11.01.2022 | 12:00

«Инникигэ хардыы» конференцияҕа Дьокуускайтан 263 үөрэнээччи кыттар

«Инникигэ хардыы» конференцияҕа Дьокуускайтан 263 үөрэнээччи кыттар
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Тохсунньу 8 күнүгэр «Шаг в будущее» – «Инникигэ хардыы» XXVI өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференция үөрүүлээхтик арылынна. Манна 34 оройуонтан 1 700 тахса үөрэнээччи бэйэлэрин научнай-чинчийэр  үлэлэрин түмүгүн билиһиннэрэллэр. 
«Шаг в будущее» – «Инникигэ хардыы» XXVI өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай конференция куораттааҕы түһүмэҕэр 2021 сыл сэтинньи 10 күнүттэн ахсынньы 16 күнүгэр диэри дистанционнай форматынан киин куорат 43 оскуолаларыттан 596 үөрэнээччи кыттыбыт. Тохсунньу 8 күнүттэн 15 күнүгэр диэри конференция регионнааҕы таһымыгар куорат уокуругуттан 263 эдэр чинчийээччи кыттар. 
Тэрээһин иккис сылын «Онлайн-система дистанционной поддержки и сопровождения одарённых детей РС (Я)» (https://lk14.ru/) сирэй онлайн-форматынан ыытыллар. 
«Үбүлүөйдээх – өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтиир сылбыт бастакы улахан суолталаах тэрээһининэн эдэр чинчийээччилэри, кинилэр учууталларын, төрөппүттэрин, учуонайдары уонна исписэлиистэри түмэр  ураты форум буолара  кэрэхсэбиллээх. Куонкурус талааннаах үөрэнээччилэри өйүүргэ, ис кыахтарын арыйарга, айар дьоҕурдарын сайыннарарга бары усулуобуйалары тэрийэргэ көмөлөһөр. Форум кыттааччылара инникигэ эрэллээхтик хардыылыахтара уонна кинилэр сонун идиэйэлэрэ, толкуйдара олоххо киириэхтэрэ диэн бүк эрэнэбин», – диэн бэлиэтээтэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев конференция кыттааччыларыгар туһаайбыт эҕэрдэ тылыгар. 
5-11 кылаас үөрэнээччилэрэ бырайыактарын араас научнай хайысхалаах 35 секцияҕа уонна хос секцияларга презентациялыыллар. Олор истэригэр – ойуурдары баһаартан харыстааһын уонна чөлүгэр түһэрии, ирбэт тоҥу үөрэтии курдук тыын суолталаах чинчийиилэр бааллар. Научнай конференция экспертэрэ – М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет 200-тэн тахса чулуу учуонайдара, преподавателлэрэ, аспираннара, магистраннара уонна устудьуоннара, СО РАН Дьокуускайдааҕы нучнай киинин институттарын сүүсчэ  учуонайдара, исписэлиистэрэ. 
Бэлиэтээн эттэххэ, быйылгыттан куонкурус РФ үөрэҕириитин тэрээһиннэрин ахсааныгар киирэн кыттыылаахтарга өйөбүл үрдээтэ. Ол курдук, лауреаттар тус ситиһиилэрэ үрдүк үөрэх кыһаларыгар киирэргэ БКЭ түмүктэрин баалларыгар эбиллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....