Иван Васильевич Попов 150 сааһа
Иван Васильевич Попов Таатта улууһун Ытык Күөлүгэр 1874 с. аҕабыыт дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Петербурга биллиилээх худуоһунньук А.В. Маковскай мастарыскыайыгар үөрэнэн, сахалартан бастакы идэтийбит худуоһунньук буолар. Иван Васильевич итини сэргэ фотограф, чинчийээччи быһыытынан уонна эмтиир дьоҕурунан киэҥник сураҕырбыт.
“Талыллыбыт айымньылар” быыстапкаҕа худуоһунньук баай нэһилиэстибэтиттэн киирбит 90 экспонат иһигэр “Ойуун” (1926), “Ньирэй” (1926), “Дьокуускай XVII үйэ бүтүүтүгэр” (1928) диэн биллэр үлэлэрэ турбуттар. Ону таһынан режиссер Любовь Борисова “Кэрэни көрбүт” киинэтигэр анаан оҥоһуллубут реквизиттары көрүөххэ сөп.
Влада Тимофеева, Национальнай ойуулуур-дьүһүннүүр түмэл дириэктэрэ:
— Биһиги икки үйэ кирбиитигэр олорон ааспыт улуу худуоһунньукпут, Саха сирин ойуулуур-дьүһүннүүр искусствотын төрүттээбит Иван Васильевич Попов быыстапкатын арыйдыбыт. Иван Попов аҕабыыт оҕото буолан, православие биир сүрүн тирэҕэр — дьоҥҥо таптал иэйиитигэр иитиллэн, ону кытта саха култууратыгар уһуйуллан, орто дойдуга кэлбит анала бэйэтин кэнниттэн ураты нэһилиэстибэни хаалларыы буоларын өйдүүрэ.
Галина Софронова, быыстапка куратора:
—Иван Попов нуучча, саха култуурата, ону таһынан идэтийбит академическэй оскуола алтыһар эйгэлэригэр олорон үлэлээбит улуу худуоһунньук. Ону сэргэ кини айымньылара икки эпоха быһа охсуһууларын энергетикатын илдьэ сылдьар уратылаахтар. Иван Васильевич олоҕун, айар үлэтин туһунан аахтахха, үөрэттэххэ, чахчыта да, эмоциональнай охсууну ылаҕын. Ол төрүөтүнэн айбыт, хомуйбут нэһилиэстибэтин улахан аҥаара араас музейдарынан, институттарынан тарҕанан, ханна сүппүттэрэ биллибэт. Ол иһин «Талыллыбыт айымньылар» быыстапкабытын бэйэбит кэллиэксийэбитигэр баар айымньыларыттан таҥан оҥорорго быһаарынныбыт.
“Талыллыбыт айымньылар” быыстапка ыам ыйын 24 күнүгэр диэри НХМ быыстапкалыыр саалатыгар (Киров уул., 12, 2-с этээс, “Комдрагметалл” дьиэтэ) буола турар.