24.09.2020 | 16:45

Истэргэ, ааҕарга аата үчүгэйиэн!

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сылыгар ааспыт нэдиэлэ бүтүүтүгэр  сахалар култуураҕа, искусствоҕа, спортка уратыларын,  бэйэлэрин уонна дойдуларын кыайыынан ааттаттылар аҕай. Ол аайы астыныы, киэн туттуу бииртэн биир үөрүүтэ буолла.

Комментатор сахалыы уруйдуур үөрүүтэ

Элбэх дьон болҕомтотун түмэ тардар улахан түһүлгэҕэ билэр аатыҥ лидер буолан, дойдугун сураҕырдара истэргэ хаһан баҕарар күндү. Оо, оттон оннукка сахалыы кэрэ ааты истэр долгутуулаах даҕаны! 

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр көмпүүтэрдэр, планшеттар, төлөпүөннэр монитордарыгар биһиги өрөспүүбүлүкэбит спортка биир баар-суох эрэлэ Сардаана Трофимова кыайыылары ситиһэр соргулаах суолунан сүүрэ сылдьара сотору-сотору көһүннэ. Ол аайы  интернет хас да ханаалынан  Москватааҕы аан дойдутааҕы марафонтан быһа  уонна быстах биэриилэри холбооһуннарыгар кини сахалыы кэрэ аатын нууччалыы олуттаҕаһа суохтук: “Сардаана Трофимова – Саха сирэ...”, “Сардаана Трофимова – Саха сирэ!”, “Сардаана Трофимова – Саха сирэ!!!” – диэн эттилэр. Истиэххэ уонна биллэриилэргэ ааҕарга төһөлөөх астыгый.

Онно кэрэ аатын кытта  “лидер”, “фаворит”, “инники иһэр”, “тэҥнээҕэ суох. Бириэмэни эрэ кытта күрэхтэһэр”...  – диэн харса суох хайгыыр күүстээх тылларынан эбии күүркэтэн биэрэллэр. Ол биһигини өссө долгутта.

Улахан талаан ханнык баҕарар омуктарга эмиэ сөбүлэтэр. Бу түһүлгэттэн сүрүн биэрии комментатора биһиги Сардаанабыт уонна кини тренерэ, аһара уһун сүүрүүлэргэ аан дойду, Европа хас да төгүллээх чемпиона Татьяна Жиркованы аҕынна да, таптыырдыы, куолаһа уларыйа түһэриттэн итиэннэ кинилэри сиһилии үөрэппититтэн улахан сүгүрүйээччилэрэ буолара сэрэйилиннэ. Кыргызстаҥҥа сөбүлээн эрчиллэллэрин, туох ситиһиилээхтэрин барытын кэпсээтэ. Спортсмен тренерэ этэрин тугу барытын, оннооҕор аһара уһун сүүрүүгэ бар диэтэҕинэ да, ону даҕаны толорорго бэлэмин эрэнэр. Оннооҕор Трофимова хаартыската сыһыарыылаах “Сардаана” утах оҥоһуллубутун рекламалаата. Дистанция ханнык чэрчитигэр төһөнөн кэлиэн сөбүн кытта улаханнык сыыстарбат. Ким хайдах бэлэмнээҕин таайар мэлдьи, бу дьаҥ кэмигэр, өссө ордук уустук. Рекорд олохтууругар уонна манна суоттаммытынан хас км хас бириэмэни график оҥостубутуттан быдан түргэнник иһэрин үөрэ кэпсиир. Трофимова төрөөбүт нэһилиэгэр 700 киһи олороруттан, спортсаала суох эрдэҕиттэн, оҕо сааһыттан  Татьяна Жиркованы кумир оҥостон, кини курдук сүүрүк буоларга ыраланан, бу маннык марафонец буолбутун бэлиэтээтэ. Бөһүөлэккэ саҥа ааркалыы тимирдэргэ таҥыллан спортсаала тутуллан эрэрин, онно Сардаана аата бэриллиэн баҕарарын биллэрдэ.

Комментатор өссө Сардаанабыт дьахталлартан бастакынан фиништээбитигэр уу сахалыы:

–Уруй-айхал, Саха сиригэр! – диэн хаһыытаан ньиргиттэ.

Сардаана мэлдьи инники сырытта

Стартка бэлэмнэнииттэн саас-сааһынан сиһилии кэпсээни историяҕа суругунан хаалларыахха.

