, саас анал нэдиэлэлэри биллэрэн, күргүөмүнэн сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Араас хайысхалаах интэринээт-оскуола иитиллээччилэригэр, холобура, мөлтөхтүк көрөр-истэр оҕолору таһырдьа таһааран оонньотолоон, араас аахсыйалары уонна флешмобтары тэрийэн үҥкүүлэтэн, дьарыктаан, тас эйгэлэрин кэҥэтэргэ үлэлэһэбит.
Сылтан сыл «ДИМСИ» хабар аадырыһа, дьонун ахсаана элбээн иһэр. Оскуола уонна урукку сылларга үлэлээн ааспыт учууталлар алтыһыыларын, ситимнэрин быспат сыалтан «Внимание, почет и уважение» диэн анал аахсыйаны төрүттээбиттэрэ. Күһүн, Учуутал күнүн чугаһыгар, сир аһын, хортуоппуйу, атын да оҕуруот аһын хомуйан, бэлэх уунан, үгүстүк үөрдүбүт түгэннээхтэр.
«Протяни руку помощи», «Ветеран живет рядом», «Помоги собраться в школу» диэн социальнай хайысхалаах бырайыактара инники күөҥҥэ сылдьаллар. Сүрүн болҕомтону элбэх оҕолоох уонна кыаммат ыалларга уураллара киһини үөрдэр. Сылаас таҥаһы, баайыы үтүлүктэри уонна бэргэһэлэри, дьиэҕэ туттуллар малы-салы, бородууктаны хомуйан, наардаан, суумкалаан, кэһии оҥостон, илиинэн открытка уруһуйдаан, истиҥ тыллардаах хоһоон айан, кэнсиэр бэлэмнээн улахан хамаанданан тиийэллэрин шефтээх тэрилтэлэрэ мэлдьи күүтэллэр. Кыра да көмө, арыт аҥаардас үтүө тыл кэмигэр уонна миэстэтигэр олус суолталааҕын оҕолор кыраларыттан өйдүү үөрэнэллэр.
Иитии эйгэтэ тэриллиэхтээх
«Оҕо үтүө санааттан кыһалҕалаахтарга, алдьархайга түбэспиттэргэ биирдэ эмэ илиитин утары уунан көмөлөспүт буоллаҕына, бу оҕоттон үчүгэй киһи тахсыа», – диэн бигэ санаалаах бүгүҥҥү ыалдьытым. Ол иһин даҕаны, Ия Егоровна эдэр сааһыттан сэргэх бырайыактарынан, дьаһалларынан, тэрээһиннэринэн оҕо иитиллэр, сайдар, алтыһар, дьайсар, бодоруһар эйгэтин тэрийиигэ олоҕун анаан кэллэ. Кини оскуола иһинэн эрэ буолбакка, тас эйгэҕэ тахсан, оҕо уопсастыба толору чилиэнин быһыытынан сананан, кыаҕын ыларыгар, сатабылларын, талааннарын арыйарыгар сөптөөх усулуобуйаны олохтуурга кыһаллар.
- «ДИМСИ» оҕо тэрилтэтин сүрүн бириинсибинэн «атыттарга көмөлөһөн, бэйэҕэр көмөлөһөҕүн» диэн бэргэн этии буолар. Оҕо саас, кырдьык, өрүү сырдык, сылаас, дьоллоох… Ол эрэн олоххо барыта көнө, чэпчэки буолбат. Оҕо улахан дьону, буола турар быһыыны-майгыны көрөн улаатар. Ыарыһах, соҕотох хаалбыт, иэдээҥҥэ түбэспит биһиги ортобутугар элбэх… Маны барытын тирии таһынан аһардыбакка, оҕону харыстыыбыт диэн күөйэ туппакка, аһыныгас, болҕомтолоох буоларга иитэ-такайа сатыыбыт. Дьоммор-сэргэбэр көмөлөстөрбүн, алдьархайтан көмүскэстэрбин диэн улааталларын ситиһиэхтээхпит.
