Инникигэ сирдиир дьоһун хардыы
Академик Владимир Петрович Ларионов аатынан Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция тохсунньу 8 – 12 күннэригэр киин куоракка буолан ааста.
Саха сирин үөрэнээччилэригэр ыытыллар биир саамай улахан тэрээһиҥҥэ бары улуустартан 1718 оҕо кыттыыны ылла. Кинилэр уопсайа 1452 бырайыактыыр үлэни билиһиннэрдилэр.
Аан дойдуга биллэр кыахтаах
СӨ Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов:
— «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференция быйыл 27-с сылын үрдүк таһымнаахтык буолан ааста. Оҕолорбут ааспыт сылга ыыппыт үлэлэрин, ханнык баараҕай чинчийиилэри оҥорбуттарын билиһиннэрдилэр. Уопсайа 1718 үөрэнээччи кытынна, 1452 үлэ бырайыак быһыытынан көмүскэннэ. Экспертэр быһаарыыларынан 300-тэн тахса оҕо үлэтэ Арассыыйаҕа, аан дойдуга тиийэ кыттар чиэскэ тигистэ.
Конференция икки сыл тухары пандемиянан сибээстээн тэйиччиттэн ыытыллан, быйыл оҕолор да, тэрийээччилэр да астыммыттар.
— Конференциябыт «Триумф” спорт уораҕайыгар ыытыллыбыт буолан, киэҥ далааһыннаахтык барда диэн бэлиэтиир тоҕоостоох. Маны таһынан, быйыл биһиэхэ эбии саҥа хайысхалар киирэн биэрдилэр – «геология”, “палеонтология”, “биотехнология”, “агро-культурология”, «креативнай искусство” уонна “сквозной цифровой технология”. Ити курдук сыллата хайысхабыт кэҥээн, дириҥээн иһэр. Дьиҥинэн, маннык улахан таһымнаах конференциялар Арассыыйа үрдүнэн аҕыйахтар, Уралтан бу диэки сытар регионнарга биһиги соҕотохпут. Онон аан дойдуну кытта хабар таһымнаахпыт.
Үлэлэри экспертэр сыаналаатылар
СӨ Наука дьоҕус академиятын научнай-методическай салаатын начаалынньыга Яна Лаптева:
— Быйылгы конференциябыт сүрдээх баай, дириҥ ис хоһоонноох, киэҥ бырагыраамалаах буолла. Ону күүстээх, үрдүк таһымнаах экспертнэй хамыыһыйа дьүүллээтэ. Күрэс кэмигэр оҕолор экспертэри кытта хайдах үлэлииргэ үөрэннилэр, ханнык ыйытыылар бэриллэллэрин, туохха сүрүн болҕомто ууруллуохтааҕын биллилэр-көрдүлэр, ону таһынан экспертэртэн консультация ыллылар.
Бастакы түһүмэх постердары көмүскээһин быһыытынан ыытылынна, оҕолор бэйэлэрин үлэлэрин кэпсээтилэр, ыйытыыларга хоруйдаатылар. Ону таһынан баҕалаах оҕолор үс хайысханан үлэлэрин омук тылынан (английскайдыы) сырдаттылар – «естественно-научнай”, “гуманитарнай” уонна “техническэй”.
Конференция бырагырааматыгар экспертэр консультациялара эмиэ киирэр. Манна даҕатан эттэххэ, «Кэскил” оҕо хаһыата араас таһымнаах маастар-кылаастары тэрийэн ыытта. Ол курдук, суруналыыстар научнай ыстатыйа хайдах суруллуохтааҕын, ыстатыйа сүрүн тутулун, онно туох киириэхтээҕин сиһилии кэпсээтилэр. Маны таһынан учууталларга уонна уһуйааччыларга эмиэ туспа болҕомто уурулунна. Квалификация таһымын үрдэтэр сыаллаах үөрэх куурустара буолан аастылар, быыстапка тэрилиннэ. Быыстапкаҕа патеннаах учууталлар оҕолору кытта үлэлиир ньымаларын маастар-кылаас быһыытынан үллэһиннилэр, санаа атастастылар.
— Наука дьоҕус академията мантан кыһын, саас өссө туох былааннааҕый?