Москва марафона өрдөөҕүттэн биир улахан түһүлгэнэн биллэр. Ол эрээри аан дойдутааҕы ассоциация таһымынан   ахсыс төгүлүн ыытылынна. Бу сырыыга дьаҥ мэһэйдээн, омуктар кэлбэтэхтэр. Киэҥ Арассыыйа бастыҥнара бары кэлэннэр, кыттааччы аҕыйаҕа суох—10 км уонна 42,2 км сүүрүүлэргэ холбоон 25 тыһыынча спортсмен нүөмэр ылан кэппиттэр.  Кинилэр ортолоругар доруобуйаларынан хааччахтаахтар: хараҕа суохтар, кэлээскэлээхтэр кытта бааллар.

Старт “Лужники” стадион инниттэн бэриллээри турар. Халлаан ыраас. Таһырдьа +9 кыраадыс сылаас. (Урутаан эттэххэ, сыыйа +10-11 буолта, тыала кэлин күүһүрэн ылбыта – И.У.).

Экраҥҥа бастакыттан дьон быыһыттан сотору-сотору Сардаана Трофимованы көрдөр да көрдөр буолаллар. Элбэх объектив, харах киниэхэ туһаайыллар. Ама! Кини болҕомто киинигэр киириэн киирэр. Бу кыттааччылартан лаппа улахан фаворит. Онно саарбахтыыр, мөккүөр суох. Сардаана – классическай улахан марафоҥҥа (42,2 км) Арассыыйа үс төгүллээх чемпиона (2015, 2018, 2019), Арассыыйа кубогын  (2016, 2018) хаһаайына,  Москватааҕы аан дойдутааҕы марафонун (2017, 2018, 2020) кыайыылааҕа, рекордсмена. Былырыын кини баччаларга Дохаҕа аан дойду чемпионатыгар соһуччу ыҥырыллан, онно барарга атыннык бэлэмнэнэргэ күһэллэн,  Москва бу маннык түһүлгэтигэр кыттаары сылдьан, эрчиллиитин атын сиргэ салгыы барбыта. Былырыын Олимпиада буолуо диэн кыттааччы араас дойдулартан элбэҕэ, бэлэмнэрэ да бу дьаҥ иннинэ үчүгэйэ. Ол үрдүнэн Сардаана сыл иннинээҕи рекордугар чугаһаабатахтара. Быйыл лидербит сааскыттан дойдубутугар, ол кэннэ биир ый  Кисловодскайга бэлэмнэммит. Дьэ, төһө табыллыбытын көрүөхпүт.   

--Элиитэлэри билиһиннэрэбит, -- диэт,  биир бастакынан Сардаана Трофимова аатын дуорааннаахтык биллэрбиттэригэр кыыспыт уот кыһыл футболкалаах икки илиитин өрө далбаатаабытынан өрүтэ ыстаҥалаан ылла. Сирэйиттэн-хараҕыттан, туттарыттан-хаптарыттан үчүгэй бэлэмнээҕэ, бэйэтигэр эрэллээҕэ тута билиннэ. Онтукатын старт бэриллэрин кытта, инникилэр кэккэлэригэр  түргэн тэтиминэн баран бигэргэттэ.

Маҥнайгы санаа: дьахталлартан бастакыттан тута олох ойуччу чорбойон бара турда... Киниэхэ салгын хайытыахтара, суол тэлиэхтэрэ, тэтим биэриэхтэрэ диэннэр бэйэтиттэн икки төбө үрдүк икки уол иннигэр сылдьаллар. Ити фейсмейкер дэнээччилэри Сардаана түргэтиэн баҕардаҕына, “маннык тэтиминэн барыҥ” диирдии, саҥата суох сороҕор иннилэригэр түһэрэн ылан, кэннилэриттэн тилэх уопсан ыгар. 

Салгыы маршрут Москва өрүс кытылынан, киин куорат кэрэ-бэлиэ аартыктарынан, Кремль аттынан эргийэн төттөрү “Лужники” атын өттүгэр түмүктэнэр гына оҥоһуллубут. Сыыйа түһүүтэ-тахсыыта аҕыйаҕа суох.