Кыһалҕаны, ыарахаттары билбит, билсибит киһи атыҥҥа, үчүгэйгэ да сыһыана олох атын буолар ээ. Дьоҥҥо, тулалыыр эйгэҕэ кыһамньылаах, уопсай үлэҕэ түмсүүлээх, эйэлээх. Соҕотоҕун буолбакка, биэс буолан ылыстахха, үлэ таһаарыылаах, түмүктээх буоларын бигэтик өйдүүр кыахтаналлар. Бэйэ бэйэни ситэрсии, көмөлөсүһүү, өйөһүү, убаастаһыы курдук сүрүн өйдөбүллэр чиҥник иҥэллэр.
Үлэҕэ түмсүүлээх, тэрээһиннээх буолуу ирдэбиллэрэ тахсан кэлэллэр. Араас албастар, саҥа санаалар, толкуйдар үөскүүллэр, лидер хаачыстыбалара олохсуйаллар. Быһатын эттэххэ, лидердэр сөптөөх усулуобуйаҕа сайдыахтаахтар, ситиэхтээхтэр, быһаарыллыахтаахтар. Кылааска олорон учуутал эппитинэн буолбатах!
Ол иһин буолуо, Ия Егоровна оҕолорун батыһыннаран, араас куонкурустарга, лааҕырдарга, хомуурдарга, конференцияларга илдьэ сылдьан сайыннарар, таһымнарын үрдэтэр үтүө үгэстээх. Ханна-ханна тиийбэтэхтэрэй, миэстэлэспэтэхтэрэй, хайҕамматахтарай… Элбэхтэн биири холобурдуур буоллахха, Андрей Иванов, Саша Пчелкин өрөспүүбүлүкэ эдэр салайааччыларын «МИНИИСТИР» дьылабыай оонньуутугар кыттыбыттара, кыайбыттара да туоһулуур.
«ДИМСИ»-лэр инники күөҥҥэ
Ия Прохорова салалталаах Саха сирин «ДИМСИ» оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтэ 20 сыл иһигэр өрөспүүбүлүкэҕэ уһулуччу үлэлээх-хамнастаах, дойду таһымыгар биһирэнэр көрдөрүүлээх буола үүнэн-сайдан таҕыста. Биллэн турар, үтүө тылларынан сыана быһыы, хайҕал уонна махтал бэлиэлэрэ түргэнник уонна чэпчэкитик кэлбэттэр. Элбэх сыраттан, дууһаны, бириэмэни, бэйэни ууран туран үлэлииртэн тахсара саарбаҕа суох. Дьоҥҥо туһалаах, суолталаах бырайыактары сүрүннүүртэн, оҕо кутун тутан эрэллээх аргыс буолартан, махталлаах, ситиһиилээх ыччаты сирдииртэн, чиэһинэй, истиҥ сыһыаннаах олохтоох буолартан учуутал, педагог, салайааччы барахсан дьоллоноро, кистээн сэмэйдик үөрэрэ ханна барыай?!
Ия Егоровна 2013 сыллаахха Ил Дархан Е.А. Борисов өйөбүлүнэн тэриллибит «Дьулуур» оҕо биир сомоҕо хамсааһынын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ. Кини практическай уопута, профессиональнай көрүүлэрэ саҥа бырагырааманы уонна сүрүн докумуоннары оҥорорго олук буолбуттара. Онтон 2017 сыллаахха В.В. Путин ыйааҕынан «Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр хамсааһыннара» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо-ыччат тэрилтэтэ олохтонуутугар Ия Егоровна сэттис оскуола базатыгар Саха сирин пилотнай балаһааккатын салайааччытынан ананан кэскиллээх үлэни сүрүннүүр.
