Ил Дархан өрөспүүбүлүкэ 2025 сыллааҕы уонна 2027 сылга диэри бүддьүөтүн дьүүллэстэ
От ыйын 15 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын чилиэннэрин кытта кэлэр 2025 сыллааҕы уонна 2027 сылга диэри судаарыстыбаннай бүддьүөтү ааҕыыны дьүүллэстэ.
Айсен Николаев бэлиэтээбитинэн, өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтэ социальнай хайысхалаах буолара, ол иһигэр бары социальнай төлөбүрдэр индексацияланаллара хааччыллыахтаах.
Ил Дархан итини сэргэ өрөспүүбүлүкэ экономиката санкциялары аахсыбакка эрэллээхтик сайдан иһэрин тоһоҕолоото. Ол курдук, 2024 сыл бастакы аҥаарыгар бүддьүөт дохуоттаах чааһын былаана ситиһиллибит. Базовай барыллааһынынан, кэлэр сылларга ВРП кээмэйэ сылга 3,0-4,0% тэҥнэһэрэ күүтүллэр.
Ил Дархан үп уонна экономика министиэристибэлэригэр кэлэр 2025 уонна 2027 сылга диэри бүддьүөтү ааҕыыга социальнай бырагыраамалары уонна эйгэлэри үбүлээһин кээмэйэ улаатарын учуоттуурга эттэ, диэн Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.