Инбэлиит көмө ылара судургу буолла
Бырабыыталыстыба инбэлиит дьон реабилитацияны ааһалларыгар аналлаах техническэй сириэстибэни уонна атын өҥөлөрү ылар бэрээдэктэрин судургутутан биэрдэ.
Инбэлиит чөлүгэр түһэригэр аналлаах техническэй сириэстибэни уонна да атын көмөнү ыларыгар туһааннаах докумуоннарын судаарыстыбаннай өҥө порталын нөҥүө биэриэн сөп.
Докумуоннарын сканердаан баран, сайабылыанньатын кытта уган, социальнай көмүскэл уорганнарыгар электроннай көрүҥүнэн ыытар. Тустаах тэрилтэ сайаапкатын көрдөҕүнэ, гражданин тус кабинетыгар чөлүгэр түһэригэр наадалаах техническэй сириэстибэни эбэтэр өҥөнү ыларын туһунан сурук кэлэр.
Ол курдук, истэр аппараат, кириэһилэ-кэлээскэ, быратыас, ортез, ону таһынан сурдотылбаас уонна тифлосурдотылбаас өҥөлөрүн, сирдьит ыт көмөтүн ылыахха сөп. Сирдьит ыты иитэр уонна бэтэринээргэ көрдөрөр ороскуоту толуйтарыахха сөп. Маныаха харчы сайабылыанньаҕа ыйыллыбыт счекка быһа түһэр.
Ыйыт – хоруйдуубут
Социальнай страхование пуондатын Саха сиринээҕи салаатын @fss.ro14 инстаграмыгар киирбит ыйытыылары уонна хоруйдары тылбаастаан бэчээттиибит.
– Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар учуокка турбут кэммэр страховой ыстаас хайдах ааҕылларый?
– Страховой ыстаас үлэ киниискэтигэр, үлэ дуогабарыгар киирбит сурукка олоҕуран ааҕыллар.
Нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун сулууспатыгар учуокка турар уонна анал босуобуйа ылар гражданнар үлэлээбэттэр, онон бу кэмҥэ үлэ киниискэтэ толоруллубат, Арассыыйа социальнай страхованиетын Пуондатыгар страховой усунуос бэриллибэт. Бу кэм больничнай босуобуйатын кээмэйин быһаарарга учуоттаммат.
Өскөтүн гражданин дьарыктаах буолуу сулууспатыгар учуокка турар, ол эрээри уопсастыбаннай үлэҕэ кыттар буоллаҕына, кинини кытта болдьохтоох үлэ дуогабара түһэрсиллэр, оччоҕо бу кэм страховой ыстааска киирэр.
– Социальнай страхование пуондатын путевкатынан туһанар 1-кы группалаах инбэлиити ким арыаллыан сөбүй?
– Толору сааһын сиппит (18-тан үөһэ саастаах), инбэлиити эбэтэр инбэлиит оҕону сатаан көрөр-харайар киһи.
Санатан эттэххэ, 1-кы группалаах инбэлииттэр уонна 18 саастарыгар диэри инбэлиит оҕолор санаторийга икки путевканы ылар бырааптаахтар – бэйэлэригэр уонна арыаллыыр киһилэригэр. Манна тоһоҕолоон бэлиэтээтэххэ, арыалдьытынан ким баҕарар (аймаҕа эрэ буолбатах), инбэлиити сатаан көрөр-харайар кыахтаах киһи буолуон сөп.
Инбэлиити арыаллыыр киһи путевка ыларыгар 070/у формалаах медицинскэй ыспыраапка ирдэнэр. Инбэлиит оҕону арыаллааччынан төрөппүтэ (ийэтэ, аҕата) эбэтэр кинини көрөр-харайар кыахтаах уонна төрөппүттэртэн дэбиэринэстээх киһи буолуон сөп.
Инбэлиит көмөлөһөөччү наадата суох диэтэҕинэ (кини көрдөһүүтүнэн), иккис путевканы биэриэ суохтарын сөп.
– Инбэлиити арыаллыыр буолан санаторийга путевка ылбытым. Көрөр-харайар киһим ыалдьан хаалбыта, ол иһин кинини балыыһаҕа ыыппыттара. Бу түгэҥҥэ мин санаторийтан тахсыахтаахпын дуо?
– Эйиэхэ санаторийга эмтэнэр путевка инбэлиити арыаллыыр киһи быһыытынан бэриллибит. Өскөтүн көрөр-харайар киһиҥ санаторийтан тахсыбыт, балыыһаҕа киирбит буоллаҕына, эн санаторийга инбэлиити арыаллыыр эбээһинэһиҥ бүппүт.