Икки түһүмэҕи аас – бириистэ сүүй
Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата вакцинация 2 түһүмэҕин толору ааспыт дьоҥҥо медицинскэй чинчийиилэри бириис быһыытынан оонньотор диэн поликлиника пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Бириистэри оонньотуу ыам ыйын 18 күнүттэн 23 күнүгэр диэри ыытыллыаҕа. Хас биирдии вакцинацияламмыт киһиэхэ оонньууга кыттарга нүөмэр бэриллэр.
Бириистэргэ МРТ араас көрүҥэ, ис уорган УЗИ-та, COVID-19 бэрэбиэркэлиир иммуноглобулин анаалыһа, Д битэмиин таһымын бэрэбиэркэлээһин уонна маммография бааллар.
Дьокуускай куорат 3 №-дээх балыыһата бары баҕалаах дьону вакцинация пууннарыгар сарсыарда 8 чаастан киэһэ 20 чааска диэри күүтэр диэн санатабыт.
Пууннар аадырыстара:
-Лермонтов уул., 121
-Хатас сэлиэнньэтэ, Каландарашвили уул., 4/2
- Табаҕа сэлиэнньэтэ, Строительнай уул., 31
- Эргэ Табаҕа, Лесной уул., 12.
Маны сэргэ ыам ыйын 18 күнүттэн Эстрада театрыгар (Ленин уул., 47) «Вакцинация түүнэ» аахсыйа саҕаланна. Вакцинация аахсыйата ыам ыйын 18 күнүттэн 19 күнэ буолар түүнүгэр, ону таһынан ыам ыйын 21 күнүттэн 22 күнэ уонна ыам ыйын 22 күнүттэн 23 күнэ үүнэр түүннэригэр ыытыллыаҕа.
Прививка ыларга наадалаах докумуоннар: пааспар, ОМС полиһа уонна СНИЛС.