Ил Дархан ыйааҕар уларыйыылар киирдилэр
Ыам ыйын 9 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев саҥа ыйааҕа таҕыста. 1844 №-дээх докумуон этэринэн:
— коронавируснай инфекцияны утары вакцинаны туруортарар киһиэхэ вакцина ылар күнүгэр уонна сарсыныгар эбии өрөбүл күн бэриллэр (хамнаһын хаалларан туран);
— бородууктаны кууһунан уонна биирдиилээн атыылыыр эргиэн тэрилтэлэрэ хас баскыһыанньа ахсын сарсыарда 8 чаастан 12 чааска диэри дезинфекция оҥороллоро ирдэнэр.
Былырыыҥҥы 1294 №-дээх «Саха сиригэр нэһилиэнньэ этэҥҥэ буоларын хааччыйар, саҥа коронавируснай инфекцияны тарҕаппат сыаллаах санитарнай-эпидемиологическай миэрэлэри уһатыы» ыйаахха аттракционнар үлэлэрин тохтотуу туһунан эбии уларыйыылар киирдилэр.
Санатар буоллахха, билигин өрөспүүбүлүкэҕэ ураты бэлэмнээх буолуу эрэсиимэ киирэн турар. Ол курдук, түүҥҥү кулууптар (дискотекалар), караоке саалалара уонна итинник хабааннаах саататар-сынньатар тэрилтэлэр, ол иһигэр атыы кииннэригэр баар тэрилтэлэр үлэлэригэр хааччахтааһын миэрэтэ ыам ыйын 31 күнүгэр диэри уһатылынна.