Ил Дархан коронавируһунан ыалдьыбыттары босхо эминэн хааччыйарга сорудахтаата
Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев регионнааҕы доруобуйа харыстабылын Министиэристибэтигэр коронавируһунан ыалдьыбыт, амбулаторнай көрүҥүнэн эмтэнэ сылдьар дьону босхо эминэн хааччыйааһыны ураты хонтуруолга илдьэ сылдьалларыгар сорудахтаата. Бу туһунан баһылык уонна бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Итинник сорудаҕы Ил Дархан регионнааҕы Суһал штаб мунньаҕар биэрбит.
Өрөспүүбүлүкэҕэ эпидемиологическай быһыы-майгы уустугунан хаалар – Дьокуускайга уонна кэккэ оройуоннарга ыарыы күн-түүн элбии турар.
«Быһыы-майгы исписэлиистэр билгэлээһиннэрин курдук буолла. Ол эрэн, төһө да ыалдьыы түбэлтэтэ элбэҕин иһин, дьон ыарыыны арыый да чэпчэкитик аһарынар, ордук быһыыны ылбыттар. Ол иһин балыыһаҕа киирии ахсаана аҕыйах. Ол да буоллар, налыйан хааларбыт сатаммат», — диэтэ Айсен Николаев.
Быһыыны ылбыттар ыарыыны чэпчэкитик аһарыналларын учуоттаан, суһал штабтары вакцинацияны уонна ревакцинацияны ураты болҕомтоҕо ылаллара этилиннэ. Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр олохтоохтор 79,9%-нара быһыыны ылбыт, 60,9% ревакцинацияны ааспыт.
Итини кытта өрөспүүбүлүкэ баһылыга «Росздравнадзорга» судаарыстыбаннай уонна чааһынай аптекаларга эмп саппааһын хонтуруолун күүһүрдэргэ сорудахтаата.