04.12.2020 | 12:47

Иннокентий Корякин: “Бэйэм суолбун-ииспин буллум”

Ааптар: Айыына Ксенофонтова
Бөлөххө киир

Удьуор худуоһунньук Иннокентий Корякин хас биирдии үлэтэ саха киһитигэр ураты чугас, утары сирэйдээх урааҥхай дьонун кутун-сүрүн тутар сүдү күүстээх. Кини айар аартыгын ааҕааччыларбытыгар арыйарга дьулустубут.    

Худуоһунньук үйэтин тухары үөрэнэр

–Иннокентий Иннокентьевич, саха дьонун сиэринэн кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха.

–Мин 1973 сыллаахха Алексеевскай (билиҥҥи Таатта) оройуонугар Иннокентий Дмитриевич, Рево Гаврильевна Корякиннар дьиэ кэргэннэригэр алтыс оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ойор күннээх оҕо сааһым Амма эбэ үрдүгэр турар Харбалаахха ааспыта. Онно художественнай оскуоланы бүтэрбитим. Люция Степановна Кривошапкинаҕа үөрэммитим, билигин учууталым норуот маастара, иистэнньэҥ. Ахсыс кылаас кэнниттэн Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа туттарсан киирбитим, “художник-педагог” идэтигэр түөрт сыл уһуйуллубутум. Васильев Эдуард Иосифович диэн күүстээх худуоһунньукка үөрэммитим. 1992-1999 сылларга Красноярскайдааҕы художественнай институкка “художник-живописец” идэни баһылаабытым.

–Ол аата худуоһунньук дьылҕатын олох кыра сылдьан таллаҕыҥ?

–Аҕам Иннокентий Дмитриевич Корякин худуоһунньук буолан, оҕо эрдэхпиттэн айар эйгэни көрөн улааппытым. Оччолорго Саха сирин биллэр-көстөр худуоһунньуктара биһиги дьиэбитигэр кэлэн ыалдьыттаан, уруһуйдаан, хонон-өрөөн, бултаан-алтаан ааһаллара. Онон кырабыттан худуоһунньук буоларга быһаарыммытым. Инньэ гынан художественнай оскуола, училище, институт – барыта биир-биир баран истэҕэ.

Худуоһунньук үйэтин тухары үөрэнэр. Үлэлээбэтэ да тэйэн хаалар, толкуйдуура эмиэ уларыйыан сөп. Ол иһин өрүү айар үлэ үөһүгэр сылдьыахтаах дии саныыбын.

–“Үөрэнээччи – уһуйааччытыттан” диэн этиини кытта сөбүлэһэҕин дуо?

–Мин учууталларым дьоҕурбун, кыахпын сайыннара сатаабыттара. Миэхэ биэрбит баай сүгэһэрдэрэ олус туһалыыр. Ол эрээри кинилэри хаһан даҕаны үтүктэ сатаабатаҕым. Бэйэм эмиэ учууталлыы сылдьыбытым. Үөрэнээччилэрбэр буочарбын, истиилбин соҥнообот этим, төһө кыалларынан айар кыахтарын арыйарга үлэлиирим.

Таптал. 2019 с.

Олох кэрэтин, үтүөтүн

–Ханнык тиэмэҕэ ордук табыллан үлэлиигиний? Уобарастаргын хантан ылаҕыный?

–Чопчу бу тиэмэҕэ үлэлиибин диэбэппин. Төбөбөр эмискэ туох көтөн түспүтүн уруһуйдуубун. Булт, саха олоҕо-дьаһаҕа ордук чугас диэхпин сөп. Ааспыт үйэ дьонун көрдөрөрбүн ордоробун. Өйбүттэн уонна историяҕа олоҕуран. Ол эрээри үксүн айыллыбыт үлэлэр. Мин кыһалҕаны көрдөрө сатаабаппын. Олох кэрэтин, үчүгэйин, үөрүүнү-көтүүнү тиэрдэргэ кыһаллабын. Ол иһин дьоруойдарым бары сырдык, ыраас санаалаахтар. Көрөөччү үтүөнү эрэ ылынарын ситиһэргэ дьулуһабын. Айар үлэһиттэр көрөөччүгэ үлэлиир буоллахпыт.

–Айар үлэ абылаҥар аһыыр аскын, утуйар уугун умнаҕын дуо?

–Суох. Аһыыр кэммэр аһыыбын, утуйар кэммэр утуйабын. Сарсыарда өттүгэр, эбиэккэ диэри ордук көдьүүстээхтик үлэлиибин. Табыллан бардаҕына, киэһэ хойукка диэри үлэлиэхпин сөп.    


Эһэм Корякин Дмитрий Николаевич сырдык кэриэһигэр. 2015 с.

–Биир эмит үлэҥ историятын кэпсиэҥ дуо?

