Ил Дархан ойуур баһаардарын кытта охсуһар киини тэрийэргэ этии киллэрдэ
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев, ыраах сытар территорияларга көмө буолар курдук, киин куоракка ойуур баһаардарын утары охсуһар киини тэрийэргэ этии киллэрдэ. Ол туһунан Арассыыйа информационнай агентствота иһитиннэрдэ.
От ыйын 21 күнүгэр Ил Дархан РФ президенэ Владимир Путин бырабыыталыстыба чилиэннэрин кытта мунньаҕар тыл эттэ.
«Өрөспүүбүлүкэ территориятыгар ойуур пуондатын 255 мөл. га сириттэн 90%-на авиациянан харабылланар олус ыраах сиргэ тайаан сытар. Ити сирдэргэ кэнники 4 сыл иһигэр 3100 ордук баһаар таҕыста. Ойуурдарбытын харабыллааһын таһымын үрдэтэр сыалтан Дьокуускай куоракка, билигин Красноярскай кыраайга тэриллэн эрэр курдук, ойуур баһаардарын кытта охсуһар региональнай киини аһарга этии киллэрэбин», - диэбит Айсен Николаев.
Кини президентэн эбии баһаары умуруорарга туттуллар тэриллээх ДТ-75 кылаастаах тыраахтары ыларга көмөлөһөрүгэр көрдөспүт.
«Төһө да „Экология“ национальнай бырайыак чэрчитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ элбэх ахсааннаах тиэхиньикэ кэлэрин иһин, баһаары умуруорарга туттуллар тэриллээх, үчүгэй көрдөрүүлээх ДТ-75 кылаастаах тыраахтары эбии көрөр туһунан көрдөһүүлээхпит, - диэн эппит Айсен Николаев.
Бэс ыйыгар РФ бырабыыталыстыбата Красноярскай кыраайга, ойуур баһаардарын кытта охсуһар «Север» киини тэрийиигэ, тиэхиньикэни атыылаһарга, тус састаабы хомуйарга, баһаарынай-десантниктар уонна парашютистар тэриллэригэр биэс миллиард солкуобай харчыны көрбүт.
390 сотрудниктаах киин Сибиир уонна Уһук Илин саамай баһаартан эмсэҕэлээбит регионнарыгар көмө оҥороро былааннанар.