Ил Дархан олох-дьаһах уонна экэниэмикэ түмүктэрин мунньаҕар кытынна
Өрөспүүбүлүкэбит баһылыга Айсен Николаев 2021 сыл түмүктэрин таһаарыыга уонна 2022 сылга торумнанар соруктарга анаммыт сүбэ мунньахха кытынна. Мунньаҕы Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы – Уһук Илиҥҥэ Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев ыытта. Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыгын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Ааспыт сылга Саха сирин экэниэмикэтэ коронавирус дьаҥын кэнниттэн чөлүгэр түспүтэ көстөр: ис регионнааҕы бородуукта кээмэйэ 1 трлн 459 млрд солк. тэҥнэстэ. Өрөспүүбүлүкэ промышленнай оҥорон таһаарыыга инники күөҥҥэ иһэр (7 миэстэ) уонна Уһук Илиҥҥэ иккис миэстэлээх. Промышленнас оҥорон таһаарыытын индексэ кэнники 11 сылга муҥутуур чыпчаалга тиийэн 116,1 бырыһыанынан сыаналанар буолла. Саха Өрөспүүбүлүкэтэ Инвест-килиимэт туругунан национальнай рейтиҥҥэ үһүс сылын эрэллээхтик көрдөрүүтүн тупсаран ааспыт 2021 сылга ТОП-10 иһигэр киирдэ. Инвестиционнай бырайыактары олоххо киллэриинэн сибээстээн Саха сиригэр идэтийбит каадырдар дьулуһаллар. 2021 сылга Саха сиригэр миграция үүнүүтэ 84,7 % тэҥнэстэ, ити Арассыыйа орто көрдөрүүтүн 3 төгүлтэн ордук куоһарда.
Итини сэргэ региоммут Уһук Илиҥҥэ нэһилиэнньэ бэйэтин элбээһининэн инники таҕыста. Саха сиригэр Уһук Илин федеральнай уокурук субъектарын ортолоругар дьон үйэтин уһунунан үрдүк көрдөрүүлээх – 71,1 саас уонна өлүү көрдөрүүтэ намыһах – 1 тыһыынча киһиэхэ 10,8. Экэниэмикэ үүнүүтэ судаарыстыба бүддьүөтүгэр үп-харчы бигэтик киириитин хааччыйда. 2021 сылга дохуот киириитэ 320,8 млрд солк. тэҥнэстэ, ити 28 бырыһыанынан 2020 сыллааҕар намыһах, ол иһигэр бэйэ дохуота 47% тиийэн 190,2 млрд буолла.
Сүбэ мунньах кыттыылаахтара 2022 сылга социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыы сүрүн соруктарын торумнаатылар: медицина, промышленнас сайдыытын, тырааныспар эбийиэктэрин тутуу боппуруостарын. Бу мунньахха Уһук Илин федеральнай уокурук регионнарын губернатордара, Арассыыйа Бырабыыталыстыбатын миниистирдэрэ (үрдүк үөрэх уонна наука миниистирэ Валерий Фальков уонна Арктика миниистирэ Алексей Чекунков) уонна “Уһук Илин сайдыытын корпорациятын” бэрэстэбиитэллэрэ кытыннылар.