Историяны сырдатыыга
Урут биһиги кумааҕыга суруллубут ахтыылары, хаартыскалары көрөр эбит буоллахпытына, билигин аудиовизуальнай, ол эбэтэр көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ куйаар ситиминэн урукку дьон хайдах тутта-хапта, таҥна-симэнэ, саҥара сылдьыбыттарын булан көрүөхпүтүн уонна истиэхпитин сөп.
Саха үгэһин, төрүт дьарыгын, билиитин-көрүүтүн үөрэтэр, сырдатар сыаллаах, олоҥхоһуттар тустарынан биэриини бэлэмнээри, И.С. Жараев аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын аудиовизуальнай нэһилиэстибэтин Национальнай киинин пуондатыгар сырыттым.
Манна СӨ култууратын туйгуна, Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ, киномеханигынан үлэлээбит, культуролог идэлээх Марина Софроновна Винокурованы кытта билистим.
Кини бу тэрилтэҕэ сүрүннүүр исписэлиис быһыытынан улуустары кытта уонна пуонданы хаҥатыыга үлэлиир уонна Саха сирин Киинэтин түмэлин салайар.
– Марина Софроновна, ханнык сыллааҕы олох былыргы уонна төһө матырыйаал хараллан сытарый?
– Пуондабытыгар 1924 сылтан саҕалаан уһуллубут Сахабыт сиригэр буолан ааспыт түгэннэри, бырааһынньыктары, күннээҕи олоҕу, тутуллан турбут дьиэлэри, дойдубут туһугар үлэлээбит-хамсаабыт дьону көрдөрөр хамсыыр хартыыналар бааллар.
Быйыл биһиги тэрилтэбит үлэлээбитэ 25 сыла буолла. Бу кэм устата 35943 тахса киинэ докумуоннар, хроникально-документальнай устуулар, альманахтар, биирдиилээн дьон устуулара мунньуллан киирдилэр.
– Норуот талааннаахтарын үйэтитиигэ, тарҕатыыга аныгы ньымалары туһаныы туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Пуондабыт сыл ахсын эбиллэн иһэр. 2005 сыллаахха “Закон об аудиовизуальном наследии Республики Саха (Якутия)” диэн киинэ матырыйаалларын хомуйар, күүс-көмө буолар сокуону бэлэмнээн, олоххо киирэригэр үлэлээбиттэрэ биһиги аксакалларбыт, уопуттаах кинематографистар – В.А. Томскай, И.С. Жараев, Г.К. Охлопкова, А.А. Зайков уо.д.а.
Ити курдук ааспыт 2020 сыл түмүгүнэн барыта 108 пуонда оҥоһулунна. Манна култуураҕа, доруобуйа харыстабылыгар, үөрэхтээһин, бырамыысыланнас курдук салааларга саҥаттан саҥа киинэ докумуоннар киирэ тураллар. Бэйэбит оператордарбытын кытта норуот талааннаахтарын көрдөрөр тэрээһиннэргэ сылдьан анал устуулары оҥоробут. Идэлээх дьон бэйэлэрин дипломнай үлэлэригэр, ахтыы кинигэни суруйалларыгар кэлэн көрөллөр, туһаналлар.
– Ким уһуллубутун, матырыйаалы үөрэтии, чопчулааһын үлэтин туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Дьон Сахабыт сиригэр ордук суолталаах түгэннэр манна бааллар диэн бэйэлэрэ устубуттарын эбэтэр урут уһуллубут дьиэтигэр баар видео кассеталарын, DVD дискэлэрин, хаһааҥҥы эмэ кинопленка да буоллун аҕалаллар. Ону бастакы уочарат араспыыска толорон ылабыт уонна быстах кэмҥэ харантыыҥҥа туруоран баран техническэй туругун көрөн, сороҕун эмтиибит, абырахтыыбыт уонна эспиэртиир отделга ыытабыт. Эспиэр киинэ докумуон туох суолталааҕынан боротокуол толорор. Киирбит докумуоҥҥа туох уһуллубута мүнүүтэтигэр, сөкүүндэтигэр тиийэ сиһилии толоруллар, чуолкайдааһын кэмигэр туттарбыт дьонтон эбэтэр ханнык сыл буоларынан анал консультаннары ыҥыран быһаартарабыт. Ол эрэ кэннэ судаарыстба пуондатыгар киирэргэ бигэргэтии бэриллэр. Анал нүөмэр туруоруллар уонна актаҕа илии баттанар. Судаарыстыба бас билэр баайа буолар.
