27.12.2019 | 10:30

ИЛ ДАРХАН ХАРЫЙАТА

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Ил Дархан үтүө үгэскэ кубулуйбут харыйата быйыл ахсынньы 23 күнүгэр СӨ Циркэтин дьиэтигэр буолан ааста. Манна сыл устата бастыҥ үөрэхтээх, норуоттар икки ардыларынааҕы,  Бүтүн Арассыыйатааҕы олимпиадалар, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэр, спортивнай күрэхтэһиилэр кыайыылаахтара, призердара, үөрэххэ дьаныардаах, ураты талааннаах 700 оҕо 23 улуустан  муһунна.

Ил Дархан харыйатынан быйыл даҕаны Циркэ дьиэтэ киэргэтиини кыайбыт. Ону сэргэ Посельскаялар ааттарынан Оҕо балетнай оскуолатын иитиллээччилэрин кытта “Щелкунчик и мышиный король” испэктээкэли көрдөрдүлэр.

ТАҺЫМА ҮРДЭЭБИТ

Урукку сыллары ылан, Ил Дархан харыйатын таһыма, суолтата да үрдээбит. Бириэмийэ кээмэйэ эмиэ уларыйбыт. Ол курдук, 25 тыһыынча солкуобай кээмэйдээх истипиэндьийэ буолбут. Урут оҕолорго анал счет арыйтаран, харчыларын онно түһэрэллэрэ, биир бириэмэҕэ ноутбук, ол иннинэ персональнай көмпүүтэр бэлэхтии сылдьыбыттара. Аны туран быйылгыттан М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет үөрэххэ тутар быраабылатынан сирдэтинэн, бакалавриат, специалитет бырагыраамаларыгар үөрэххэ туттарсааччыларга баал эбиллэр буолбут. Ол эбэтэр СӨ Ил Дарханын стипендиаттара абитуриеннарга 7 баал эбиллэр. Докумуон 2018-2019, 2019-2020 сылларга бэриллибит буолуохтаах.

ҮӨРЭНЭЭЧЧИ БАРЫ ӨТТҮНЭН САЙДАР

Тэрээһиҥҥэ кэлбит оҕолор үс күн устата “Сосновый бор” лааҕырга олордулар. Кинилэр бу күннэргэ киин куорат култуурунай олоҕун кытта билистилэр. Ол курдук, “Кванториумҥа”, “Арассыыйа – мин историям” история пааркатыгар, “Лена” киинэ тыйаатырыгар, классическай муусука кэнсиэригэр сырыттылар. Маны таһынан, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университекка идэлэрин талалларыгар сирдиир, сүбэлиир, билиһиннэрэр көрсүһүүлэргэ сырыттылар.

ИЛ ДАРХАН ЭҔЭРДЭТЭ

Быйылгы тэрээһин – Ил Дархан Айсен Николаев иккис харыйата. Айсен Николаев мустубут оҕолорунан сирэйдээн, өрөспүүбүлүкэ үөрэнээччилэрин барыларын Саҥа дьылынан эҕэрдэлээтэ. “Саха сирэ өркөн өйдөөх, айар дьоҕурдаах оҕолордооҕунан киэн туттар. Сыллата дойду үрдүнэн ыытыллар араас хабааннаах тэрээһиннэргэ эһиги ситиһиилээхтик кыттаҕыт. Онтон биһиги сайдар, ситиһиигэ дьулуһар кыаххытын өйүүбүт. Саха сирэ үөрэххэ үгүс үбү-харчыны угар. Үөрэнэр баҕа санааҕыт хаһан даҕаны уҕараабатын. Өскөтүн киһи үөрэнэр, саҥаҕа, билбэтэҕин билэргэ талаһар буоллаҕына, бу киһиэхэ олоҕор барыта табыллыаҕа. Дьолу, ситиһиини”, — диэн санаатын тиэртэ.

ОҔОЛОР САНААЛАРА

Ил Дархан харыйатыгар мустубут оҕолор бары даҕаны олус сэргэхтэр, аһаҕастар, маанылар. Кинилэри көрөн, киһи эрэ дойдубут кэскилэ чаҕылхай диэх курдук. Биллэрин курдук, үүнээри турар 2020 сылы Ил Дархаммыт Дойдуга бэриниилээх буолуу сылынан биллэрдэ. Патриотизм – оҕону иитии сүрүн өрүтэ. Патриотизм сылын биир сүрүн хайысхатынан «Биһиги – Арассыыйа кэскилэбит!» ыйааҕы олоххо киллэрии буолуоҕа. Манан сиэттэрэн оҕолортон патриотизм суолтатын,  IT-га сыһыаннарын, буола турар уларыйыыларга төһө бэлэм буоларбытын, Арктиканы сайыннарыы стратегиятын сурастым.

