20.09.2024 | 10:00

«Иистэнньэҥ баҕата байҕал курдук дириҥээн, кэҥээн иһэр эбит...»

«Иистэнньэҥ баҕата байҕал курдук дириҥээн, кэҥээн иһэр эбит...»
Ааптар: Вера КАНАЕВА
Бөлөххө киир

Киһи бу орто дойдуга туох эмит дьоҕурдаах кэлэр. Бу айыллыы өбүгэттэн ситимнэнэр. Өбүгэ сатабыла, дьоҕура удьуорунан бэриллэр. Ол үтүө холобурун Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин олохтооҕо Марфа Нестероваҕа көрүөххэ сөп. Бүгүн кинини кытта кэпсэтиибитин сэргээҥ.

– Күһүммүт барахсан номнуо кэмин ылан, тулабыт көмүс өҥүнэн ойууланна. Өр кэтэһиннэрбэккэ, тулабыт маҥан хаарынан үллүктэниэ турдаҕа. Ону тэҥэ ыал ийэлэрэ, эбэлэрэ иистэнэр кэмнэрэ саҕаланыа. Марфа Федоровна, эн уонна бары да иис алыптаахтар сайынын сынньанан, күһүҥҥү түбүккүтүн үмүрүтэн баран, ыанньыйбыт санааларгытын олоххо киллэрээри сылдьар буолуохтааххыт.

– Саха дьахтара сыл түөрт кэмигэр тохтоло суох түбүгүрэр. Дьахтар айылҕата оннук. Сирдээҕи аналын толорорун таһынан, өбүгэттэн бэриллибит дьоҕурун туһанан, иистэнэр, сатабылын көлүөнэтигэр тиэрдэр. Иис киһиэхэ элбэҕи биэрэр. Иистэнньэҥ таҥас эрэ тикпэт, ийэ дьиэ кэргэнин хас биирдии киһитин кытта чугас сыһыаннаах буолуутун тэрийэр, толкуйдуур, аттаран таһаарар дьоҕурун сайыннарар, бэйэтэ да билбэтинэн дьыл түөрт кэмин ииһигэр көрдөрөр.  Тигэр, иистэнэр кэмэ кыһыҥҥа түбэһэр.

– Эн хаһааҥҥыттан иистэнэҕин? Бастакы үлэтин киһи астынан кэпсээччи, тугу тикпиккин өйдүүгүн дуо?

– Бу баардыы өйдүүбүн. Бэһис кылааска үөрэнэ сырыттахпына эдьиийим Евдокия ырбаахы матырыйаалын атыылаһан аҕалбыта. Кини маҕаһыыҥҥа атыыһыттыыра. Аҕалаат, “бэйэҥ быһаҥҥын, тигэн кэт” диэбитэ. Атын ырбаахыбын таҥаска ууран кырыйан, тигэн турардаахпын. Ол бастакы холонуум инники олохпун түстээбитэ диэтэхпинэ, сыыспатым буолуо.

– Ону сиһилии кэпсиириҥ буоллар...

– Орто дойду олоҕун бэлэхтээбит күндү ийэм Пелагея Ивановна түөрт саастаахпар суох буолбута. Аҕам, сопхуос үтүөлээх үлэһитэ Федор Охлопков уонна икки улахан эдьиийдэрим иитэн, атахпытыгар туруорбуттара. Кинилэргэ махталбыт муҥура суох. Эбэм Балааҕыйа, ийэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Евдокия Заболоцкая иистэнэр этилэр. Урут этэрбэһи бэйэлэрэ эбэтэр анал этэрбэсчиккэ тиктэрэллэрэ. Эбэлээх эдьиийим этэрбэс тигэн, барыбытын хааччыйаллара. Эдьиийим Евдокия Ивановна сиикпин көрөн баран, иистэнииһи диэн үөрэххэ киллэрбитэ. Онон өбүгэм дьоҕурун сайыннара, киэҥ эйгэҕэ таһаара иистэнньэҥҥэ үөрэммитим. Итиэннэ оҕо сааспар тикпит былаачыйам миигин иистэнньэҥ буолар дьылҕабын быһаарбыта.

– Иистэнньэҥ быһыытынан  үлэҕин ханна саҕалаабыккыный?

– Сэбиэскэй кэмҥэ нэһилиэнньэни хааччыйар, өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр былааннаахтык үлэлииллэрэ. Ол курдук, дьиэ миэбэлин промкэмбинээккэ, таҥаһы-сабы бытовойга сакаастаан оҥорторор, тиктэрэр буоларбыт. Бу элбэх үлэһиттээх тэрилтэлэр өҥө ханнык баҕарар көрүҥүгэр үлэх ылаллара. Үөрэхпин бүтэрэн, Ытык Күөл ательетыгар анаммытым. Ити 1980 сыллаахха этэ. Манна чараас таҥастан саҕалаан кыһыҥҥы соннору тигэрбит. Ону таһынан түүлээҕи, этэрбэһи тигэр туспа сыахтар бааллара. Билиҥҥи курдук  баҕарарыҥ курдук быһыылаах таҥас атыыга кэмчи этэ. Ол оннугар үтүмэн үгүс таҥаһы үлэҕинэн тиктэрэллэрэ.

