16.07.2024 | 19:50

Ил Дархан Дьокуускай куорат уонна Нерюнгри маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ бүддьүөт сайаапкаларын тэтимирдэргэ сорудахтаата

Ил Дархан Дьокуускай куорат уонна Нерюнгри маастар-былааннарын олоххо киллэриигэ бүддьүөт сайаапкаларын тэтимирдэргэ сорудахтаата
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

От ыйын 15 күнүгэр Ил Дархан Дьокуускай куонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннарынан 2025 сылга олоххо киириэхтээх социальнай уонна инфраструктурнай эбийиэктэр тула бырайыактыыр офис мунньаҕын ыытта. 
Айсен Николаев от ыйын 31 күнүгэр диэри бастакы уочарат үбүлэниэхтээх эбийиэктэри учуоттуур былаан-графиктары оҥорон бигэргэтэргэ сорудахтаата. 
«Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттарга кэлэр 2025 сылга хас да даҕаны социальнай эбийиэги тутуу былааннанар – оскуолалар, оҕо саадтара, доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрэ. Онон 2025-2027 сылларга федеральнай бүддьүөтү таһынан атын сайдыы институттарыттан эмиэ элбэх үп киирэрэ ирдэнэр»,– диэн бэлиэтиир Айсен Николаев.

Этиллэр маастар-былааннарынан Дьокуускайга «Спортивнай» түөлбэ, үс уопсастыбаннай туона тутуллаллар, Нерюнгрига киин балыыһа блоктарын өрөмүөнэ, атын даҕаны бырайыактар бааллар.

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга федеральнай министиэристибэлэргэ уонна биэдэмистибэлэргэ былааннаах эбийиэктэри үбүлээһиҥҥэ сайаапкалары ыытары түргэтэтэргэ соруйда. Ил Дархан маны сэргэ бырайыак-смета докумуонун хаачыстыбатыгар болҕомто уурарга туһаайда. 
Санатар буоллахха, Дьокуускай уонна Нерюнгри куораттар маастар-былааннара дойду баһылыга Владимир Путин дьаһалынан оҥоһуллубуттара. Өрөспүүбүлүкэ икки бөдөҥ куоратын маастар-былааннарыгар 133 эбийиэк киирбитэ (Дьокуускайга – 90, Нерюнгри куоратыгар – 43), диэн иһитиннэрэр Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба пресс-сулууспата. Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...