15.02.2024 | 19:05 | Просмотров: 380

Инфраструктураны тупсарыы үс сылыгар салайар хампаанньалар, ТСЖлар бары кыттыыны ылыахтаахтар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Бэҕэһээ, олунньу 14 күнүгэр, куорат баһылыга Евгений Григорьев  2023 сыллааҕы отчуотун чэрчитинэн салайар хампаанньалары уонна дьиэни бас билээччилэр табаарыстыбаларын (ТСЖ) кытта көрүстэ.
Баһылык Дьокуускай куорат 2030 сылга диэри сайдыахтаах маастар-былаанын дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин өйөөбүтүн, 2023 сыл социальнай-экономическай түмүктэрин, 2024 сыл былааннарын иһитиннэрдэ. Ол курдук, Евгений Григорьев үөрэхтээһин, уулусса-суол ситимин тупсарыы, уопсастыбаннай тырааныспар систиэмэтин саҥардыы, оптуобус сылаас тохтобуллары элбэтии, нэһилиэнньэни саахалланар туруктаах хаарбах дьиэлэртэн көһөрүү, куораты көҕөрдүү, спорду сайыннарыы, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар оҥоһуллар социальнай өйөбүл көрүҥнэрин хаачыстыбатын, куораты тупсарыы о.д.а. хайысхаҕа ааспыт сыл ситиһиилэрин уонна үүммүт сылга турар соруктары кэпсээтэ.
Баһылык маны сэргэ Дьокуускай куоракка үлэлиир «Үөрэхтээһин», «Доруобуйа харыстабыла», «Куттала суох уонна хаачыстыбалаах суоллар», «Демография», «Олорор дьиэ уонна куорат эйгэтэ» нацбырайыактары олоххо киллэрии хаамыытын иһитиннэрдэ. 
Ыытыллар үлэ чэрчитинэн Евгений Николаевич салайар хампаанньалары уонна ТСЖлары тиэргэннэри тупсарыыга, ОДьКХ өҥөтүн оҥоруу хаачыстыбатын үрдэтиигэ дьүүллэһиигэ ыҥырда. 
Ол курдук, 2024-2026 сылларга биллэриллибит Инфраструктураны сайыннары үс сылынан уопсастыбаннай тырааныспар эйгэтин тупсарыыга, сылаас тохтобуллары тутууга, уулусса-суол ситимин уотун тардыыга, гааһы киллэриигэ, Табаҕа, Кангалаас бөһүөлэктэригэр канализация ситимин оҥорууга, Мархаҕа уу турбаларын тардыыга, элбэх оҕолоохторго тыырыллар сир учаастактарыгар инфраструктураны тэрийиигэ элбэх үлэ күүтүллэрин бэлиэтээтэ, диэн иһитиннэрэр Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспата.
 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Ытарҕата тал
Сынньалаңңа | 16.11.2026 | 19:00
Ытарҕата тал
Сөбүлүү көрбүт ытарҕаҕын тал, бэйэҕин бил.
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Сонуннар | 11.11.2026 | 17:00
СВО кыттыылаахтарыгар уонна кинилэр дьиэ кэргэннэригэр анаммыт чат-бот баар буолла
Ол онно киирэн судаарыстыба оҥорор өйөбүллэрин туһунан иһитиннэриини, ыйытыыларга харданы ылыахха сөп.
Сулусчут сүбэтин туһан
Сонуннар | 12.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтин туһан
Сэтинньи 12 күнүнээҕи гороскоп
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Сонуннар | 16.11.2026 | 07:30
Сулусчут сүбэтэ: Сэтинньи 16 - 22 күннэрэ
Бу нэдиэлэҕэ үлэ хаамыыта хайдах тэриллибитигэр болҕойон, ону чопчулууртан, тупсарыыттан саҕалыыр ордук. Нэдиэлэ дьиҥ түмүгэ көстөн кэлэр үлэни толоро сатааҥ.