31.05.2022 | 16:00

Ил Дархан ыам ыйын түмүктэрин таһаарда

Ил Дархан ыам ыйын түмүктэрин таһаарда
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев «Якутия 24» телевизионнай ханаал «Якутия, вперед!» биэриитигэр региоҥҥа быйылгы халаан уутугар тыһыынча кэриҥэ киһи олорор 300-чэ дьиэ эмсэҕэлээтэ диэн иһитиннэрдэ. 
«Өрөспүүбүлүкэ улахан өрүстэригэр сыл ахсын муус барыыта биһиэхэ улахан тургутуу, муус харыыта мэлдьи буолар. Быйыл Өлүөнэ өрүскэ хас да сиринэн муус харыыта үөскээн, Өлүөхүмэҕэ, Дьокуускай аннынан, Намҥа, Уус Алдаҥҥа тыһыынча кэриҥэ киһи олорор 300-чэ дьиэтэ ууга бардылар», — диэтэ Айсен Николаев.
Билигин нэһилиэнньэлээх пууннар ууттан босхолоннулар, миэстэтигэр тахсыбыт хоромньуну ааҕыы бара турар.
«Саамай сүрүнэ — олорор дьиэлэр уонна социальнай эбийиэктэр алдьамматылар, арай суол сууралынна.  Халаантан эмсэҕэлээбит оройуоннарга уонна дьиэ кэргэттэргэ көмөнү оҥоруохпут. РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ити боппуруоска ураты болҕомтону уурары көрдөстө. Хоромньуну ааҕыы түмүктэннэ даҕаны, кылгас болдьох иһигэр халаантан эмсэҕэлээбит гражданнарга көмө барыаҕа», — диэн бэлиэтээтэ Ил Дархан.
Кини иһитиннэрбитинэн, Халыма өрүскэ муус этэҥҥэ баран иһэр, исписэлиистэр хас даҕаны территория ууга барыаҕа диэн сабалаҕаабыттара хата туолбата. 
«Халыма өрүскэ муус хаһааҥҥытааҕар даҕаны этэҥҥэ баран иһэр. Манна эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ барбыта уонна айылҕа бэйэтэ көмөлөстүлэр. Бары өрүстэргэ түмүктүүр түһүмэх этэҥҥэ ааһарыгар эрэнэбин, ол эрэн, Алдан өрүскэ иккис түһүмэх иһэр, сорох суоллар сабылыннылар. Улахан хоромньута суох ааһар ини диэн эрэнэбин», — диэн муус барыытын туһунан Ил Дархан түмүктээтэ. 


Ойуур баһаардарыгар сыһыаннааҕы даҕатан эттэххэ, ыам ыйынааҕы ойуур баһаардарын түбэлтэлэрэ дьон буруйунан тахсаллар диэн Айсен Николаев тоһоҕолоон бэлиэтээтэ. 


«Былырыын баччаҕа 126 ойуур баһаара баар этэ, быйыл — 16. Ыам ыйыгар тахсар баһаардар айылҕаттан буолбакка, киһиттэн тутулуктаахтарын өйдүөххэ наада. Саха сирин олохтоохторугар махтаныахпын баҕарабын уонна инники өттүгэр эмиэ айылҕабытыгар харыстабыллаахтык сыһыаннаһыахпыт диэн эрэнэбин», — диэтэ кини.
2022 сылга ойууру баһаартан харыстааһыҥҥа федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн 2,5 миллиардтан тахса солкуобайдаах үп бэриллибит. Былырыын ити сыалга 600 мөлүйүөн солкуобай көрүллүбүт.
«Былырыыҥҥы уопуппутуттан улахан түмүктэри оҥордубут. Федеральнай бүддьүөттэн кэлэр суума 5,6 төгүл, оттон өрөспүүбүлүкэттэн – икки төгүл үрдээтилэр», — диэн быһаарда регион баһылыга.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Уугун хана утуйан туруу — дьол
Сонуннар | 31.10.2024 | 14:00
Уугун хана утуйан туруу — дьол
Түүн утуйбакка сытар, сарсыарда буоларын кэтиир, аттыгар сытар киһини уһугуннарымаары биир сиргэ хамсаабакка буола сатааһын наһаа эрэйдээх, маны утуйбат дьон билэн эрдэхтэрэ.   Утуйбат буолууттан эрэйдэнэр дьон билигин үгүс. Ситэ утуйбакка туруу туох аанньа буолуой, сарсыныгар ээл-дээл, аат харата сүөдэҥниигин, төбөҥ ыалдьар, аны күнүс утуйан ылыаххын түүн эмиэ утуйуом суоҕа диэн...
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
Дьон | 24.10.2024 | 18:00
Ферум хорсун сырыыларын кэнчээри ыччата умнуо суоҕа
2022 сыл алтынньы 19 күнүгэр Ферум Аммосов анал байыаннай дьайыыга эн биһиги туспутугар, дойдутун туһугар сулууспалыы сылдьан олоҕун толук уурбута. Сырҕан бааһы таарыйан, бииргэ төрөөбүт балтын, ону тэҥэ бойобуой доҕорун ахтыыларын чугас дьонугар, ийэтигэр, аймахтарыгар таһаарабыт. Ол ыарахан кэмнэри санаппыппар, бука диэн, алы гыныҥ дуу...   – Саргылаана, бииргэ төрөөбүт хаһыа...
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Дьон | 25.10.2024 | 14:30
«Таҥаһы кытта кэпсэтэр» Варвара
Бүгүн мин ааҕааччыларбар билиһиннэриэм этэ Саха сирин уус-уран ойууга-дьүһүҥҥэ мусуойун научнай-сырдатар үлэҕэ методиһа, СӨ култууратын туйгуна Заровняева Варвара Ильинична-Күндүүлэни.   —  Варвара, иис абылаҥар ылларыыҥ, иннэни, сабы хас сааскыттан туппутуҥ туһунан кэпсиэҥ дуо? — Оҕо сааспыттан иис-уус эйгэтигэр улааппытым. Ийэм, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара Заровняева Варвара Гаврильевна өттүнэн эбээм, Бүлүү Баппаҕаайытыттан...
Санааҕытын түһэримэҥ!
Сонуннар | 01.11.2024 | 18:00
Санааҕытын түһэримэҥ!
Эдэр саас күөгэйэр күннэригэр, «муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан» кэмнэргэ, сорох дьоҥҥо «харса суохха суут-сокуон тойон буолбатах, харса суохха харса суох тойон» буолара кистэл буолбатах.   Инбэлиит кэлээскэтигэр олордор даҕаны, бэйэ кыаҕар эрэнэн, хорсун санаанан салайтаран, кэрэни кэрэхсиир, үтүөнү үксэтэр киһини кытта алтыспытым син ыраатта. Бу сыллар тухары киниэхэ төһөлөөх элбэх хаартысканы...