16.03.2023 | 20:00

Ильмеҥҥэ сырыыны тэрийиигэ тус санааларым

Бу күннэргэ Саха сириттэн Ильмень күөлгэ үс бөлөҕүнэн элбэх киһи айаннаан тиийэн, 80 сыл анараа өртүгэр өлбүт саха буойуннарын кэриэстээн кэллилэр.
Ильмеҥҥэ сырыыны тэрийиигэ тус санааларым
Ааптар: Ксенофонт Васильев, Маар, Ньурба
Бөлөххө киир

Степан Саргыдаев салайааччылаах Чурапчы оройуонуттан тустууктар, оскуола оҕолоро бэйэлэрин тус салайааччыларын кытта олунньу 14-17 күннэригэр Старай Русса сиригэр 49 киһилээх бөлөҕүнэн сырыттылар. Спортсменнар олохтоох тустууктары тургутан көрөн, ыллааччы ыллаан, онтон да атын дьоҕурдарын көрдөрөн, салалта үлэһиттэрэ инникитин маннык сырыылары хайдах тэрийэр туһунан кэпсэтиилэри ыытан, ордук далааһыннаахтык сырыттылар. Сэриигэ өлбүт буойуннары кэриэстиир миитин тэрийдилэр, мэҥэ бэлиэлэр турбут сирдэринэн сырыттылар, Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронт түмэлин үлэтин кытта билистилэр. Өтөрүнэн маннык улахан бөлөх Саха сириттэн сылдьыбатах буолан, олохтоохтор биһирэбиллэрин ыллылар. Бастакы бөлөх кэнниттэн иккис, үһүс, төрдүс бөлөхтөр утуу-субуу кэлитэлээн, олохтоохтору сөрү диэн сөхтөрдүлэр.

Иккис бөлөх 28 киһилээх. Бу «хомуур» бөлөх сүнньүнэн Таатта, Амма, Чурапчы эдэр армеецтара буоллулар. Кинилэри Чурапчыттан Михаил Дьячковскай, Амматтан Алексей Кириллин, Тааттаттан Ньургуйаана Лебедева илдьэ сырыттылар. Кинилэргэ сыстан, сэриигэ сылдьыбыт аймахтарын суолун хайан, Үөһээ Бүлүүттэн – 3, Өлөөнтөн – 3, Өлүөхүмэттэн – 4, Чурапчыттан 3 киһи сырыттылар. Бу бөлөх Старай Руссаҕа сырыытыгар Ньурбаттан мин кытынным.

Старай Русса оройуонун баһылыга Елена Комарова салалтатынан эҕэрдэ киэһэтэ буолла. Сарсыныгар Ф.М. Достоевскай аатынан оскуолаҕа көрсүһүү тэрилиннэ. Эдэр армеецтар олохтоох оскуола оҕолорун кытта бодорустулар, инникитин бассаап нөҥүө сибээһи олохтуур дьон буоллулар.

«Хомуур» бөлөх Санкт-Петербурга экскурсияҕа сылдьар кэмигэр мин Старай Руссаҕа үргүлдьү тиийэммин, поисковой үлэни тэрийэр суолу хайдым. Оройуон салалтатын кытта былааннастым, сэриигэ өлбүт 19-с биригээдэ буойуннарын хайдах, ханна көмпүттэрин билээри, олохтоохтору кытта кэпсэттим.

Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронт түмэлигэр юнармеецтар кэккэлэригэр ылар тэрээһиҥҥэ кыттыстым, түмэлгэ бэлэхтэрбин туттардым. Борисовскай оскуола оҕолорун кытта көрсүһүүгэ поисковой үлэни ыытарга күүспүтүн холбуох буоллубут. Киэһэ Ретле олохтоохторугар саха саллааттара хайдах туруктаах сылдьан бастакы күн кыдыллыбыттарын, онтон салгыы хайдах сэриилэспиттэрин билиһиннэрдим. Биригээдэ буойуннара хайдах, ханна көмүллүбүттэрэ буолуой диэни ырытыстыбыт, ким тугу истибитин кэпсээтилэр. Бу сэдэмдьи сырыыбын тэрийсибит дьоммор – Тимур Фрунзе аатынан Култуура киинин дириэктэрэ Инна Поздняковаҕа, Нагово администрациятын баһылыга Виктор Бучацкайга, саха буойуннарын тыыннарын араҥаччылааччы, урукку Борисовскай администрация баһылыга Валентина Перминоваҕа махталым муҥура суох.

Биир дьоһун түгэнинэн Ретле таһыгар биһиги буойуннарбытыгар обелиск туруорбут Новгород куорат олохтооҕо, Ретле с. даачалаах Дмитрий Смыслов уолунуун Алексейдыын көрсүһүүбүт буолла. Уруккуттан наар төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сылдьыбыт дьон дьэ илэ көрүстүбүт.