Итинниккэ уһун сүүрүү сылаалаах. Ол иһин тэрийээччилэр күрэхтэһиигэ шоу өрүттэринэн сүүрээччилэри, көрөөччүлэри көҕүлүүргэ, сэргэхситэргэ эрдэттэн балайда бэлэмнэммиттэр. 1500 волонтердартан кыраһыабай таҥастаах барабаан охсооччулары, плакаттаах хорунан хаһыытааччылары олордубуттар. Кинилэртэн араас көрдөөх көстүүмнээх киирэн сырсан ылааччылар да бааллар. Маршрут кытыыларыгар сүүрээччилэргэ ыраахтан көстөр сирдэргэ остуолларга доруобуйаҕа буортута суох, туһалаах утахтары, кыракый ыһыктары уурбуттар. Марафонецтар онтон эбэтэр олор аттыларыгар турар биэрээччилэртэн ылаллар. Сүүрэн иһэн чэпчэки бытыылкалартан  ыймахтаан, ыһыгы ыстаан, эмэн ылан быраҕан иһэллэрин волонтердар тута хомуйаллар.

“Элиитэлэринэн” биллэриллибиттэр бастакыттан биэтэккэ диэри инники сырыттылар.

Сардаана дистанция былаһын тухарын үрдүк тэтиминэн тэппит атаҕын кубулуппакка сүүрдэ. Кэлин билбиппит, 24 км тыал түһэн, лиэнтэ атаҕын иннигэр иилиллэн, ханан барыахтаах маршруттарын бутуйан, ону тохтотон быһаннар, тардылла сылдьыбыт. Итинник соһуйууттан тэтими эмискэ намтатыыттан да иҥиир тардыан сөбө. Ону санааһын да спортка соһуччу үөйбэтэх уларыйыыны оҥорор. Хата,   тута биллэрбэтэх. Ол эрээри син биир таайбыт -- биэтэк чугаһыгар тыал күүһүрбүтүгэр хаста да иҥиирэ тардан ылбыт. Ол иһин даҕаны, ханнык эрэ көрдөрүүгэ экраҥҥа тэтимин бытаардыбыт курдугуттан ытырыктата санаабыппыт. Онтон саха былааҕын ылан, ону бастаан иннигэр тутуутугар, онтон санныгар быраҕан уонна өрө тутан сүүрүүтүгэр балайда бириэмэни сүтэрдэ. Түмүктүүр сүүрүүтүгэр илин-кэлин испит уһун атахтаах үрдүк уҥуохтаах уолу ситэн иннигэр түстэ.  Таарыччы эттэххэ, инники тахсыбыт бастыҥ икки атахтаахтартан хаалсыбата. Абсолютнай түмүккэ 12-с миэстэҕэ тахсан, 25 тыһыынча кыттааччыны, онтон аҥаарыттан ордуга эр киһини кэннигэр хаалларда. Оннооҕор көмө фейсмейкердарыттан биирдэрэ 28-с км иҥиирэ тардан суолтан туораата. Иккис фейсмеркер сотору сылайан бытаарбытын Сардаана мэһэй оҥостумаары ситэн ааспыта. Салгын тэлээччитэ суох соҕотох барар ыарахан. Сотору кини тэтимин кытта барсар уолу булан ситэн, хардарыта илин-кэлин түсүһэн аргыстаспыта.  

Үс сорук туолла! Аны...

Фиништээн баран сорохтор охтооччулар. Кини оччо сылайбытын биллэрбэтэ. Тута кыайыы үөрүүтэ уонна массажтар быыһаатахтара. Өссө хаартыскаларга түһүспүт,  интервьюлары биэрбит, ол кэнниттэн ыраах  көрсүһүүлэргэ, чиэстээһиннэргэ кытта сылдьыбыт. Ол аата улаханнык сылайбатах диэн үөрдүм... Ити гынан, улахан киирсии кэнниттэн спортсмены харыстаан, сорохтортон хаххалыахха, тохтотуохха баар эбит.

 Кыыспыт бастыырга уонна рекорд олохтуурга, саамай сүрүнэ, Олимпиадаҕа киирэр нуорманы толорорго үс туруоруммут соругун үһүөннэрин сүүс бырыһыан толорбут. Өссө 2 чаас 28 мүнүүтэнэн кэлэргэ суоттаммытын, икки эрэ суотайынан кыл мүччү тиийбэтэх. Иһигэр  кыаллар буоллаҕына, 2 чаас 27 мүнүүтэлээх кирбиини алдьатар ыралаах эбит.  Иҥиирэ тардыбатаҕа уонна былааҕы эрдэ ылбатаҕа буоллар, рекордун тааҕы-таах лаппа куоһарыа хаалбыт.

