29.02.2024 | 18:00

«IT-куб»: Роблокстан космос куйаарыгар тиийэ

2021 сылга Дьокуускайга “IT-куб” цифровой үөрэхтээһин киинэ арыллыаҕыттан куорат оҕолоро бу умсугутуулаах эйгэ аанын аһалларыгар бигэ тирэх үөскээтэ. Киин үөрэнээччилэрэ бүгүн Арассыыйа уонна дойдулар икки ардыларынааҕы таһымнаах күрэхтэргэ ситиһиини, биһирэбили ылаллар.
«IT-куб»: Роблокстан космос куйаарыгар тиийэ
Ааптар: Уйгулана БОЧОНИНА
Бөлөххө киир

“Куб” дьиэтигэр оҕо-уруу толору. Бастакы симиэнэ кэнниттэн кэлбиттэр түргэн-тарҕан соҕустук тас таҥастарын уста охсоот, көмпүүтэрдэрин диэки тиэтэйэллэр.

Василий Николаев, “IT-куб” салайааччытын солбуйааччыта:

— Өрөспүү-бүлүкэҕэ бастакы “IT-куб” Ньурбаҕа арыллыбыта, онтон Дьокуускайга, Мииринэйгэ баар буолбуттара. Сотору Аллараа Бэстээххэ өссө биир киин арыллара былааннанар. Биһиэхэ бастаан үлэлиирбитигэр 800 оҕо киирбитэ, билигин 2000-тан тахса оҕо 49 хайысханан дьарыктанар:  «Программирование на Python», «Программирование роботов», «Системное администрирование», «Основы алгоритмики и логики», «Разработка VR/AR приложений», «Web-разработка», «Графический дизайн» уо.д.а. Оҕолору кытта 20-чэ уһуйааччы үлэлиир, бары эдэр, эрчимнээх, анал үөрэхтээх исписэлиистэр.

Биһиги кииммитигэр 1-11 кылаас оҕолорун үөрэххэ ылабыт, сорохтор   кылааһынан тутуспутунан кэлэн дьарыктаналлар. Алын сүһүөх оҕолоругар “Роблокс”, “Scratch” оонньуу-платформа көмөлөрүнэн бырагыраама оҥоруутугар үөрэтэбит. Онтон сыыйа “Python”, “Java”, “C++” о.д.а. курдук арыый уустук хайысхаларга уһуйабыт. Ону таһынан саахымат, занимательнай математика, ГО оонньуу куруһуоктара бааллар. Бу куруһуоктар оҕо толкуйдуур дьоҕурун сайыннарар аналлаахтар. Биһиги нэдиэлэ устата сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үлэлиибит, ол иһин хас биирдии оҕо бэйэтигэр табыгастаах бириэмэтигэр кэлэн үөрэниэн сөп.

“IT-кубка” үөрэнэ киирэргэ туох да төлөбүр, куонкурус, эксээмэн суох. Баҕалаахтар атырдьах ыйын бүтүүтэ суруттараллар. Оттон сыл ортотуттан киирэргэ миэстэ тахсарын күүтүөххэ наада. Телеграм ханаалбытыгар оннук биллэриилэри өрүүтүн таһаарабыт.

Биир хайысхаҕа үөрэхпит 72 эбэтэр 144 чаастаах. Ол аата сылы быһа нэдиэлэҕэ биирдэ эбэтэр иккилиитэ 2 чаас үөрэнэллэр.

Эппитим курдук, кыра оҕолор сүрүннээн “Основы алгоритмики и логики”, “Scratch-программирование”, “Робототехника” уонна “Роблокс” хайысхалары интэриэһиргииллэр. Биллэн турар, бастаан үгүстэр оонньуу эрэ кэлэр курдук толкуйдаах буолаллар, оонньууну таһынан бырагыраама суруйарга үөрэнэллэрин кэлин дьэ өйдүүллэр. Оттон улахан кылаас үөрэнээччилэрэ “Python” уонна графика хайысхаларыгар киирэргэ дьулуһаллар.

Ону таһынан биһиги федеральнай таһымнаах үөрэх бырагыраамаларын тэрийэбит: Самсунг IT-оскуолата уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы “Код будущего” диэн дьоҕурдаах, талааннаах оҕолору сайыннарар саҥа бырайыак. Самсунг оскуолатыгар киирэргэ оҕолор информатикаҕа уонна математикаҕа тургутууну ааһаллар. Бу үөрэх түмүгэр “Java” көмөтүнэн смартфоҥҥа сыһыарыы оҥорон таһаараллар. Ону таһынан үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр эбии баал бэриллэр.