Күһүн миигин батыһыннара сылдьан поисковой үлэ ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрбит Игорь Тумалыын бу сырыыбар, быыс-хайаҕас буллубут да, наар инники бииргэ үлэбит туһунан ырытыһан таҕыстыбыт. «Ньурба эрэллэрэ» салайааччыта Валентина Давыдованы уонна лицейтэн Игорь Попову И.Г. Туманы кытта көрсүһүннэрдим, поисковой үлэни тэрийиигэ сүбэ-ама ыллылар.

35 киһилээх Ньурба бөлөҕө Варвара Обоюкова салалтатынан Санкт-Петербург олохтоохторун бөлөҕүн кытта Старай Руссаҕа биир күн хойутаан кэллилэр. Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронт түмэлигэр сырыыларын кэнниттэн  80-ча киһилээх үс бөлөх дьоно Устрекка баар Саха сирин үбүгэр тутуллубут мемориалга сырыттыбыт. Буойуннаргыт өлбүттэрэ 80 сылын кэриэстээн 80-ча буолан кэлбиккит хайҕаллаах диэн олохтоохтор бэлиэтээтилэр. 19-с, 20-с, 21-с биригээдэлэр знамяларынан доҕуһуолланан, киһи бөҕө тыл эттэ. Оруобуна ити күн сытайан туран тымныйда, -20 буолла. Олохтоохтор бу саха дьоно тымныыларын илдьэ кэлбиттэр диэн суустаһаллар. Кырдьыга, бары да чараас таҥастаах дьон тоҥнулар быһыылаах, атаҕы атахха охсуоланыы үксээтэ, тиһэҕэр сыр-мыр көҕүрээн да бардылар. Биһиги лицеистэрбит ону ол диэбэккэ сыбыдахтанан кэбистилэр, байыаннай формаларын кэттилэр, автоматтарын үөһэ-аалараа мускуйан, строевойунан хааман-сиимэн көрдөрдүлэр.

Кэриэстээһин кэнниттэн бөлөхтөр сүрүн сэрии буолбут сиригэр Ретле дэриэбинэтигэр уонна «Саллаат сэргэтигэр» сырыттылар.

Хараҥаран хаалан, буойуннарбыт кыдыллыбыт сирдэригэр тиийэн, киэҥ-дириҥ кэпсэтии, санаа үллэстиитэ кыаллыбата. Аара суолга Буреги дэриэбинэтигэр баар 19-с биригээдэ буойуннарын братскай көмүүтүгэр тохтоон ааспатыбыт.

Ити чахчылары этэн туран, инникитин Ильмеҥҥэ сырыы тэрээһинигэр маннык этиилэрдээхпин:

Ильмень сэриитин туһунан билсиһиини үгэс быһыытынан бары бөлөхтөр 1968 сыллаахха Д.Д. Петров туруорсуутунан оҥоһуллубут пааматынньыктан саҕалыыллар. Онтон Хотугулуу-Арҕааҥҥы фронт түмэлин экспонаттарын көрөллөр. Салгыы Устрекка мемориалга тиийэллэр. Быйыл син балайда бириэмэҕэ аалыҥнаһыы буолла, бу туох мемориалай, хаһан, ким, тоҕо туппутай диэн быһаарыы тэриллибэтэ. Дьэ онтон миитин саҕаланна. Миитин кэнниттэн төттөрү Санкт-Петербурга айаннаан тиийэн, электричкалар сырыыларын куоттарбат туһунан эрэ толкуй сабардаата. Ыксал буолла, кэлбит дьоҥҥо сэрии хаамыытын, сэрии буолан ааспыт сирдэригэр экскурсия курдук тэрийэн билиһиннэрии ыытыллыбата. Өлбүт буойуннарбыт хайдах хараллыбыттарын иһитиннэрбэтибит.

Мин ол биир дойдулаахтарым!

Бырааттарым, убайдарым

Ойуур ахсын быстыбыттар,

Уу тулатыгар охтубуттар

Ити ииннэргэ көмүллүбүттэр…

Сыл ахсын биир халыып кылгас кэмҥэ (1 күн) ыксал сырыы тиийбит дьоҥҥо туһаны биэриитэ кыра. Саха сириттэн тиийэр дьону кырата 2 күн сырытыннарары тэрийдэххэ сатаныыһы. Ороскуот бөҕөнү уйунан кэлбит дьоҥҥо аймахтара Ретле тулатыгар, Горки-Конечек сиригэр, Устрек, Заднее поле уонна Залог түбэтигэр, Буреги туһаайыытынан сатамматах атаака кэмигэр хайдах быһыыга-майгыга кыдыллыбыттарын туһунан кэпсээни, быһааран биэриилэри истибэккэ дойдуларыгар төннөөхтөөтүлэр. Дьоҥҥо экскурсовод курдук кэпсээн биэрэр киһи баар буолуохтаах. Эгэ, 19-с биригээдэ кэлин кыайыылаахтык-хотуулаахтык сэриилэспит Взвад-Балагиж-Учно сирдэрин көрүөхтэрэ дуо, суох. Ол түбэлэргэ биирдэ да сырыыны тэрийэр санаа кимиэхэ да киирбэт. 19-с биригээдэ олунньу 23 күнүгэр кыдыллыыттан ордубут дьон салгыы харса суох сэриилэспиттэрин туһунан оннооҕор Левитан Совинформбюро иһитиннэриитигэр ахтан турар. Биһиги буойуннарбыт сэриилэспит сирдэригэр дьону сирдээн сырытыннарары тоҕо тэрийбэппитий, үгүс киһи онно охтубута, кинилэри тоҕо кэриэстиэ суохтаахпытый?

