12.09.2020 | 06:59

Иммунитеты күүһүрдэр кэм кэллэ (науканан дакаастаммыт 10 ньыма)

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Иммунитет диэн киһи организма туораттан киирэр эттиктэргэ (вирустарга, бактерияларга, о.д.а) эппиэттиир кыаҕа. Судургутук быһаардахха, иммунитет тастан киирбит эттиктэри хабан ылан суох гыныахтаах.

Иммуннай систиэмэ үлэтигэр олох укулаата, аһылык, дьаллыктарга ылларыы, гигиена быраабылаларын тутуһуу, о.д.а. дьайар.

Күһүн киһи иммунитета мөлтүүр, онно эбии ОРВИ, грипп сезона саҕаланар. Буолаары буолан, билигин коронавирус дьаҥа тарҕанан турар кэмигэр иммунитеппыт үчүгэйдик үлэлиир эрэ буоллаҕына ыарыыттан харыстанар кыахтаахпыт.

Мантан аллара науканан дакаастаммыт, иммунитеты бөҕөргөтөр 10  ньыманы таһаарабыт.

  • Элбэхтик утуйуҥ.

Доруобай организм сууккаҕа 7-9 чаас утуйуохтаах. Оҕо 10-13 чаас утуйара сөп.

Икки нэдиэлэ устата уугутун хамматаххытына, иммунитет үлэтэ 30 %-нан мөлтөөн биэрэр. Ол иһин ыалдьан баран үтүөрэргэ, киһи элбэхтик утуйар буолан хаалар.

Научнай чинчийиилэр быһаарбыттарынан, түүн сүгүн утуйбат киһи иммуннай систиэмэтигэр вирустары өлөрөр эттиктэрэ аҕыйаан бараллар. Уутун хаммат киһи элбэхтик ыалдьар, араас бактерияларга бэринимтиэ буолар.

Билигин иммуномодулятордары иһиинэн үлүһүйүү баар буолла. Ол эрэн утуйар уугутун хаммат буоллаххытына ханнык да эмп, битэмиин абыраабат диэн учуонайдар суруйаллар. 

  • Спордунан дьарыктаныҥ.

Великобритания учуонайдара быһаарбыттарынан, иммунитет кырдьыыта киһи спордунан дьарыктанарыттан быһаччы тутулуктаах. Нэдиэлэҕэ 15-30 мүнүүтэ спордунан дьарыктанар буоллаххытына иммунитеккыт кырдьыбат.

Эт-сиин хамсаныытын көмөтүнэн киһи организмҥа буортулаах эттиктэри уматар кыахтаах. Ол иһин онкология ыарыытын, иммунитет ыарыыларын, араас аллергияны сэрэтии саамай үчүгэй ньымата – спорт.

Сөптөөх хамсаныы-имсэнии тымыр,  сүрэх ыарыыларын сэрэтэр кыахтаах. 17 саастарыгар диэри оҕолор нэдиэлэҕэ 2-3-тэ, улахан дьон нэдиэлэҕэ 1-2-тэ эти-хааны чэбдигирдэр хамсаныылары оҥоруохтаахпыт.

65-тэриттэн үөһээ саастаахтарга быраастар хаамыыны сүбэлииллэр. Налыччы дьаарбайыы буолбакка, тэтимнээх соҕустук хаамар ордук.

  • Арыгыны иһимэҥ.

Научнай литератураҕа суруйалларынан, этанолу элбэхтик иһии организмҥа инфекция олохсуйарыгар төрүөт буолар. Арыгыттан киһи тириитэ, уорганнара эмсэҕэлиирин таһынан, иммунитет килиэккэлэрэ өлөллөр. Арыгы G уонна M кылаастаах иммуноглобулиннар үөскээһиннэрин бытаардар.

  • Табахтан аккаастаныҥ.

Табах буруота киһи бары уорганнарыгар буортулаах, ону кытта сүрэх, тымыр үлэтигэр куһаҕаннык дьайар, иммунитет үлэтигэр улахан кэһиилэри таһаарар.

Табахтыыр кэмҥэ киһи организмыгар никотин киирэр, хаан гемоглобиныгар хатаастар, ол аата килиэккэ кислородунан хааччыллыыта мөлтөөн барар. Маны таһынан табах буруотугар баар канцерогеннар уонна дьааттаах сымала аутоиммуннай ыарыылары үөскэтэллэр, ол аата иммунитет киһини харыстыырын оннугар бэйэтин сииргэ барар.

  • Сөпкө аһааҥ.

Иммунитеты күүһүрдэргэ аһылыкпытыгар улахан болҕомто ууруохтаахпыт. Элбэх белоктаах, сыата суох аһылык иммунитеты күүһүрдэр кыахтаах. Белок куурусса этигэр, муора аһыгар, сымыыкка, туораахтаах култуураларга элбэх буолар.

Бета-каротин лимфоциттары үксэтэр, онон араак ыарыыны сэрэтэр. Хортуоскаҕа, моркуопка, дыняҕа, абрикоска, шпинакка элбэх.

Селен уонна цинк иммунитет инфекциялары утары охсуһар эттиктэрин үөскэтэр. Краб, тунец балык, омар этигэр баар. Маны тэҥэ сахалар күннэтэ сиир ынахпыт этигэр эмиэ баар.

