07.03.2021 | 16:05

Инна Борисова: «Үгүстэр саҕалыыртан куттаналлар, тоҕоостоох түгэни күүтэллэр»

Инна Борисова: «Үгүстэр саҕалыыртан куттаналлар, тоҕоостоох түгэни күүтэллэр»
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ханнык баҕарар бизнес табаары, өҥөнү оҥорууну кытта ситимнээх. Дьокуускай куорат «Innstyle» уонна «BB Beauty Bar»  салоннар хаһаайкалара Инна Борисова кэрэ буолуу бизнеһин хайдах тэриммитин туһунан кэпсээтэ.

— Инна, дорообо! Бу эйгэҕэ үлэҕин туохтан саҕалаабыккын сэһэргии түс эрэ.

— Мин идэбинэн сири кытта үлэлиир исписэлииспин. Ол гынан баран, куруутун туох эрэ интэриэһинэй, кэрэхсэбиллээх дьарыктаах буолуохпун баҕарарым. Устудьуоннуур сылларбар кыламан оҥорууга куурус ааһан уопсайым дьиэтигэр дьарыктанан, үлэлээн барбытым. Ол саҕана үлэлиир матырыйаал үксэ, биллэн турар, хаачыстыбата мөлтөх этэ. Килийиэннэрбин дьыбааҥҥа сытыаран эрэ, көннөрү лаампа уотун  анныгар үлэлээбитим.

Перфекционист буоламмын, барыта лоп бааччы оҥоһулларын сөбүлүүбүн. Кэргэммин кытта Дьокуускайга көһөн кэлбиппит. Манна кэлэн ыра санаа оҥостубут баҕабын олоххо киллэрэргэ соруммутум, бас билэр кэрэ буолуу салонун арыйбытым. Ити 2017 сыл этэ. «Innstyle» атаҕар турбутун кэннэ өссө иккис салону аспыппыт. «Beauty Bar» (BB) диэн ааттаабыппыт. Манна биһиги араспаанньабыт кистэнэ сылдьар – Борисовтар.

Саха сирин кэрэ эйгэтин бизнеһигэр туох ыарахаттары көрсөҕүн? Салон хаһаайката буолар төһө уустук эбитий?

— Киин куоракка икки улахан салону үлэлэтэр, биллэн турар, сылаалаах.  Кэргэним өйүүр, көмөлөһөр. Оннооҕор ханнык бренд үчүгэйин, ханнык косметика, өҥө табыгастааҕын кытта билэр буолла. Биһиги маны барытын иккиэн ситистибит. Төрөппүттэрбит бизнесмен, баай дьон буолбатахтар. Эдэр эрдэхтэн үбү-харчыны мунньан тэриммиппит. Бу барыта бэйэбит илиибитинэн, төбөбүтүнэн оҥоһуллубута, онон киэн туттабын.

Уустук ханна баҕарар баар. Бизнескэ барыта бэйэҕиттэн эрэ тутулуктаах. Оттон  салоҥҥа оннук буолбатах, эн хас биирдии үлэһитиҥ оҥорбут өҥөтүгэр эппиэттиигин. Холобур, парикмахердарга соттордорун хааччыйаҕын, туох эрэ алдьаныа, канализация тоҕо барыа. Итинник бытархай кыһалҕа элбэх. Аны өҥө оҥорор маастар килийиэнин кытта  иирсиэн сөп, ону эн хаһаайка быһыытынан түргэнник быһаараҕын, барытын хонтуруоллуоххун наада.

Уопсайынан, улахан киһи буолар, быһаарыыны ылынар, туох эрэ иһин эппиэттиир уустук. Мин олохпор бэйэбин булбутум уонна тугунан дьарыктаныахтаахпын билбитим.

Туох өҥөнү оҥороҕут?

— Парикмахерскайдаахпыт, колористар үлэлииллэр, маникюр, педикюр, депиляция, макияж  өҥөлөрө бааллар. Уопсайынан, стандартнай набор. Тоҕо перманент макияж суоҕуй диэн үгүстүк ыйыталлар. Хоруйум маннык:  мин бэйэм туһанар өҥөлөрбүн талабын. Биир кэмҥэ перманент баар буола сылдьыбыта эрээри, соччо-бачча биһиэхэ сөп түбэспэт этэ.  Бэйэҕин модьуйуо суохтааххын дии саныыбын.

Холобур, мин бэйэм өрүү баттах ботокстыыбын эбэтэр  пилинг Nioxin өҥөтүн оҥоробун. Балары кэрэ аҥаардар ордук сэргииллэр.

Матырыйаалгытын хантан атыылаһаҕыт?

— Барытын бэйэм боруобалаан, туттан көрдөхпүнэ биирдэ салоҥҥа таһаарабыт. Ырыынак олус улахан. Онон «итэҕэй, ол гынан баран бэрэбиэркэлээ» диэн бириинсип син биир наада. Nioxin фирманы соһуччу Москваҕа булбутум. Маны таһынан биһиги биир бастакынан  Корея elSHINE брендин уонна Арассыыйа-Италия  BB One диэн брендин официальнай бэрэстэбиитэллэрэ буолабыт. Уопсайынан, хас биирдии бренд туһунан этиэхпин сөп: итини мин кистээбэппин да, саппаппын да.

