Искэҥи эрдэ билбит быраастарга бириэмийэ ананар буолуоҕа
Диспансеризация, былааннаммыт көрдөрүнүү кэмигэр искэҥ ыарыыны булуу иһин Саха сирин бастакы сүһүөх эмчиттэригэр бириэмийэ аныыр буолуохтара.Доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕэр онкология ыарыыларыттан уопсай сэрэтии оҥоһуллара улахан суолталаах. 2020 сылтан кутталлаах искэҥ ыарыытын быһаарыы иһин бастакы сүһүөх үлэһиттэри бириэмийэлээһин саҕаламмыта. Профилактическай көрдөрүнүү, диспансеризация кэмигэр хас биирдии искэни быһаарыы иһин эмп тэрилтэтэ 2,8 тыһыынча солкуобайы ылыаҕа, онтон 500 солкуобайы эмчиккэ төлүөҕэ.Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин билиҥҥи көрдөрүүтүнэн, өрөспүүбүлүкэҕэ онкологическай ыарыы 68 түбэлтэтэ баара биллэр. Онкологическай ыарыыны утары охсуһар сыалтан, таһыттан эмтэнэр кииннэр арыллаллар (ЦАОП). 2024 сылга диэри Саха сиригэр 18 маннык киин арыллара былааннанар, олортон 12 киин номнуо үлэлиир. Кииҥҥэ онкология диспансерыгар көмө, быһаарыы, ыйыы-кэрдии өҥөтө оҥоһулларын таһынан, химиянан, поллиативнай эмтээһини уонна үтүөрүү кэннэ чөлгө түһэрии көмөтүн аныан сөп.Саха сиригэр нэһилиэнньэ өлүүтүн биричиинэтинэн, сүрэх-тымыр ыарыытын кэнниттэн, иккис миэстэҕэ онкология ыарыыта турар. Сыллата өрөспүүбүлүкэ олохтоохторугар икки тыһыынчаттан ордук кутталлаах искэҥ ыарыыта булуллар. 2020 сыл тохсунньу 1 күнүнээҕи туругунан, 13 тыһыынча кэриҥэ олохтооҕо онкология ыарыынан учуокка турар.Арассыыйаҕа доруобуйа харыстабылын бастакы сүһүөҕүн сайыннарыы — бэрэсэдьиэн Владимир Путин толорорго бигэргэппит национальнай бырайыагын сүрүн соруга буолар. Кини састаабыгар уопсайа аҕыс федеральнай бырайыак баар. Сүрүн сыала — маҥнайгы эмтээһин өҥөтө тиийимтиэ буолуутун тупсарыы, сүрэх-тымыр, кутталлаах искэҥ ыарыытыттан өлүүнү аҕыйатыы, харыстыыр технологияны киллэрии, оҕо балыыһатын инфраструктуратын сайыннарыы.