–Аҕам өттүнэн эһэм Корякин Дмитрий Николаевич икки оҕотун хаалларан, 1942 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллан барбыта. 42 сааһыгар. Кэргэнэ эрдэ өлбүтэ. Сталинградка тиийбит диэн информация баар. Уонна сураҕа суох сүппүт. Үөрэҕэ суох буолан дуу, суруйар киһитэ суох буолан дуу, сурук ыыппатах. Сыл аҥаара сылдьыбыт уонна бааһыран өлбүт диэн информация баара да, чуолкайа суох. Аҕам, кырдьаҕас убайдарбыт көрдүү сатаабыттара. Кыайан булбатахтара. Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар эһэбин кэриэстээн хартыына оҥорбутум. Ол кэмҥэ интэриниэккэ “сураҕа суох сүппүт саллааттары көрдөөн булабыт” диэн биллэриини көрбүтүм уонна суруйбутум. Арай ол киэһэ информация булан ыыттылар. Сааһа сөп түбэһэр, Саратов куоракка эвакуационнай госпитальга бааһыран өлбүт диэн. Дьиктитэ баар, араспаанньата Корякина диэн. Хайа саастаах дьахтар эр дьон быыстарыгар сылдьыаҕай дии саныыбыт. Ол иннинэ Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа кыттарга худуоһунньуктар Сойуустарын аатыттан сайаапка түһэрбиппит. Онно ити эһэм мэтириэтэ кыттар буолла диэн иһитиннэрии кэлбитэ. Эһэм туох эрэ бэлиэ ыытар дуу дии санаабытым.

–Баай Барыылаах Байанай тиэмэтигэр элбэх үлэлээххин. Төһө булчуккунуй?

–Кыра булчуппун. Кус-хаас тойонобун (күлэр). Саас, күһүн куска тахсабын. Оннук тоҕо-хоро сылдьыбаппын. Хас биирдии саха киһитэ иччилэргэ, Айыыларга итэҕэйэр. Иитиибит оннук. Байанай баар, киниэхэ сүгүрүйэбит. Айылҕаҕа сиэри-туому тутуһабыт.

–Атыыламмат, харыһыйар үлэлэрдээххин дуо?

–Бааллар. Холобур, “Атастыылар” диэн бастакы хартыынабын этиэхпин сөп. Ол иннинэ суолбун-ииспин булбакка, биир кэм тэпсэҥнии сылдьыбытым. Бу үлэбин элбэх киһи сэҥээрбитэ, хайҕаабыта. Сэмэлээбиттэр да бааллара. Онон бу үлэбиттэн кынаттаммытым, өрө тахсыылаахтык айан барбытым.

Кийиит сэргэтэ. 2020 с.

Иэйии кэлбэтэҕинэ, күүспүнэн үлэлиибин

–Уостан хаалар, иэйииҥ кэлбэт, сылайар кэмнэрдээххин дуо?

–Үлэлээбэтэхпинэ табыллыбат курдукпун. Иэйии кэлбэт буоллаҕына, син биир күүспүнэн үлэлиибин. “Аппетит приходит во время еды” диэн этии баар. Ол курдук, үлэлии олордоххуна, бэйэтэ тахсан иһэр. Онтон сүнньүн буллуҥ да, киирэн бара тураҕын.

Санааҥ сыппат тиэмэтэ диэн баар дуо?

– “Аныгы кэм көстүүлэригэр үлэлээн көрбөккүн дуо?” – диэн үгүстүк ыйыталлар. Өйбөр сатаан киирбэт. Сакаас киирдэҕинэ, хайыахпыный, ханна барыахпыный, син биир оҥорорум буолуо. Олох сөбүлээбэт тиэмэбэр ылсыбаппын.

–Хааччахтааһыҥҥа төһө хаайтардыҥ?

–Мин санаабар, худуоһунньуктар соччо хаайтарбатыбыт. Сүрүнэ, үлэлиир сир баар. Соҕотоҕун үлэлээбитим курдук үлэлии олоробун. Аҕыйах сыллааҕыта худуоһунньуктар Сойуустара мастарыскыай биэрэн абыраабыта. Ол иннинэ дьиэбэр кыараҕаска үлэлиирим. Билигин киэҥҥэ-куоҥҥа улахан үлэлэри айарга үчүгэйэ сүрдээх. Сойууспар махталым муҥура суох.   

Дьэдьэнньит кыыс. 2020 с.

Идэбит симэлийэр кутталлаах

–Билигин анал үөрэҕэ суох, ол эрээри бэйэлэрин баҕаларынан, дьоҕурдарынан үлэлиир ыччат элбээтэ. Худуоһунньук хайаан да үөрэниэхтээх дуу эбэтэр үөрэҕэ суох киһи бу идэни баһылыыр кыахтаах дуу?