Эһиги килийиэннэргит кимнээҕий?

— Биһиги килийиэннэрбит – Саха сирин олохтоохторо. Элбэх эр киһи кэлэн баттаҕын кырыйтарар, аҕа саастаах көлүөнэ эмиэ сылдьар. Бу, мин санаабар, уопсастыба дьоһун көрдөрүүтэ. Маникюрдарын хаһан да көтүппэт пенсионердар бааллар.

Эһиэхэ улахан айымньылаах үлэ суолтата үрдүк дуу, килийиэн баҕата дуу?

— Биллэн турар, биһиги приоритеппытыгар килийиэн баҕа санаата бастакы миэстэҕэ турар. Биһиги санаабыт бүтэһик далааһыҥҥа турар диэн ким этиэй. Ол гынан баран, биһиги исписэлиис хараҕынан көрөбүт. Туох куһаҕанын, үчүгэйин, барсарын дуу, барсыбатын дуу эмиэ этиэхпитин сөп. Холобур, биир кыыс баттаҕын сырдаттара кэлбитэ. Ол эрээри кини баттаҕа олох  мөлтөх туруктааҕа, биһиги маастарбыт чөлүгэр түһэрии кууруһун ааһарыҥ ордук диэбитэ. Килийиэн баттаҕын эмтээн баран сырдаппыттара, ботокс оҥорбуттара. Баттаҕы кырааскалыыр олус эппиэтинэстээх. Сорох дьон баттаҕа түһэ сылдьар буолар, сорох киһи аҕыйах тутум баттахтаах сылдьан эрэ кырааскалатаары гынар. Биллэн турар, биһиги  бу киһини кырааскалыахпыт иннинэ, баттаҕын эмтэтэригэр сүбэлиибит.

Кэрэ буолуу бизнеһэ биһиги куораппытыгар Арассыыйа атын регионнарын кытта күрэстэһэр кыахтаах дуо?

— Мин санаабар, барыларыттан  ордук курдукпут. Биһиги өҥө хаачыстыбатынан инникилээн, киин куораттартан урутаан иһэбит. Быһаччы эттэххэ, таһыммыт Москваҕа тэҥнэһэр, оттон сыанабыт  регион киэнинэн халбаҥныыр. Ол, арааһа, биһиги, саха дьоно, олус айымньылаахтык, сатабыллаахтык үлэлии-хамсыы сатыырбытыттан буолуо. Сахалар – уус дьоммут. Биһиги дьоммутун-сэргэбитин олус айымньылаахтар уонна талааннаахтар дииллэрин итэҕэйэбин.

Эн санааҕар, бизнес суолтата туохха сытарый?

— Биир сүрүнэ – киһи киһитинэн хаалыахтаах. Бизнестээх киһи, нууччалыы эттэххэ, «акула» буолуо суохтаах. Биһиги дьону кытта үлэлиибит, бу хаачыстыбаны сүтэрдибит да, хайаан да түһэр аакка барабыт. Массыына да, конвейер да буолбатахпыт, икки атахтаах дьоммут. Мин санаабар, бизнескэ дууһа баар буолуохтаах.  Аны бириэмэни сатаан  аттарыахха наада...

Ким эрэ ылла да, бэйэтин дьыалатын арыйар уонна ситиһиилээхтик үлэлиир. Атыттарга оннук табыллыбат, урбаанньыт ханнык хаачыстыбалаах буолуохтааҕый?

— Сорохтор бэйэлэрин эйгэлэригэр ситиһиилэрэ суох, ол гынан баран бэйэлэрин суолларын атын салааҕа булуналлар. Бастакы сырыыттан туох даҕаны табыллыбатаҕына, санаарҕыа суохтааххыт. Эрэлгитин сүтэримэҥ уонна бэйэҕит дьоҥҥутун түмүҥ. Маннык түгэни кэпсиим. Биир маастарбыт «BB» салон арылларын  хас да ый устата кэтэспитэ, ол кэмҥэ кини  кыахтаах исписэлиис буолан, куорат хайа баҕарар салонугар үлэлиир кыахтааҕа. Баччааҥҥа диэри бииргэ тутуспутунан сылдьабыт. Соторутааҕыта кини оҕолонно уонна номнуо үлэтигэр төнүннэ, олус үөрдүбүт.

Бизнес тэрийэр баҕа санаалаах дьоҥҥо сүбэҥ уонна инники былааннарыҥ?

— Иннибэр – үүнүү уонна сайдыы. Бизнескэ  холонуон баҕалаах дьоҥҥо сүрүн сүбэм – судургутук боруобалаан көрүҥ. Үгүстэр саҕалыыртан куттаналлар, тоҕоостоох түгэни күүтэллэр. Дьиҥэр, барыта эн илиигэр, толкуйгар, төбөҥ олоруутугар сытар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...