13.07.2022 | 10:51

Инженернэй ситимнэр саҥардыллыахтара

Балысханнык бара турар суоллар өрөмүөннэрин кытта уот, гаас, уу, сибээс ситимнэрэ кытта саҥаттан тардыллаллар.
Инженернэй ситимнэр саҥардыллыахтара
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

2022 сыл алтынньытыгар диэри Дьокуускайга уонна куорат кытыытыгар сытар нэһилиэктэргэ 28 уулусса өрөмүөннэниэҕэ, 23-гэр үлэ номнуо бара турар. Суол оҥоһуутун кэмигэр ураты болҕомто инженернэй     коммуникациялары тупсарыыга ууруллуоҕа. Бу туһунан премьер Андрей Тарасенко министиэристибэлэри, тэрилтэлэри кытта мунньаҕар эттэ.

Үлэ графиктан хаалбакка, сорох сиргэ урутаан даҕаны баран иһэр. Ил Дархан уу, электричество уонна сибээс ситимин хаачыстыбалаахтык тардыыга туспа сорук туруорда. Биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар, суол оҥорооччулары кытта үлэни күүһүрдүөххэ, барыта биир былаанынан барарын ситиһиэххэ”, - диэтэ Андрей Тарасенко.

“Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар” национальнай бырайыагынан суол өрөмүөнүн кытта тэҥҥэ инженернэй ситимнэр барыта уларытыллаллар, хаһыыларын буордара уларыйар, ону кытта бордюрдар, ууну аһардар ханаабалар барыта оҥоһуллаллар. Манна Сахатранснефтегаз, Водоканал, Якусткэнерго, ЯТЭЦ уонна Ростелеком бииргэ үлэлэһэллэр.

8 Объекка бырайыактааһын докумуона оҥоһуллан эрэр. Ол курдук, Хатаска, Киллэмҥэ уонна Дьокуускайга баар объектарга үлэ торумнанар. Тимирязев уул. уонна Мархаҕа үлэ от ыйын 15 күнүттэн саҕаланыаҕа. 

«Куттала суох уонна хаачыстыбалаах айан суоллара» национальнай бырайыак чэрчитинэн бу сылга 2,2 млрд. солк. көрүлүннэ. Эһиил бу бырайыагынан 34.16 км усталлаах 31 суол оҥоһуллуоҕа.

 

 

 

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...