Быйылгы патриотическай тыыннаах «Геройдарбытын тоҕо билбэппитий?» диэн добровольческай бырайыактара Сэбиэскэй Сойуус Геройа Г.И. Шавкунов үтүө аатын үйэтитиигэ анаммыт. Сахабыт сириттэн герой буолбут дьонтон сорохторун ааттара киэҥник иһиллибэтэ, кэлэр көлүөнэҕэ кыра да билии иҥмэтэҕэ, кырдьык, олус хомолтолоох. Оҕолор холобур буолар дьон олоҕун хасыһар үөрэтиилэрэ, чинчийиилэрэ, ол туһунан документальнай киинэ устуулара, түмэл, быыстапка, өйбөбүнньүк дуоска оҥоруулара сүрдээх үчүгэй бырайыак буолан, СӨ оҕолорун уопсастыбаннай холбоһуктарын сойууһун көмөтүнэн Ил Дархан 2020 сылга биллэрбит Гранын кыайыылааҕынан буоллулар. Маны таһынан «Доброволец России» Бүтүн Арассыыйатааҕы добровольческай көҕүлээһин куонкуруһун региональнай түһүмэҕин кыайыылааҕынан ааттаннылар. Салгыы уокуруктааҕы уонна федеральнай таһымнарга киирсэр кыахтаннылар.
Ия Егоровна оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин кыаҕын, бары араҥа оҕоҕо тиийимтиэ уонна интэриэһинэй үлэ формаларын иитии систиэмэтигэр табыгастаахтык дьүөрэлээбит улахан өҥөлөөх. Куурустарга, семинардарга, конференцияларга кини уопута, моделлара, бырайыактара, новатордыы ньымалара киэҥ сэҥээриини ылаллар. Бириинчиктээбэккэ, утарбакка, атыҥыраабакка, кэм ирдэбилин батыһан, аныгы ыччат баҕатын толорон, сүрдээх тыыппалаахтык аттаран, биирин бииригэр холбоон, тупсаран бастыҥ иитии-сайыннарыы эйгэтин олохтоото дии саныыбыт.
- Оҕолорум ыырдарын, санааларын, толкуйдарын кэҥэтэн атын куораттары, дойдулары кытта алтыһыыны тэрийэр буолбутум. Краснадарскай кыраайга «Орленокка», Алтаайга «Норуоттар икки ардыларынааҕы дэриэбинэҕэ», Казахстаҥҥа «Жулдызка», Забайкальскай кыраайга «РЮЗ»-тарга, Москваҕа «ДИМСИ»-га, «СПО-ФДО»-ҕа, «РДШ»-ҕа оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр ыытыллар бары тэрээһиннэргэ кытта сатыыбыт. Тэҥҥэ сайдабыт, уопут атастаһабыт, холбоһуктаах бырайыактары сүрүннүүбүт. Кореянан, Япониянан, Европа куораттарынан сынньалаҥнары, айаннары тэрийбиппит оҕо саас умнуллубат түгэннэрэ буолбуттара.
Идэни таптыахха
«Учуутал, педагог буоларга санаммыт, оскуолаҕа киһини оҥорон, чочуйан таһаарар «фабрикаҕа» кэлэр исписэлиис бу эйгэ ураты тыыныгар эрдэттэн бэлэм буолуохтаах», – диэн санаатын үллэстэр уопуттаах педагог Ия Прохорова. Бириэмэни аахсыбакка, атыҥҥа аралдьыйбакка, өйү-санааны ыспакка, бэриниилээхтик, ис дууһаттан үлэлээтэххэ эрэ оҕо кутун тутар, киниэхэ үтүө өттүнэн дьайар, элбэххэ, саҥаҕа үөрэтэр кыах үөскүүрүн бары да билиэх уонна оннук сыһыаннаһыах тустаахпыт.
- Оҕо араас-араас буолар. Интэриэһэ, баҕа санаата, кыаҕа. Маныаха барытыгар сөп түбэһэн иһиэххин наада, киниттэн хаалсыбат гына бэйэҕин бары өттүнэн сайыннара, байыта сылдьыахтааххын. Оҥорору хаачыстыбалаахтык толоруохха, ылсыбыты тиһэҕэр тиэрдиэххэ наада. Тапталынан, чэпчэкитик, үөрэн-астынан туран. Оччоҕо эрэ оҕо эн үөрэххин ылынар, үтүктэр, холобур оҥостор, киэн туттар кыахтанар.
