24.05.2021 | 18:55

Ил Түмэн дьокутааттарын аҕыйаталлар

(Ким туох санаалааҕый?)
Ааптар: Лия АЛЕКСЕЕВА
Бөлөххө киир

Билигин Ил Түмэн дьокутааттарын талыы уонна киһитин ахсаанын аҕыйатыы туһунан элбэх кэпсэтии барар турар. Норуокка дьокутаат уобараһа хобдоҕурбута, түспүтэ ыраатта. Дьокутаат буолла да сытыйа байбыт, тугу да күттүөннээҕи гыммат эрээри, нолуок төлөөччүлэр суоттарыгар, хамнас аахса сылдьар киһи курдук саныыр дьон элбэх...

Дьокутааттары талыы бириинсибин уларытыы буолан эрэр. Уопсастыбанньыктар номнуо “Ил Түмэн – 70” хамсааһыны тэринэн үлэлээн эрэллэр, улуустарга сылдьан дьону кытта көрсөллөр. Саатар бу дьаҥ тарҕанан, элбэх мэһэйдэри үөскэтэр курдук.

Дьокутаат ахсаанын аҕыйатыыга боростуой норуот сөбүлэһэр курдук. Ил Түмэн өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун интэриэстэрин кыайан көмүскээбэт буолла, онон аҕыйаатахтарына даҕаны олохпут уларыйыа суоҕа диир. Ону кытта Ил Түмэн профессиональнай дьокутааттартан таҥылыннаҕына үлэтэ тупсуо диэччилэр бааллар. Маны таһынан дьокутаат ахсаанын аҕыйаттахпытына ороскуот кыччыыр, баһаам экономия буолар диэччилэр эмиэ бааллар.

Маннык санаа барыта Ил Түмэн суолтатын, норуот бэрэстэбиитэллээх былааһын оруолун ситэ өйдөөбөттөн тахсар эбит. Норуоту кураанах дойҕоҕунан, аҥаардас демагогиянан бутуйуу элбээтэ. Ону кытта бэрэстэбиитэллээх былаас уонна ситэриилээх былаас уратыларын өйдөөбөт буолуу эмиэ тахсар буолла. Көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэр оруоллара улахан.

 

Сайдыылаах демократическай дойдуларга баһыйар партия дьокутааттарын ахсаана парламент аҥаарыттан кыраны ылар. Холобур, Скандинавия дойдуларыгар баһыйар партиялара парламеҥҥа 20-30 бырыһыаны ылан олороллор. Биһиэхэ Судаарыстыбаннай дуумаҕа билигин, Сэттис ыҥырыыга,  450 дьокутаат баарыттан, былаас баартыйатын бэрэстэбиитэллэрин ахсаана 76 бырыһыаҥҥа тэҥнэстэ. Алтыс ыҥырыыга 53 бырыһыан этэ, оччолорго демократия син баар диэхпитин сөп эбит... Алтыс ыҥырыыга, 2012 сыллаахха,  Госдуума демократияҕа төннөр дьаһалы ылыммыта – субьектар баһылыктарын быыбара төннүбүтэ, бу иннинэ федеральнай киин аныыра.

Ил Түмэҥҥэ билигин 70 дьокутаат үлэлиир. 47 дьокутаат “Биир ньыгыл Арассыыйа” партия бэрэстэбиитэллэрэ, ол аата 67 бырыһыана былаас партията. 70 киһиттэн 48-һы хаалларыахха дииллэр...

Дьиҥэ, Саха сирэ территорията киэҥинэн, улуустарын спецификатынан, ыраах-ыраах сыталларынан, олохторо-дьаһахтара уратыларынан 70-тан аҕыйах дьокутааттанара сыыһа диэччилэри кытта сөпсөһөбүн. Уонна бэрт судургу санааны этиэхпин баҕарабын: билигин ити 70 дьокутааттан 19 киһи хамнас ылар. 48 буоллахтарына, 25 киһи хамнас ылар буолар – бу экономия буолбатах. Бу биһигини салаллар, талбыттарынан дьаһайыллар регион оҥоро сатыыр быһыылара.

Политическай плюрализм диэн өйдөбүл баар. Күрэстэһэр кыахтаах элбэх партияттан турар бэрэстэбиитэллээх уорган бириинсибэ үлэлиэхтээх этэ. Биһиэхэ, хомойуох иһин, ол суох.

Тыал ханна үрэринэн баран испэккэ, толкуйдуу үөрэниэххэ, доҕоттоор! Оччоҕо эрэ кэскиллээх инникибитин оҥостуохпут.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...