Итирик туруктаах суоппардарга буруйдааһын миэрэтэ кытаатта
Киин куорат прокуратурата иһитиннэрбитинэн, 2021 сыл бастакы аҥаарын түмүгүнэн, Дьокуускай уонна Жатай уокуруктарыгар буруйу оҥоруу – тырааныспары хаһыс да төгүлүн итирик туруктаах ыытыы ахсаана 6,2%, ол эбэтэр 129-тан 137-ҕэ диэри улааппыт.
РФ сокуонунан тырааныспары итирик туруктаах ыытыы уонна медицинскэй бэрэбиэркэни ааһартан аккаастаныы иһин административнай эппиэтинэс – 30 тыһ. солк. ыстараап уонна 2 сылга диэри ыытар быраабы быһыы көрүллэр (РФ КоАП 12.8 ыст.). Ити кэнниттэн тырааныспары итирик туруктаах ыытыы түбэлтэтэ таҕыстаҕына холуобунай эппиэтинэс – 200-тэн 300 тыһ. солк. диэри ыстараап, эбэтэр 480 чааска диэри күһэлэҥ үлэ, эбэтэр 3 сылы быһа тустаах дуоһунастарга үлэлээбэт буолуу уонна 2 сылга диэри көҥүлүн быһыы күүтэр. Ол да кэннэ киһи ити буруйу хаттаан оҥорор түбэлтэтигэр РФ ХК 264.1 ыст. санкция көрүллэр.
2021 сыл от ыйын 1 күнүттэн 258-ФЗ федеральнай сокуонунан, РФ ХК 264.1 ыст. итирик туруктаах тырааныспары ыыппыт эбэтэр итинник түбэлтэнэн инники өттүгэр сууттаммыт суоппардарга буруйдааһын миэрэтин кытаатыннарар туһунан уларыйыылар киирдилэр.
Ол курдук, РФ ХК 264.1 ыст. ситэриллэн холуобунай эппиэтинэс туһунан иккис чаас эбиллибит.
Ити ыстатыйа санкцията – 300-тэн 500 тыһ. солк. диэри ыстараап, эбэтэр 2 сылга диэри үлэнэн көннөрүү, эбэтэр 3 сылга диэри көҥүлүн хааччахтааһын, эбэтэр 3 сылга диэри күһэлэҥ үлэ, эбэтэр 6 сылга диэри тустаах дуоһунастарга үлэлиирин бобон туран 3 сылга диэри көҥүлүн быһыы күүтэр.