25.12.2023 | 10:00

Ил Дархан Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар 700 үөрэнээччи кытынна

Ил Дархан үгэс буолбут Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан 700 үөрэнээччи кытынна диэн Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын уонна бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ил Дархан Саҥа дьыллааҕы харыйатыгар 700 үөрэнээччи кытынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Наһаа үчүгэй, талааннаах ыччат үүнэн иһэриттэн үөрэбин. Үчүгэйдик үөрэннэххитинэ, олимпиадаларга, айар күрэхтэргэ, научнай-практическай конференцияларга уонна спортивнай күрэхтэһиилэргэ ситиһиилэннэххитинэ эһигини кытта тэҥҥэ үөрэбит», – диэтэ Айсен Николаев.

Манна даҕатан эттэххэ, Ил Дархан Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр олимпиадаларын кыайыылаахтарыгар 500 тыһыынча солкуобайы уонна призердарыгар 100 тыһыынча солкуобайы биэрэр туһунан быһаарыыны ылынна, туһааннаах ыйаахха илии баттаата.

Тэрээһиҥҥэ араас хайысханан үрдүк ситиһиилээх уон үөрэнээччигэ Айсен Николаев тус стипендията туттарылынна.

Быйылгы үөрэх сылын түмүгүнэн стипендиаттар – Дьокуускайдааҕы кадеттар оскуола-интэринээттэрин 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Семен Необутов, Өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпийскай резервэ 9-с кылааһын үөрэнээччитэ Кристина Дрозд уонна Өлүөхүмэ 4-с №-дээх орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Максим Поповскай өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттулар.

Итини сэргэ, тус стипендияҕа Тылгыны орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Виктория Алексеева, Куораттааҕы классическай гимназия 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Власий Югов, Абый оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Любовь Слепцова тигистилэр.

Итини таһынан, тус стипендияны Аллараа Бэстээх оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Магомед Наурузов, Физико-техническай лицей 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Александра Дмитриева, Бэрдьигэстээх оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Арсен Михайлов уонна Уус-Ньара гимназиятын 11-с кылааһын үөрэнээччитэ Татьяна Гарипова туттулар.

 

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....