Биир ураты хайысхабытынан аэрокосмическай үөрэхтээһин буолар. Сыл аайы сайыҥҥы лааҕыр чэрчитинэн “Арктика уонна космос” диэн профориентационнай оскуоланы арыйабыт. Манна “Дистанционное зондирование” диэн хайысханан оҕолор спутник көмөтүнэн Сир үрдүн үөрэтэллэр. Аэрокосмическай оскуола үөрэнээччилэрэ олоххо туһалаах бырайыактары толкуйдаан таһаараллар. Холобура, биир оҕобут зондирование көмөтүнэн сокуоннайа суох кумах карьерын булан, Саха сирин Силиэстийэлиир кэмитиэтэ буруйдаахтары тутарыгар улахан көмө буолбута.

Атын киэҥ далааһыннаах үлэбитинэн “Королев ааҕыылара” научнай-практическай кэмпириэнсийэ буолар. Сайын лааҕырга бырайыак толкуйдаан, салгыы күһүн НПК-ҕа дакылаат оҥорон, сүүмэрдээһиннэри ааһан, саас регионнар икки ардыларынааҕы күрэхтэһиигэ кытталлар. Оҕолор үлэлэрин аэрокосмическай үөрэхтээх экспертэр (РИКСАТ, Роскосмос) кэлэн сыаналыыллар. Ону таһынан сыл аайы кэмпириэнсийэбитигэр космонавтар ыалдьыттыы кэлэллэр. Ааспыт сылга Арассыыйа Дьоруойа Олег Артемьев кэлэн, хайдах летчик-космонавт буолбутун кэпсээн, оҕолор интэриэстэрин тардыбыта. Быйылгы “Королев ааҕыыларыгар” летчик-космонавт Андрей Борисенко  ыалдьыттыаҕа. Онон кыттыан баҕалаахтартан кулун тутар 17 күнүгэр диэри сайаапкаҕытын кэтэһэбит.

Аныгы оҕо үксэ IT-хайысханы сэргиир буолан, каникуллар кэмнэригэр төлөбүрдээх куурустары эмиэ тэрийэбит. Холобура, буолаары турар сааскы сынньалаҥ кэмигэр “IT-Старт” диэн оскуоланы арыйаары  сылдьабыт. Онон баҕалаахтары ыҥырабыт, көрсүөххэ диэри диибит!

“IT-куб” киэҥ, сырдык, өстүөкүлэ истиэнэлээх хосторугар оҕолор көмпүүтэрдэргэ үлэлии олороллор. Ким эрэ уруһуйдуур, код суруйар, ким эрэ саайт оҥорор. Уһуйааччылар саҥа тиэмэлэри быһаараллар, хас биирдии ыйытыыга тута хоруйдууллар.

Алеша Текеянов, 8-с кылаас үөрэнээччитэ:

— Мин “Python” бырагыраа-малааһынынан дьарыктанабын. Бэнидиэнньик аайы оскуола кэнниттэн “IT-кубка” кэлэбин. Манна үөрэнэрбин сөбүлүүбүн, уһуйааччыларбыт ыарырҕатар түгэннэрбитин олус өйдөнүмтүө гына быһаараллар. “Python” тыла судургу, саҥа саҕалаан эрэр киһиэхэ барсар дии саныыбын. Кэнэҕэһин IT эйгэтигэр сыһыаннаах идэлээх киһи буолуохпун баҕарабын.

Дьулустаан Канаев, 11-с кылаас үөрэнээччитэ:

— Мин “IT-кубка” информатикаҕа Биир кэлим эксээмэни туттарарга бэлэмнэнэр сыаллаах кэлбитим. Тоҕо диэтэххэ инникитин инноватика өттүнэн идэтийиэхпин баҕарабын. Дьиҥэр, бу иннинэ химия уонна биология эксээмэннэрин туттарар былааннаах этим, онтон ол санаам уостан хаалбыта. Ол иһин ыксаан “IT-кубка” эбии бэлэмнэнэ киирбитим. Уһуйааччыларбыт бэркэ үөрэтэллэр, барытын тута өйдүүрбүттэн бэйэм да соһуйабын. Киин көмөтүнэн сыл аҥаарынан тургутар эксээмэннэри 60-70 баалга суруйар кыахтанным.

3D моделирование хоһугар оҕолор көмпүүтэрдэргэ пазл чаастарын кичэйэн уруһуйдууллар. Түннүккэ турар араас өҥнөөх Саха сирин каартата киһи хараҕын тардар. Сандал Прокопьевич миигиттэн: “Смартфонуҥ NFC-лаах дуо?”—диэн ыйыталаста уонна, бэйэтин төлөпүөнүн таһааран, Аллараа Халыма улууһугар чугаһатта. Экраҥҥа тута браузер арыллан, ыйбыт улууһун туһунан сибидиэнньэлээх хартыына таҕыста.