Мин туруум –

Аһыылаах дьоннорум ааттарын чиэһигэр,

Албаннаах кыайыыларын күлүмүн иэһигэр –

Кырдьаҕас тулаайах ийэттэн, аҕаттан,

Кылыстыы кылбаҥныыр эдэркээн ыччаттан,

Кый ыраах Ленаттан, долгуйар Амматтан,

Кырыылаах Дьааҥыттан, көмүстээх Алдантан,

Төҥүлү күөлүттэн, киэҥ Ньурба ыалыттан,

Төрөөбүт сирбиттэн – солко күөх Суоттуттан

Төбөбүн хоҥкута!

Сибэкки быраҕа!

Мин туруум –

Аһыылаах хараҕым уутун манна таммалата!

Дьоннорум уҥуоҕар ону манна ханыылата!....

Быйыл, урукку кэмнэргэ холоотоххо, Саха сириттэн сүүстэн тахса киһи Ильмеҥҥэ сырытта. Холобурдаан эттэххэ, кыдыллыы 75 сылыгар 2018 сыллаахха Саха сириттэн иккиэйэх эрэ буолан тиийбиппит. Эрдэттэн бэлэмнэммит чурапчылар инники сырыыларын кытта былааннаатылар, ону хайгыахха эрэ сөп. В.В. Обоюкова курдук энтузиаст дьоннордоох буолан, арыый хойутаан тэриммит да буоллар, Ньурба балай да киһитэ кытынна. Таатта, Амма, Өлүөхүмэ, Үөһээ Бүлүү, Өлөөн оройуоннара күөттээһин күүһүнэн син дьоннорун сырытыннардылар. Ильмень сэриитигэр элбэх дьонун сүтэрбит Горнай, Сунтаар, син балай да эмэ сүтүктээх Бүлүү, Мэҥэ Хаҥалас, Ленскэй, Хаҥалас оройуоннарыттан биир да киһи тиийбэтэҕэ хомолтолоох.

Мин саныахпар, бу сырыы өрөспүүбүлүкэ салалтатын өттүттэн кыттыһыы суоҕун түмүгэр итинник буолла. Быйыл оройуон дьоно бэйэлэрэ бэйэлэрин көҕүлэһэн, тэринэн сырыттылар.

Кинилэр эн килэҥ муускар

Ол өрдөөҕү кыланыылара,

Кинилэр өстөөххө абарбыт,

Кыайыыны ыҥырбыт хаһыылара –

Үйэлэри үрдүнэн иһиллэ тураллар…

Быйыл күһүн Чурапчы, Таатта, Амма оройуоннарын көҕүлээһиннэринэн 19-с, 20-с, 21-с биригээдэлэр знамяларын куоппуйалара оҥоһуллан, Саха сиригэр кэлбиттэрэ. 19-с биригээдэ знамята күһүн Мэҥэ Хаҥалаһынан, Уус Алданынан, Тааттанан, онтон суол аһыллыбытын кэннэ Намынан, Горнайынан, Бүлүүнэн, Ньурбанан, Өлүөхүмэнэн сылдьыталаан, дьон биһирэбилин ылла. Норуот санаатын өрө көтөҕөргө знамя суолтата сүҥкэн. Ильмень сэриитигэр охтубут буойуннардаах Саха сирин хас биирдии нэһилиэгэр кинилэри кэриэстээн знамя сылдьыбыта буоллар, олохтоохтор санааларын өрө күүрдүө этэ. Дойду көсмүскэлигэр охтубут буойун умнуллубат, үйэлэргэ кэриэстэнэр диэн санаа олохсуйарыгар ама ким сөбүлэһиэ суоҕай.

Хомойуох иһин, 19-с биригээдэбит знамята Саха сириттэн баран хаалла. Нэһилиэктэри толору кэрийбэтэ. Арассыыйа атын дьонугар бу сахалар Ильмеҥҥэ геройдуу охтубуттарын билиһиннэрэ турара өссө улахан суолталаах диэн, Санкт Петербург артиллерия түмэлигэр илдьэн туттарылынна. Чурапчы оройуонун салалтата тоҕо итинник быһаарыныыны ылбытын кыайан өйдөөбөтүм. Туһааннаах нэһилиэктэргэ сылдьыбытын кэннэ кэлин да барыан сөп этэ.

Аһыылаах дьоннорум чиэһигэр,

Албаннаах кыайыыларын иэһигэр…

С.С. Васильев «Улуу Ильмень» баллаадатыттан быһа тардыылар киирдилэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....