–Биһиги анал оскуоланы ааспыт дьон буоллахпыт. Билигин кэтээн көрдөххө, уол аймах биһиги идэбититтэн олус тэйдэ. Живописец олус аҕыйаата. Кэнники кэмҥэ кыыс аймах үөрэнэр буолла. Дьиҥэр, бу идэҕэ былыр-былыргыттан эр дьон баһылаан-көһүлээн үлэлии сылдьаллар. Эр киһи идэтэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо. Живописец кэрэ аҥаардар бааллар, ол эрээри бэрт аҕыйахтар. Эр дьон, айахпытын сатаан ииттиниэхпит суоҕа диэн эбитэ дуу, хайдах дуу, бу идэни талбат буоллулар. Сотору кэминэн бу идэ симэлийэр кутталлаах. Аҕыйах сылынан биллэн барыаҕа. Онон академическай үөрэх хайаан да наада дии саныыбын.

–Эн санааҕар, айар үлэ уонна коммерция дьүөрэлэһиэхтэрин сөп дуо?

–Экономика ыһыллан-тоҕуллан турар кэмигэр худуоһунньук кыһалҕаттан атыыга-тутууга барар. Оннук гымматаҕына, кини дьиэ кэргэнин иитэр кыаҕа суох. Бары да оннук сылдьабыт.

Ойуулуур-дьүһүннүүр искусство уопсастыбаҕа олус туһалаах. Онон судаарыстыба өттүттэн худуоһунньуктарга өйөбүл хайаан да наада. Оччоҕуна омук быһыытынан үүнүөхпүт-сайдыахпыт, аан дойду таһымыгар тахсыахпыт.

Охчуттар. 2019 с.

Искусствоҕа кыраныысса диэн суох

–Социальнай ситимҥэ атын омуктар айар үлэҕин олус сэргииллэр диэн бэлиэтии көрбүтүм. Дьиҥнээх искусство, мин санаабар, омугуттан тутулуга суох, ким баҕарар кутун тутара буолуо?

–Сэҥээрэллэр. Тоҕо эбитэ буолла, ол аата тугун эрэ табарым буолуо. Фейсбукка монголлар сөбүлээн көрөллөр. Дууһаларын кылын таарыйабын быһыылаах. Атын омуктар эмиэ сэргииллэр. Ханнык баҕарар омук өйдүүр, ылынар буоллаҕына, ол аата син сөптөөх суолу тутуһан баран иһэҕин диэххэ сөп. Искусствоҕа кыраныысса диэн суох.  

–Хас эмэ сыл устата сыһа-соһо сылдьыбыт үлэлээххин дуо?

–Оннук суох. Мин эмоциональнай турукка киирэн, түргэнник үлэлиибин. Баҕар, майгым-сигилим оннук буолуо. Ылыстым да, бүтэрэ сатыыбын. Ууран кэбистэхпинэ, тэйэн хаалабын. Ол иһин күүркэйэ сылдьар кэммэр ордук күүскэ табыллар. Күлүм түгэни куоттардахпына, оннук турукка хос кыайан киирбэппин. Биир бэйэм оннук үлэлиибин.

–Дьиэ кэргэниҥ туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?

–Кэргэним Ирина Афанасьевна “АЛРОСА” тэрилтэҕэ үлэлиир. Түөрт оҕолоохпут: икки кыыс уонна икки уол. Кыргыттар – улахан дьон. Уолаттарбыт – оскуола үөрэнээччилэрэ.

Сааскы салгын. 2018 с.

–“Айар кутум аартыгар” диэн айар быыстапкаҥ туһунан ааҕааччыларга кэпсии түһүөҥ дуо?

–Ахсынньы 4 күнүгэр Национальнай художественнай музей мааны саалатыгар “Айар кутум аартыгар” диэн иккис улахан айар быыстапкам үлэтин саҕалыыр. Үс сыллааҕыта “Үргэл” арт-галереяҕа бастакы айар быыстапкабын оҥорбутум. Онтон кынаттанан, күүс ылан, быйыл эмиэ үлэм түмүгүн көрдөрөргө соруннум.

Хас биирдии худуоһунньук туспа буочардаах, суоллаах-иистээх. Арааһа, бэйэм суолбун-ииспин буллум, бигэтик үктэнним дуу диэн санааттан маннык ааттаатым. Быйыл икки төгүл эбиллэн, мунньан-тараан 60 үлэни көрөөччү дьүүлүгэр таһаардым. Үс сыл анараа өттүгэр буолбут уонна билиҥҥи көстүүнү тэҥнээн көрүөм. Ааспыт сырыыга элбэх киһи сылдьыбыта. Быйыл, төһө да пандемия буолбутун иһин, син кэлиэхтэрэ диэн сэмээр күүтэбин.

Тохсунньу бүтүүтүгэр диэри куорат олохтоохторун уонна ыалдьыттарын быыстапкабын кэлэн көрөргүтүгэр ыҥырабын. Үстэ көһөрүллэн, төрдүс сырыытыгар буолан эрэр.  

Далбар хотун. 2017 с.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....