– Дьон төһө уонна тугу туттарарый?
– Үөһэ ахтыбытым курдук, ким баҕарар бэйэтин устууларын аҕалан туттарыан сөп. Ол эрэн манна, биллэн турар, биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр ордук суолталааҕа диэбиппитин ылабыт. Биирдиилээн уонна анал устуудьуйалар. Тэлэбиидэнньэ эрэдээктэрдэрэ, кинорежиссердар устубут матырыйааллара элбэх. Холобур, Николай Егорович Мартынов диэн уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннээхпит. Кини Дьокуускай куоракка буолар араас тэрээһиннэри баҕа өттүнэн устар уонна биһиэхэ аҕалан туттарар. Сибээс уонна энергетика колледжын устудьуоннара бэйэлэрэ анал бырайыактаахтар. Онно устубут матырыйааллара эмиэ киирэр. Улуустартан урукку кэмнээҕи видео кассеталарын аҕалан сыыппараҕа көһөртөрөллөр уонна эмиэ туттараллар.
– Тэрилтэҕитигэр музей баар эбит. Киинэ музейыгар ханнык экспонаттар баалларый?
– Сүрүн үлэм таһынан СӨ киинэтин бэтэрээннэрин кытта ситимнээхтик үлэлиибин. Арассыыйа уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот Знага” уордьан кавалера, Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, ССРС кинематографиятын туйгуна, тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ Иван Спиридонович Жараев тэрийбит Саха сирин киинэтин музейа баар. Тэрилтэбит ааҕар уонна көрдөрөр саалатыгар турар. Сорох экспонаттарбыт экспозиция буоланнар Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын холбоһуктаах музейын (Дом музей – Якутская ссылка) филиалыгар турар.
Манна сахалартан бастакы үөрэхтээх кинооператор Никандр Егорович Саввинов “Конвас” кинокамерата, 1935 с. үлэлээбит кинопроекторга уот ситимин нуормалыыр автотрансформатор, Саха сирин киинэтин сайдыытын көрдөрөр элбэх истиэндэлэр, хаартыскалар, ахтыылар, кинопроектордар, кинокамералар, афишалар бааллар. Ону ымпыгын-чымпыгын барытын кэпсиир кыаллыбат.
Музей үлэтигэр сыһыаран, тэрилтэ пуондатыгар баар киинэлэри анал бэлиэ күннэргэ анааммыт тэрээһиннэргэ көрдөрөбүт. “Экология души” бырайыакпытынан оскуолаларга уонна сайыҥҥы лааҕырдарга, библиотекаларга баран көрдөрөбүт.
– Баҕа санааҥ?
– Ааспыт сыл уонна быйылгы сыл саҕаланыытыгар улахан дьаҥ туран үлэбитигэр арыый да охсуулаах курдук. Ол эрэн куйаар ситиминэн пуонда матырыйаалларын @avfond_yakutia инстаграммытыгар таһаара олоробут. Баҕалаахтар суруйтаран киирэн көрүөхтэрин сөп.
Биһиги кииммит Уһук Илиҥҥэ Саха сирин туһунан киинэ докумуоннары хомуйууга, харайыыга уонна наардааһыҥҥа соҕотох идэтийбит тэрилтэ буолар. Муус устар 10 күнүгэр 25 сылбытын үөрүүлээхтик бэлиэтиибит. Тэрилтэбитин тэрийбит ССРС кинематографиятын туйгуна, Арассыыйа бочуоттаах кинематографиһа, СӨ култууратын туйгуна Виссарион Андреевич Томскайга, биир идэлээхтэрбэр инники үлэбитигэр ситиһиилэри, тус олохпутугар дьолу, доруобуйаны баҕарабын. Пуондабыт хаҥыырыгар хас биирдии Саха сирин олохтооҕо тус кылаатын киллэрэн, Саха АССР 100 сыллаах үбүлүөйүн өрө көтөҕүллэн көрсөргө ыҥырабын!
Саха сирин устуоруйатыгар ураты суолталаах киини өрөгөйдөөх бэлиэ үбүлүөйүнэн эҕэрдэлиибит, таһаарыылаах үлэни, ситиһиини уонна матырыйаала хаҥыы турарыгар баҕарыа этибит!