Ил Дархан РФ Бэрэсидьиэнин сүбэ мунньаҕар кытынна
РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин видеоконференция форматынан ыыппыт сүбэ мунньаҕар регионнар баһылыктара кытыннылар. Ил Дархан Айсен Николаев дойду Аҕа баһылыгар ойуур баһаардарын умуруорууга бэйэтин этиилэрин киллэрдэ.
Ил Дархан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр баһаар сезонугар бэлэмнэнии үлэтин туһунан билиһиннэрдэ.
«Владимир Владимирович, Эн сорудаххынан ойууру баһаартан харыстааһыҥҥа 2022 сылга бүддьүөттэн үбүлээһин биэс төгүл улаатта. Федеральнай бүддьүөттэн уопсайа тустаах сыалга 1 млрд 600 мөл. солк. тахса көрүлүннэ. Өрөспүүбүлүкэбит үбүлээһин кээмэйин эмиэ лаппа улаатыннарда. Ол курдук, саҥа авиасалаалар тэрилиннилэр. Быйыл үлэһиттэрбит уонна тиэхиньикэбит эбиллэн, ойуур баһаардарын умуруорууга күүһүрдүбүт. Өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыгар ойуур баһаарын утары үлэлиир штаты таһынан 285 киһилээх бөлөхтөр тэрилиннилэр. Маны таһынан, мин быһаарыыбынан, Быыһыыр сулууспа үлэһитин ахсаана 45 киһинэн элбээтэ. Ахсынньы ыйга эбии 69 тиэхиньикэни атыыласпыппыт. Ааспыт сайын ойуур баһаардара күүскэ турбуттарыгар, ардаҕы ыҥырар анал ньыманы туһаныы улахан көдьүүстээҕин көрөн итэҕэйбиппит. Ол курдук, ойуур баһаардарын умуруорууга Авиалесоохрана «Веер» диэн тэриллээх сөмөлүөт улаханнык көмөлөспүтэ. Маннык тиэхиньикэ дойду үрдүнэн тарбахха баттаналлар. Билигин регионнааҕы авиахампаанньа баазатыгар Ан-26 сөмөлүөккэ искусственнай ардаҕы түһэрэр установканы туруорууга үлэлиибит. Маны таһынан, РФ Ойуур кодексыгар уларытыылар киириэхтэрин наада. Ол курдук, искусственнай ардаҕы аҥаардас ойуур баһаардарын умулларыыга эрэ буолбакка, хонтуруолга сылдьар ойуурга баһаар тахсар кутталын кыччатарга эмиэ туһаныахха наада. Онон Саха сирин пилотнай регион быһыытынан көрөргүтүгэр этии киллэрэбин», - диэтэ Айсен Николаев.
Итиннэ хоруйдаан РФ айылҕатын ресурсаларын уонна экологиятын миниистирэ Александр Козлов ойуур баһаарын умуруорууга “Север” киин икки бөртөлүөтэ үлэтин саҕалыаҕа, итиэннэ ыам ыйыгар биир көтөр аалы Саха сиригэр ыытыахпыт диэн эттэ.
Манна даҕатан эттэххэ, Саха сиригэр хонтуруоллуур «Ойуур баһаардара» модуль үлэтин саҕалаата. Билиҥҥи туругунан өрөспүүбүлүкэҕэ ойуур баһаарын 22 көрдүгэнэ баара бэлиэтэммит.