— 200-тэн тахса араас хайысхалаах үлэлиибит. Оҕолор https://rc14.ru/ платформабытыгар киирэн, үөрэх куурустарыгар сайаапкаларын биэриэхтэрин сөп. Билигин химия, физика, астрономия олимпиадалара ыытыллаары тураллар. Баҕалаах оҕолор сайаапка биэрэн кыттыахтарын сөп. Ону сэргэ, науканы сэргиир оҕолор талбыт хайысхаларынан дьарыктаныахтарын сөп.
Аныгы оҕо ордук тугу сэргиирий?
СӨ Наука дьоҕус академиятын ректора Василий Павлов:
— Сахабыт сирин историятын олус сэргиибит, онон бэйэбит дойдубут сайдыытын туһунан кэпсиир-үөрэтэр, чинчийэр үлэ элбэх. Ону таһынан, оҕолор төрүччүнү сэргииллэрин биллибит. Баҕар, кэлэр сылга «генеалогия” диэн хайысханы арыйыахпыт, маннык көрүҥ билиҥҥитэ ханна даҕаны суох курдук.
Оҕолорбут алмааһы кытта үлэҕэ, инженернэй хайысхаҕа, сыыппаранан бырагыраамалааһыҥҥа үчүгэй үлэлэри, саҥа арыйыылары көмүскээтилэр. Холобур, Эдуард Кривошапкин диэн оҕо бэйэтэ «Киви” диэн ааттаах бырагыраамалааһын тылын айбыт, омук оҕолорун кытта билсэн, ону сайыннарыыга үлэлэһэр. Быйыл бүтэрэр оҕолорбут үчүгэй үлэлэрдээхтэр. Холобура, Данил Зеленскэй бэйэтэ интэриниэккэ олоҕуран эко-система оҥорон таһаарда.
Инженернэй бырайыактаах үлэ ахсаана сыллата элбии турар. Саха сирин ааһа баран, Арассыыйа таһымыгар биллэр үлэлэр кытта бааллар. Бу Сахабыт сирэ балысханнык сайдарын, ону тэҥэ үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн болҕомто уурулларын туоһулуур.
“Инникигэ хардыы» конференцияҕа кыттыбыт оҕолор салгыы «Атмосфера науки» диэн үөрэх бырагырааматын бараллар. Бырагыраама үс улахан хайысхаттан турар:
Теория;
Практика;
Научнай постары хайдах оҥоробут уонна үлэни хайдах көмүскүүбүт?
«Атмосфера науки» бырагыраама https://rc14.ru/ сайтка ыйыллан турар, рекомендация ылбыт оҕолор манна киирэн үөрэниэхтэрин сөп.
Быйылгы тэрээһин түмүгүнэн уопсайа 339 оҕо өрөспүүбүлүкэ аатын Арассыыйаҕа көмүскүүр чиэскэ тигистэ.
Валерия Павлова, М. К. Аммосов аатынан ХИФУ лицейин 11-с кылааһын үөрэнээччитэ:
— “Инникигэ хардыы» конференцияҕа аан бастаан кытынным уонна олус сөбүлээтим. Маннык хабааннаах тэрээһиннэр билиигэ, сайдыыга баҕалаах оҕолору кытта алтыһар кыаҕы биэрэллэрин таһынан, үчүгэй бырайыактары кытта ыкса билсэргэ көмөлөһөр эбиттэр. Итиэннэ дьон иннигэр санааны сааһылаан саҥарарга үөрэтэллэр.
Түмүктээн эттэххэ, “Инникигэ хардыы» конференция бу сыллар усталарыгар өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин бырайыактарын Арассыыйа таһымыгар таһаарар биир тарбахха баттанар, аартыгы арыйар балаһаакка буолла. Үөрэнээччилэр ситиһиилэрэ Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн болҕомто уурулларын көрдөрөр. Манна даҕатан эттэххэ, Бүтүн Арассыыйатааҕы конференциялар лауреаттара уонна дипломаннара үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсыыга чэпчэтиинэн туһаналлар. Онон, “Инникигэ хардыы» конференция, чахчы да, ыччаты инникигэ сирдиир дьоһун хардыы.