23.02.2021 | 11:16

Ил Түмэн ыттары көмүскүүр сокуоҥҥа уларытыылары туруорсар

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Олунньу 26 күнүгэр Ил Түмэн дьокутааттара кыыллары эппиэтинэстээх иитиини мэктиэлиир уонна кытаанахтык ирдиир Федеральнай таһымнаах сокуоҥҥа уларытыылары киллэрии туһунан кэпсэтиэхтэрэ.

Норуот дьокутааттара бу сокуоҥҥа уларыйыы киириэхтээҕин туһунан өссө былырыыҥҥытан этэллэр. Дьокутаат Павел Ксенофонтов кэпсээбитинэн, маннааҕы ырытыһыы кэнниттэн сокуон барыйыага бэлэмнэнэн салҕыы Судаарыстыбаннай Дуумаҕа ыытыллыаҕа.

Кыыллары иитиигэ эппиэтинэһи үрдэтэр сокуон 2020 сыл тохсунньутуттан олоххо киирбитэ. Ол сокуоҥҥа олоҕуран, бэйдиэ сылдьар ыттары уонна куоскалары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун үлэһиттэрэ туталлар, стерилизациялыыллар, наадалаах быһыылары туруораллар уонна көҥүлгэ ыыталлар. Бу сокуону Госдуума дьокутаата Владимир Бурматов киллэттэрбитэ биллэр. Сокуон киирбитин, үлэлээн барбытын кэннэ биллибитинэн, дойдубут үрдүнэн кыыллар приюттарынан хааччыллыы 20 эрэ бырыһыаҥҥа тэҥнэһэр эбит.

Бэйдиэ сылдьар ыттар кыһалҕаларын Дьокуускай олохтоохторо бэйэлэринэн, этэргэ дылы, эттэринэн-хааннарынан билэллэр. Билигин буола турар дьаһалта отчуоттарын кэмигэр бырах сылдьар кыыллар тустарынан боппуруостары ордук сытыытык Промышленнай уокурук олохтоохторо көтөхтүлэр. Баһылык э.т. Евгений Григорьевка бэриллибит ыйытыылар үгүстэрэ бу сытыы кыһалҕаҕа ананнылар. Бу уокурукка Быстах кэмҥэ хаһаайына суох кыыллары көрөр-истэр пуун үлэлиир буолан, босхо ыытыллыбыт ыттар үксүн манна олохсуйан хаалаллар, олохтоохтор куттанан уулуссанан да хаампат балаһыанньалара үөскүүр.

Евгений Григорьев Ил Түмэн дьокутааттарын өйөбүллэрин туһанан, федеральнай сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэргэ регион уратыларын барытын учуоттуохха наада диэн санааны тутуһар, федеральнай сокуону кытта сөпсөспөтүн этэр. Сотору приюкка ыттары тутарга аналлаах эбии массыына ылыллыахтааҕын кэпсээтэ.

Быстах кэмҥэ бэйдиэ сыльар кыыллары тутар пуун иһитиннэрбитинэн, 2020 сыл устата 2322 кыыл тутулунна:

- 1172 кыыл кастрацияланна уонна стерилизацияланна;

- 1056 вакцинацияланна;

- 1606 маркировкаланна;

- 628 хаһаайыттарыгар төннөрүлүннэ уонна саҥа хаһаайыннанна;

- 788 кыыл көҥүлгэ ыытылынна.

2020 атырдьах ыйыттан Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун “Помоги выжить” коммерческайа суох тэрилтэҕэ бэриллибитэ. Ол иннинэ бырах сылдьар кыылларынан “Жилкомсервис” МУТ дьарыктаммыта.

Норуокка биллэринэн бэйдиэ сылдьар кыыллары көрөр-истэр приют билигин “пуун” диэн ааттаммытабылырыыҥҥыттан Арассыыйаҕа кыылга-сүөлгэ эппиэтинэстээх сыһыаны өссө кытаанахтык ирдиир, икки атахтаах түөрт атахтааҕы кытта сыһыанын атын таһымҥа таһаарар саҥа сокуон ирдэбилигэр олоҕурар.

Саҥа сокуон этэринэн, бырах сылдьар ыттары өлөрүү бобуллар. Дьон олоҕор сэрэхтээх, кутталынан суоһуур кырыктаах ыттары тыыннаахтарын тухары тутар, көрөр-харайар приюттар тэриллиэхтээхтэр. Биһиги куораппытыгар “быстах болдьоххо бэйдиэ сылдьар кыыллары тутар пуун” диэн тэрилтэ баар буолбута. Оттон анал приют тутуута олус элбэх үбү эрэйэр...

***

 “Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуунтан” ким баҕарар түөрт атахтаах доҕор оҥостор ытын буор босхо талан ылыан сөп. Ыттар бары быһыылаахтар, доруобайдар, саҥа хаһаайын пааспардаах кэлэн талбыт ытыгар чип туруортарар. 

 “Хаһаайына суох кыыллары быстах кэмҥэ көрөр-истэр пуун”  аадырыһа: Очиченко уул., 57.

Бэнидиэнньик-оптуорунньук – санитарнай күннэр, дьону киллэрбэттэр.

Онтон атын күннэргэ сарсыарда 09.00 чаастан күнүс 16.00 чааска диэри үлэлиир.

  • Бэйдиэ сылдьар кыыллары тутууга сайаапкалары Биир кэлим диспетчердэр сулууспаларыгар туталлар:
  • 44-42-51
  •  44-42-29 (суукканы эргиччи).

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...