ИККИ СТАНДАРТ ?
“Ийэ тыл кэскилэ” түмсүүнү кытта Үөрэхтээһин управлениетыгар киирсэ сырыттым. Кыһалҕа тирээтэҕинэ, эмискэ, сэрэтиитэ суох киирэн кэлиэххэ эмиэ сөп. Управлениелар ону бопсубаттар, ааннара өрүү аһаҕас. Этэргэ дылы, атыттардааҕар норуокка чугастар.
Ол эрэн бу сырыыга “Ийэ тыл кэскилэ” түмсүү актыбыыстара Дьокуускай куораттааҕы Классическай гимназияҕа буола тура быһыы-майгы туһунан иһитинэрдилэр. Уопсастыбаннай тэрилтэҕэ төрөппүттэртэн иһитиннэриилэр киирбиттэр. Үөрэх салалтата оскуолаларга икки араастык сыһыаннаһара сыыһатын, сахалыы үөрэтиэн баҕарар төрөппүттэргэ “оҕо нууччалыы саҥарара үчүгэй” диэн ис хоһоонноох этэрин, Классическай гимназияҕа сокуону кэһии баарын эттилэр.
Вилюяна Никитина – "Ийэ тыл кэскилэ" хамсааһын салайааччыта:
– Бастакы сахалыы кылааска оҕолорун киллэрэр төрөппүттэр сайабылыанньаҕытыгар “сахалыы” диэн хайаан да бэлиэтээҥ, туох эмит ыйытыылаах буоллаххытына, биллиҥ диэн сурук тарҕаппыппар соторутааҕыта биир төрөппүт бассааптаата. Кини куораттааҕы классическай гимназия оройуонугар киирэр дьиэҕэ пропискалаах, сахалыы кылааска киириэн баҕарар эбит. Электроннай сайабылыанньа биэрэн, докумуоннарын оригиналларын туттара ол гимназияҕа ыҥырыллыбытыгар «кылаастар туоллулар” диэн, тылы талар сайабылыанньатын олох да суруттарбатахтар. Бу төрөппүт биһиэхэ тахсыбытыгар, оннук буолара сыыһа диэн быраабын быһааран биэрбиппитигэр, иккистээн сокуолаҕа тиийбит. Эмиэ аккаас ылбыт, бу сырыыга “туоллубут” диэбиттэр. Оччоҕуна суругунан аккаас биэриҥ диэбитигэр биэрбэтэхтэр. Дириэктэр “26-с оскуолаҕа барар эрэ буоллаххына суруйабын” диэбит. Ону суруйаары, үөрэх салалтатыгар тиийбитигэр эмиэ “оннук ылыллыбат” диэн хоруйдаабыттар.
Оттон пропискалаах буоллаххына, оҕоҥ ханнык тылынан үөрэнэрин талар сайабылыанньаны хайаан да ылыахтаахтар диэн ирдэбил ханна барда? Кэтэһэр уочаракка туруохтаах, ханнык тылынан үөрэниэн баҕарара учуоттаныахтаах этэ буолбатах дуо?
Саха оскуолаларыгар сайабылыанньаны барытын ылаҕыт диэн ирдиир буоллахтарына, бу Классическай гимназияҕа ол тоҕо үлэлээбэт?
Аны иккис төрөппүт суруйда. Эмиэ ити Куораттааҕы классическай гимназияҕа хапсар пропискалаах. Киниттэн сайабылыанньа ылбыттар, сахалыы үөрэнэр баҕатын бэлиэтээбит, онуоха докумуону тутар үлэһиттэр “сахалыы кылаас арыллыбат” диэн туран, “нууччалыы” диэн суруйарын ирдээбиттэр. Инньэ гынан оскуолаҕа киирэр баҕаттан “нууччалыыга” диэн суруйарыгар күһэллибит. Ол кэннэ үөрэх салалтатыгар баран, сайабылыанньаҕа “нууччалыы” диэн бэлиэтэттилэр, оҕобун сахалыы иитэр-үөрэтэр соруктаахпын диэн эппитигэр: “Иннэ кыайан сахалыы кылаас арыллыбат”, – диэн эппиэттээбиттэр. Ол оннугар 26-с оскуолаҕа барарыгар сүбэлээбиттэр. Киһини дьиксиннэрэрэ диэн, саха оҕото нууччалыы үөрэнэрэ туох да куһаҕана суоҕун кэпсээбиттэр. Оттон олорор сирбинэн талбыт тылбынан үөрэнэр бырааппыт ханна барда?
Биллэн турар, бу төрөппүттэр ааттарын аһаҕастык биллэрэллэрин сэрэнэллэр. Кэлин оҕобутугар охсуулаах буолан тахсыа диэн куттаналлар. Дьэ, маннык төрөппүт төһө эрэ элбэх...
Куораттааҕы классическай гимназияҕа киирбит оҕолор үөрэниэн баҕарар тылларын үөрэх салалтатыгар бэйэҕит хонтуруоллаан саҥаттан таллараргытыгар туруорсабыт!
Оскуола ол сыыһатын биллэримээри, эрдэ үлэни ыытан, дьиҥ турук көстөрүгэр мэһэйдэһиэ суоҕа диэн эрэнэбит.
***
Дьиҥэ, ирдэбиллэргэ олоҕурдахха, оскуола докумуон ыларыгар төрөппүттэртэн киирбит сайабылыанньалары көрөн кылаастарын таҥыахтаах. Эрдэттэн ханнык тылынан үөрэтэллэрин быһааран кэбиһиэ суохтаах. Ол чыыстай нууччалыы оскуолаҕа сайабылыанньа киирэн сахалыы кылаас арыллар түгэнигэр, көйгөтүллүөн эмиэ сөп. Күүстээх төрөппүттэр эрэ баар буоллахтарына эриһиэхтэрэ. Арыллыбат да түгэнигэр, оскуола салалтата эрдэттэн “сахалыы кылаас биһиэхэ арыллыбат” дии олороро олох сыыһа.
Классическай гимназия оҕолорун сахалыы үөрэтиэн баҕарар төрөппүттэртэн сайабылыанньаларын ыла да сорумматах. Оттон “Айыы кыһата” барахсан уонунан сыл кэтэспит саҥа дьиэтигэр көһөн киирэригэр хайдах гыннылар? Төһөлөөх айдаан таҕыста этэй? Баҕалаахтары нууччалыы үөрэтиэхтээххит диэн туран, саҥа кылаастары арыттардылар ээ.
Бу күннэргэ, сураҕа, Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназияҕа эмиэ бэрэбиэркэ тиийэн, “нууччалыы” үөрэниэн баҕалаахтартан сайабылыанньаларын ылыахтааххыт диэн ирдээбит... Эмиэ сахалыы эйгэ эмсэҕэлиир буолбут.
Онон Үөрэхтээһин управлениетыгар чахчы икки стандартынан үлэлээһин баар буолан тахсар. Кырдьыгы уонна чиэһинэй дьаһаллары туруорсуунан биирдиилээн эрэ төрөппүттэр буолбакка, түмсүүлээх уонна толкуйдаах хамсаныылар ситиһиэхтэрэ.