Ил Дархан алтынньы 30 - сэтинньи 7 күннэригэр үөрэнээччилэр сынньалаҥнарын быһаарарга сорудахтаата
СӨ Ил Дархана Айсен Николаев алтынньы 21 күнүгэр коронавируснай инфекцияны өрөспүүбүлүкэ территориятыгар тарҕаппат сыаллаах суһал штаб мунньаҕын ыытта. Кини өрөспүүбүлүкэҕэ санитарнай-эпидемиологическэй быһыыны-майгыны уустугунан сыаналаата. Суукка иһигэр коронавирус дьаҥынан ыалдьыы 282 саҥа түбэлтэтэ регистрацияламмыт, 168 киһи ыарахан туруктаах, итинтэн 31 киһитэ ИВЛ аппараатыгар холбоммут. Айсен Николаев сүрүн боппуруостары бэлиэтээтэ, ол иһигэр өрөспүүбүлүкэ бары оскуолаларыгар күһүҥҥү каникуллары биллэрии туһунан этилиннэ.
Кини бэрэсидьиэн Владимир Путин быыһаарыытын кытта сөп түбэһиннэрэн алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран) үлэлээбэт күннэринэн биллэриэххэ диэтэ.
Баһылык вакцинация намыһах тэтимнээҕин ыйда. Саха сирин үс оройуонугар – Намҥа, Уус Алдаҥҥа уонна Чурапчыга быһыы былаана 70%-тан намыһах туолбут. Вакцинация тэтимэ Дьокуускай куоракка эмиэ намтаабыта этилиннэ.
Ыалдьыбыт дьонтон быһыыны ылбатах өттө өлөр түбэлтэлэрэ аҕыйаабата бэлиэтэннэ. Ити туһунан вице-премьер Ольга Балабкина иһитиннэрдэ.
Ил Дархан элбэх дьону мунньар түүҥҥү саататар тэрилтэлэри кытта үлэ күүскэ барыахтааҕын туһунан эттэ. Бастакы уочарат административнай хамыыһыйа уонна ис дьыала уорганнарын хонтуруоллуур рейдэлэригэр мэһэйдэһии тахсыа суохтааҕа этилиннэ.
Айсен Николаев хааччахтыыр миэрэлэри хас биирдии киһи, ханна баҕарар тутуһуохтаах диэн тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.
Мунньах түмүгүнэн кини алтынньы 30 күнүттэн сэтинньи 7 күнүгэр диэри (ити күнү киллэрэн туран) үөрэнээччилэр каникулларын тэрийэр боппуруоһу суһаллык быһаарарга сорудахтаата. Итинник этиини Саха сиринээҕи Роспотребнадзор Управлениетын салайааччыта Маргарита Игнатьева киллэрдэ.
Ил Дархан премьер-министр Андрей Тарасенкоҕа Өлүөнэ эбэҕэ муус туруор диэри кислород саппааһынан хааччыйар, оройуоннарга быһыы тэтимин күүһүрдэр сорудаҕы биэрдэ.