09.08.2021 | 10:00

Ил Дархан Айсен Николаев баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ суһал көмө оҥоһуллара наадатын эттэ

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Айсен Николаев бырабыыталыстыбаҕа уонна биэдэмистибэлэргэ туһаайан баһаартан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө тута оҥоһуллуохтааҕын туһунан эттэ.
«Үгүс дьоҥҥо докумуоннара суох эбэтэр ситэ оҥоһулла илик буолуон сөп. Ол иһин биһиги дьон диэки буолуохтаахпыт. Ити мин тус принцибим, сүрүн санаам. Итинник балаһыанньаҕа туох да бюрократия суох буолуохтаах», — диэбит Айсен Николаев Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр баһаартан эмсэҕэлээбиттэри өйүүр туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар. 
Санатар буоллахха, үөһэнэн барбыт ойүүр  баһаарын түмүгэр Бэс-Күөл сэлиэнньэтигэр 31 олорор дьиэ уонна тиэргэн иһинээҕи тутуулар умайбыттар, 225 дьиэни улахан сыранан быыһаабыттар. Билигин өрөспүүбүлүкэ салалтата баһаартан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө оҥорор миэрэлэри ылынар.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...