Максим Афанасьев, XI-с кылаас, Тиксии, Булуҥ:

– Инники олохпор олус эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһабын. Саҥа усулуобуйаҕа, эйгэҕэ түргэнник үөрэнэн иһиэхтээхпин өйдүүбүн. Бу билигин Ил Дархан харыйатыгар ыҥырыллан, сүргэм өрө көтөҕүллэн сылдьабын. Мин санаабар, Арктика улуустарыгар олох таһыма үрдүөхтээх, дьон олоҕо тупсуохтаах. Тырааныспар, сибээс сайдыан наада. Урут, сэбиэскэй кэмҥэ, биһиги бөһүөлэхпит «Севморпуть» быстыпат сорҕото этэ. Бу историческай чахчыны умнар табыллыбат. Оччолорго, саастаах олохтоохтор этэллэринэн, бөһүөлэккэ социализм кэлэн ааспыт. ССРС ыһыллбытын кэннэ Тиксии порда быраҕыллыбыта. Ол олох-дьаһах хаачыстыбата айгырыырыгар тиэрдибитэ. Ил Дархан Арктикаҕа болҕомто уурарын туһунан этиитин олус үөрэ иһиттим. Патриотизм диэн төрөөбүт дойдуга таптал, дьоҥҥо истиҥ сыһыан диэн өйдүүбүн.

Түмүкпэр ханнык баҕарар эйгэҕэ холонон көрөрбүт кимиэхэ эрэ буолбакка, тус бэйэбитигэр эрэ наадалаах диэн этэбин. Онон ким эрэ көрдөһүүтүн күүппэккэ, барытыгар бэйэбит ылсан иһиэхтээхпит. Барыта киһи бэйэтин баҕатыттын тутулуктаах буоларын өйдөөҥ.

Нарыйаана Пестрякова, XI-с кылаас, Үөһээ Бүлүү:

- Саха сирин олохтоохторугар сиринэн, өрүһүнэн сырыы баар буолара буоллар, ас-таҥас сыаната чэпчиэ этэ. Муоста тутуллуннаҕына, дьон Өлүөнэ өрүһү түөрт төгүл элбэхтэ туоруон сөп. Оччоҕо атыы-эргиэн, олох таһыма, үөрэх барыта тупсуо этэ. Сахабыт сирин илин эҥэр улуустара өр сылларга күүппүт баҕалара туолуон, олоххо киириэн баҕарабын. Арктика улуустарыгар суол-иис тупсуута уонна сөмөлүөккэ бырайыас сыаната түһэрэ буоллар. Кэлэр сылтан дойду баһылыга бу этиилэри олоххо киллэриэ дии саныыбын.

Патриотизм тиэргэнтэн саҕаланар буоллаҕа дии. Саамай сүрүнэ – төрөөбүт сиргэр-уоккар бэриниилээх тапталыҥ, уҕараабат күүһүҥ.

Мария Сергеева, XI-с кылаас, Усуйаана:

- Инники олохпор бэлэмнэнэн, мин үөрэхпэр кыһаллабын. Предметнэй олимпиадаларга мэлдьи кыттабын, туйгуннук үөрэнэбин. Онон Владивостокка “Океан” лааҕырга сынньанар чиэскэ тиксибитим.

Арктикаҕа суол-иис кыһалҕатын таһынан, интэриниэт быстар мөлтөх. Ол иһин Арассыыйа таһымнаах араас күрэхтэһиилэргэ, олимпиадаҕа кыттар кыахпыт суох. Дьиҥэр, хоту улуустар да оҕолоро талааннаах, билиилээх, үөрэххэ дьулуурдаах буоллахпыт. Суол-иис, сибээс суох буолан, олохпут хаачыстыбата куһаҕан. IT Сахабыт сиригэр сайдар дииллэр эрээри, хоту улууска тиийэ илик. Патриот диэн дойдутугар эрэллээх уонна бэриниилээх киһини этэллэр.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....