Дьэ, аны Токиотааҕы Олимпиадабыт буоларын дуу, буолбатын дуу, онно Арассыыны киллэрээйэллэр диэн  кэтэһэбит. Япониятааҕы ол күүтүүлээх түһүлгэбит эһиил от ыйын 23 – атырдьах ыйын 8 күннэригэр  көспүтэ. Ыарыы ол кэм чугаһыгар көптөҕүнэ олох да тохтотуллуохтаах. Ыытыллар түгэнигэр Арассыыйаттан билиҥҥитэ  чэпчэки атлетикаҕа уон эрэ спортсмены киллэриэхпит диэн “үөрдүбүттэрэ”. Ол да “баҕалаах”. Эмиэ политика ханан чуолуйуо биллибэт. Ол уон киһиэхэ аны марафону талаллара саарбах. Трофимова нейтральнай былааҕынан кыттарга сайабылыанньа биэрбитигэр харда биллэ илик.

Сардаана санаата самныбат. Тренерэ Татьяна Жирковалыын хайдах бэлэмнэнэргэ былаан оҥостубуттарынан   эрчиллэр. Ахсынньыга Сочига Арассыыйа чемпионун аатын көмүскүүргэ иннин биэрэр чинчитэ суох.  Бу марафоҥҥа “элиитэлэринэн” биллэриллибит дьахталларга бастакыттан хас биэс км аайы таблицалар тахсан истилэр. Олорго столбиктарга: маҥнайгыларга – Арассыыйа былаахтара турда. Ол аттынааҕы үөһээ сурукка мэлдьи:

1. Сардаана Трофимова

2. Елизавета Ерохина

3. Ирина Сергеева.

Үһүс столбикка  сыыппаралар уларыйыылара: үөһээ лидер – Сардаана ханнык км хас бириэмэнэн ааспытыгар, ол аннынан  кини кэнниттэн иккискэ-үһүскэ иһээччилэр, атын сүүрээччилэр хааллар хаалан иһэллэрин туоһулуу турда.  Кырдьык, эрдэ этиллибитин курдук, Сардаана харытын чаһытын көрүнэрин тэҥэ, бириэмэни эрэ кытта күрэхтэстэ. Түмүк таблица маннык буолла:

1. Сардаана Трофимова 2:28.02

2.Елизавета Ерохина 2:35.36

3.Ирина Сергеева 2:41.15.

Көрөргүт курдук, Арассыыйаҕа сүрүн “элиитэлэртэн” ыраах инники сылдьар. Иккис миэстэттэн 7 аҥаар мүнүүтэттэн ордук бириэмэлээх. Дьэ билигин аны Африка, Азия, Европа лидердэрин бириэмэлэрин сырсарга анаан оҥостуохтаах. Марафон уратыта ханна, ханнык трассаҕа, хаһыс мүнүүтэҕэ буоларыттан бириэмэ көрдөрүүтэ лаппа уларыйар. Холобур, былырыын өҥүрүк куйааска аан дойдуга бастаабыттар бириэмэлэрэ Сардаана бүгүҥҥү бириэмэтигэр тиийбэт. Оттон сөрүүҥҥэ сүүрүү хайдах буолуон ким тымтыктанан көрбүтэ баарай? Япония – хайалаах сир. Эмиэ балайда итийэр, тыалырар, ардахтыыр. Күн аайы хастыы да сир хамсааһына буолар. Ол эмиэ сабыдыаллыырын бары суоттана сырыттахтара.

***

Дьэ, Сочига “Кинотавр” бириэмийэҕэ Саха сирин Дмитрий Давыдов “Пугало” киинэтэ бастыҥынан ааттанна, дьахталларга чулуу толорооччунан Валентина Романова-Чыскыырай биллэрилиннэ.  Москваҕа оччо улахана суох түһүлгэ да буоллар, интернет ситиминэн үс уолбут охсуһууга утуу-субуу  кыайан саха былааҕын тэлимнэтиилэрэ көһүннэ. Кытайга элбэх омук кыттааччылаах 50 км сүүрүүгэ Григорий Максимов биэтэккэ бастакынан тахсыыта сөхтөрдө. Бу күннэргэ Сунтаарга Кыыл Уолун аатынан кэрэ уораҕай, Таатта Баайаҕатыгар Моҕол Ураһаны сөҕө көрүүлэр саҕаланнылар. Сарсын – “Тыгын Дархан” киинэ сүрэхтэниитэ. Ити үөрүүлэр тэлэбиисэргэ, интернет ситимнэригэр биллэриилэртэн Сардаана Трофимова айхалланыыта силиги ситэрэн биэрдэ! Өрөгөйү үрдэттэ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....