Сандал Обутов, “3D прототипирование с элементами изучения дронов” хайысха уһуйааччыта:

— “Саха сирин интерактивнай пазл-картата” диэн бырайыакпыт география, КНР(С)Я уруоктарыгар эбэтэр оҕо уопсай билиитин хаҥатарга  тоҕоостоох инструмент буолуон сөп. Манна хас биирдии улуус NFC бэлиэлээх уонна, смартфону чугаһаттахха, бу улуус туһунан «кэпсиир». Бу бырайыак туһунан үөрэнээччибит төрөппүтэ өй укпута, ону сайыннаран, Арассыыйатааҕы НПК-ларга кыттарга сүүмэрдээһини аастыбыт. Билигин салгыы хайдах үлэлиирбитин толкуйдуубут. Атыыга таһаарарбытыгар 3D-бэчээт ньымата олус бытаан, онон бэлэм халыыптарга эпоксиднай сымаланы кутан оҥорон көрүөхпүтүн баҕарабыт.

Ону таһынан кэлэр сылга GPS көмөтүнэн сылгылары кэтиир бырайыакка ылсар туһунан толкуйдуу сылдьабын. Урут GPS-һы повербанк көмөтүнэн иитэн сылгы моонньугар иилбиттэрин көрдөрбүттэрэ, кэнники ол туһунан туох да саҥаны истэ иликпит. Онон бэйэбит концепциябытын олоххо киллэриэхпин баҕарабын. Ол курдук, сылгы иитиитин уонна таһырдьа тымныы салгын быһа охсуһууларыттан тахсар энергиянан үлэлиир, GPS көмөтүнэн иитиллэр анал пластина толкуйдаан, сылгы ханна баарын хаһан баҕарар быһаарыахха сөп. Онуоха сылгы иитиитинэн дьарыктанар аймахтарым көмө буолуохтара диэн эрэнэбин.

Ол эрээри бу санааны кэлэр үөрэх дьылыттан НПК-ҕа кыттарга эрэ үөрэтиэхпит. Куһаҕана диэн, НПК-лар күһүн эрэ саҕаланаллар, оттон дьыл ортото номнуо өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар ыытыллаллар. Онон саҥа идеялары олоххо киллэрэргэ уустук.

Ол да буоллар саҥа идеялар, бырайыактар куруук бааллар. Оҕолор да, төрөппүттэр да сонун санаалары киллэрдэхтэринэ, ону сайыннарарга, олоххо киллэрэргэ көмөлөһөргө бэлэммит.

Бу 2 сыл иһигэр “IT-куб” Дьокуускай куорат оҕолоругар аныгы олоххо ирдэнэр идэлэри баһылыырга бастакы хардыыны оҥорорго эрэллээх акылаат буолары ситистэ. Киин уһуйааччыларыгар уонна үөрэнээччилэригэр салгыы улахан ситиһиилэри эрэ баҕарабыт.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
Дьон | 05.10.2024 | 14:00
Киин куоракка саҥа сквер тутуллуон сөп
2022 сыл кулун тутар 8 күнэ биһиэхэ ыар сүтүк күнэ этэ, ыраас халлааҥҥа этиҥ эппитинии аймаабыта: ыарахан ыарыы дьүөгэбит Ирина Елизарова сырдык тыынын ылан барбыта.   Чугас киhиҥ, дьүөгэҥ, доҕоруҥ суох буоллаҕына, биллэн турар, бастакынан үйэтитии туhунан санаалар киирэллэр эбит. Кини биллэр, бэйэтэ ааттаах-суоллаах, историялаах, сүгүрүйээччилэрдээх, истээччилэрдээх буоллаҕына, атыннык толкуйдуу да...
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Сонуннар | 04.10.2024 | 18:00
Сирэй-харах анньыбакка, күлүү-элэк оҥостубакка...
Ийэ тылын билбэт, төрүт үгэһиттэн тэйбит киһи өбүгэтин кытта ситимэ быстарын туһунан суруйдубут ини, суруйбатыбыт ини. Оттон оҕотугар төрөөбүт тылын иҥэрбэт төрөппүт бэйэтэ да билбэтинэн күҥҥэ көрдөрбүт көмүс чыычааҕын көтөр кынатын сарбыйар...  Бу иннинэ «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл...
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Сонуннар | 03.10.2024 | 21:38
Сыл тоҕус ыйыгар «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал 7,5 тыһыынча дьиэ кэргэҥҥэ бэриллибит
Арассыыйаҕа буола турар Оҕо саас сылын ааспыт тоҕус ыйыгар Саха сиригэр 7 499 ыал «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаалы тутта, диэн үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр иһитиннэрэллэр. Санатар буоллахха, Ил Дархан Айсен Николаев дьаһалынан өрөспүүбүлүкэ 100 сылынан олохтоммут «Үйэ оҕолоро» тус сыаллаах хапытаал биэс сылга уһатыллан, 2022 сыл тохсунньу 1...