Ия Егоровна үтүө санаанан, айыы тапталынан салайтаран үлэлээбит, кэнчээри ыччат сайдарын, оҕо дьон киһи киэнэ кэрэтэ буолан тахсалларын туһугар киллэрсибит дьоһун кылаата, бэйэтин олоҕун холобурунан сырдыгы сахпыт истиҥ олоҕо кэпсэниэхтээх, дьоҥҥо-норуокка тарҕаныахтаах дии саныыбын. Үтүө дьон үксүүрүн туһугар, бэриниилээхтик, айымньылаахтык үлэлиир эдэрдэр дэлэйэллэрин туһугар, сэргэх, сонун, наадалаах бырайыактар олохтоноллорун туһугар, тулабыт сырдыырын, дойдубут сайдарын туһугар!
АНДРЕЙ ИВАНОВ, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ 3 кууруһун устудьуона, «ДИМСИ» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин Саха сиринээҕи салаатын 2013-2019 сылларга лидерэ:
- Ия Егоровна үгүс ыччакка үтүө холобур буолар. Киһи киэнэ кэрэтэ, ылбаҕайа, бастыҥа диэн, дьэ, кырдьык, кини. Өрүү үөрэ-көтө, саҥаны тобула, кэрэни кэрэхсии сылдьар буолан, кинини олус чугастык уонна истиҥник ылынабыт. Бэйэтэ туспа суоллаах-иистээх, ураты көрүүлээх, үлэҕэ түмсүүлээх, эйэлээх буоларга сирдиир ньымалара биһиэхэ, иитиллээччилэригэр, үөрэх буолан иҥнэхтэрэ... Барыбытыгар даҕаны олус кыһаллара, хас биирдиибитигэр биэрбитэ, сыһыарбыта, хайысхалаабыта диэн олус элбэх буоллаҕа! Ол билигин салгыы үөрэнэрбитигэр, устудьуон уопсастыбаннай олоҕор, бары тэрээһиннэргэ кыттарбытыгар, бэйэбит олохпутун оҥосторбутугар олус туһалыыр. Уһуйааччыбыт Ия Егоровна тус олоҕун, бары бириэмэтин, үгүс сыратын ууран туран үлэлииир хайысхатын сыаналыыбыт, ситиһиилэриттэн тэҥҥэ үөрэбит, хайдах кыалларынан куруук көмөлөһө сатыыбыт.
СЕРГЕЙ ТЕТЕРСКЭЙ, «ДИМСИ» Бүтүн Арассыыйатааҕы оҕо уопсастыбаннай тэрилтэтин төрүттээччитэ уонна салайааччыта, Арассыыйа норуоттарын ассамблеятын сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, педагогическай наука доктора, профессор:
– Ия Егоровна - уһулуччулаах педагог, сатабыллаах салайааччы уонна тэрийээччи, амарах ийэ, тапталлаах кэргэн, эрэллээх доҕор, коллега. Кини оҕо аймах дьоллоох, үрдүк култууралаах, төрөөбүт түөлбэтин ытыктыыр, дьоҥҥэ-сэргэҕэ кыһамньылаах буоларын туһугар үлэлээн-хамсаан кэллэ. Педагог быһыытынан ордук оҕону,ыччаты, төрөппүттэри, социальнай партнердары кытта бодоруһар ньымаларын хайгыы көрөбүт. Сылайар, бытаарар, эрэйдэнэр диэни хаһан да билбэтин сөҕөбүт. Аны туран, олорон ылбат үгэстээх, куруук саҥаттан саҥа тэрээһиҥҥэ, бырайыакка, түмсүүгэ тэтимнээхтик уонна хорсуннук ылсан иһэриттэн астынабыт. Кини оҕолорго эрэ учуутал, уһуйааччы, сүбэһит буолбатах. Эдэр педагогтарга, завучтарга, оҕо тэрилтэлэрин салайааччыларыгар солбуллубат настаабынньык, куратор, лектор… Ия Егоровна курдук дьон баар буолан, Саха сирэ сарсыҥҥыга эрэллээх, сайдар кэскиллээх!
Геннадий Охлопков,
СӨ ыччат уонна оҕо уопсастыбаннай тэрилтэлэригэр тирэх буолар ресурснай киин дириэктэрэ, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