Оҕуруот аһа уонна фрукта күннээҕи аһылыкка сиэнэр буоллаҕына, организм бактериялары кытта охсуһара күүһүрэр. Саамай туһалаахтарынан эриэппэ, кабачок, күөх дьаабылака, цитрустар, банаан, персик, слива, виноград уонна моонньоҕон буолаллар.

Чеснокка аллицин диэн эттик киһи оһоҕоһугар баар микробтары өлөрөр кыахтаах. Ону тэҥэ чеснок иммунитеты күүһүрдэрин бары билэбит.

  • Битэмииннэ сиэҥ.

Битэмиини аһылыкка эбиилик быһыытынан (БАД) эбэтэр хас да битэмиин холбоһугун (мультибитэмииннэр) быһыытынан сиэххэ сөп.

С битэмиини аһылыктан туспа, эбии сиэхтээхпит. Тоҕо диэтэххэ. организм С битэмиини бэйэтэ үөскэппэт уонна мунньубат. С битэмиин ордук циструстарга (лимон, апельсин), клубникаҕа, дөлүһүөн аһыгар, шпинакка уонна хаппыыстаҕа элбэх. ОРВИ, тумуу кэмигэр С битэмиини элбэҕи сиэтэххэ, киһи түргэнник үтүөрэр.

D битэмиин депрессияттан быыһыыр кыахтаах. Утуйар ууну сааһылыыр буолан иммунитеты бөҕөргөтөр. D битэмиин балыкка, сымыыкка элбэх.

А битэмиин бааһы оһордор, инфекцияны үөскэппэт. Моркуопка, брокколига, кыһыл биэрэскэ, тыкваҕа, дыняҕа, хортуоппуйга, дьаабылакаҕа элбэх.

  • Пробиотиктар.

Пробиотиктар диэн киһи организмыгар туһалаах микробтар. Ис-үөс үлэтин тупсараллар, ол аата иммунитет үлэтин күүһүрдэллэр. Күннээҕи аһылыкка пробиотиктары киллэрдэххэ, инфекционнай ыарыылары сэрэтиэххэ сөп.

Пробиотиктар йогуртка, кефиргэ уонна да атын аһыйбыт үүт аска бааллар. Маны таһынан тууһаммыт хаппыыстаҕа, маринуйдаммыт оҕурсуга бааллар. Анал эмтэргэ баар пробиотиктары быраас эрэ аныыр (холобур, Линекс, Аципол, Хилак, о.д.а.).

  • Үгүстүк күҥҥэ сыламнааҥ.

Күн сырдыга стресстэн, депрессияттэн таһаарар кыахтаах, ону тэҥэ иммунитеты уһугуннарар күүстээх. Күн анныгар киһи организмыгар D битэмиин үөскүүр. Киһиэхэ бэйэтигэр үөскээбит D битэмиин грипп А көрүҥүн өлөрөр кыахтаах. Сайын күн аайы 15 мүнүүтэ, кыһын 1-2 чаас күҥҥэ сыламнаатахха, сууккаҕа үөскэтиэхтээх D битэмииммитин ылабыт.

  • Иммуномодулятор диэн тугуй?

Иммунитеты күүһүрдэр үүнээйилэр: элеутерококк, женьшень, астрагал, эхинацея.

Сайдыылаах дойдуларга бу үүнээйилэринэн кэмиттэн кэмигэр суурадаһын оҥостон иһэллэр, иммунитеттарын бөҕөргөтөллөр.

  • Тус гигиенаны тутуһуу.

Гигиена быраабылаларын тутуһуу киһи доруобуйатын харыстыыр саамай судургу суола.

Таһырдьаттан киирэн баран илиини кичэйэн суунуу, илии тутуһан, туалеттаан баран суунуу, аһыах иннинэ илиини мыылалаан суунуу – барыта олус судургутук толоруллар. Кыыллары илиигитинэн тутан-хабан баран илиигитин антисептиктээҥ. Тиискитин сууккаҕа иккитэ суунуҥ. Күн аайы душтаныҥ.

Иммунитеты мөлтөтөллөр:

- куһаҕан туруктаах экология;

- күҥҥэ, таһырдьа аҕыйахтык сылдьыы;

- стресс;

- утуйар ууну хаммат буолуу;

- куһаҕан дьаллыктарга убаныы;

- көхтөөх буолуу эрэсиимин тутуспат буолуу;

- иҥэмтэтэ суох аһылык;

- хамсаныыта суох олох.

Иммунитет мөлтөөбүтүн хантан билэбит?

  • сэниэҕит эстэр;
  • ыарахан үлэни кыайбат буолан хаалаҕыт;
  • наар сылайбыт курдуккут;
  • төбөҕүт элбэхтик ыалдьар;
  • сүһүөх, уҥуох ыалдьар;

Сылга иккиттэн элбэхтик ОРВИ, грипп буолар, тириигитигэр ириҥэлээх баас тахсар, элбэхтик тиритэр буоллаххытына иммунитеккыт үлэтэ мөлтөх. Ол аата организм харыстанар кыаҕын күүһүрдэргит наада. 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....