– Иистэнньэҥ киһи сүрүн матырыйаала миэтэрэнэн таҥас буолар. Билиҥҥи матырыйаал, уруккуга холоотоххо, туох атыннааҕый?

– Аныгы матырыйаал күн-түүн тупсан иһэр. Тугу баҕарарыҥ барыта баар. Уруккуттан уратыта кини хаачыстыбатыгар сытар. Ол аата хаачыстыбатынан арахсар. Билигин биир ааттаах матырыйаалы мөлтөх уонна үчүгэй диэнинэн билэбит. Онтон урут барыта үчүгэй эрэ буолара.

– Марфа Федоровна, эн күннээҕи таҥастары эрэ тигэр иистэнньэҥ буолбатаххын. Төрүт ииһинэн эмиэ дьарыктанаҕын. Ол туһунан ааҕааччыларга кэпсиэххэ эрэ.

– Киһи олоҕо биир тэҥник ааспат. Сааһыран истэҕиҥ аайы толкуйуҥ, өйүҥ-санааҥ уларыйан иһэр. Ииһиҥ эмиэ оннук салаллар. Сааһыран истэх аайы өбүгэҥ тыына уһуктан, омугуҥ таҥаһын, малын-салын оҥорор баҕаҥ күннэтэ күүһүрэр эбит. Бэйэҕин, кэргэҥҥин, онтон оҕолоргун, сиэннэргин сахалыы таҥаһынан хаамтарыах санааҥ сыллата улаатар. Онно эйиэхэ эгэлгэ матырыйаал эрэ наада.

– Ону таһынан түөрт сөрүөнү оҥорон тураҕын...

– Эппитим курдук, сааһыран истэх аайы баҕаҥ байҕал курдук дириҥээн, кэҥээн иһэр. Олохпут оҥоһуута буолан буоллаҕа. Аны кылы-сиэли тыытан, уһуннара биирэ 135 см, биирэ 125 см, кэтиттэрэ биирэ 52 см,  биирэ 55 см сөрүөлэри оҥорон турабын. Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлгэ ситии хатыытыгар иккис миэстэни ылбытым, маастар-кылаас ыытан турабын. Маастар-кылааска олбоҕу, сөрүөнү оҥорууну үөрэппитим. Онон саха буоларбын өссө төгүл бигэргэттим. Быыһыгар кыбытыылаах ииһинэн эмиэ дьарыктанабын. Былыр оттон таҥас сыыһын аттаран, кыбыта тутан иистэнэллэрэ. Кыраны тэнитэн, киэргэтэн биэрэр буолаахтаатахтара. Аныгы кэм дьоно, быраҕан кэбиһимээри, туһаҕа таһаарар сыалтан үксүн тигэбит.

– Ымсыыра көрөр ииһиҥ?

– Билигин көрүөхтэн эриэккэс соннору тигэр буоллулар. Араас ньыманан тигэллэр. Эчи, матырыйааллара да күндүтүн эриэхсит. Норуот маастардарын күнүгэр сэлэлээн хаамтахтарына баар ээ. Көрүөхтэн үчүгэй көстүү. Бэйэм чараас сону тиктибитим. Сөптөөх таҥас атыылаһан, аны халыҥ сону аттаран тиктиэм.

– Игидэй нэһилиэгэ былыр-былыргыттан уран тарбахтаах иистэнньэҥнэринэн, уустарынан биллэр нэһилиэк буолар...

– Игидэй – дириҥ устуоруйалаах  кырдьаҕас нэһилиэк. Элбэх көлүөнэ уус, иистэнньэҥ олорон аастаҕа. Билигин даҕаны нэһилиэкпитин айылҕаттан дьоҕурдаах иистэнньэҥнэр  Мотрена Ефимова, Таатта улууһун норуотун маастара Мария Алексеева, Елизавета Попова ааттаталлар. Мария Ильинична 2010 сылтан “Оһуор” түмсүүнү тэрийиэҕиттэн, иистэнньэҥ эбэлэр кини тула мустан дьарыктанабыт. Кини салалтатынан элбэх иис тигилиннэ, бары сапсыыка, дэйбиир, сэлээппэ, илин-кэлин кэбиһэри уо.д.а оҥоһуннубут. Түмсүү чилиэннэрэ Мотрена Ефимова, Людмила Гермогенова уонна мин улуустааҕы хартыына галереятыгар тус быыстапкабыт тэриллибитэ. Онно олус да долгуйбутум. Барыта 40-тан тахса үлэм көрдөрүүгэ турбута.

– Иис киһиэхэ тугу биэрэрий?

– Ыарыы курдук. Эмискэ ис-искиттэн иистэниэххин баҕаран кэлэҕин. Иискэр ылларан, тигэ олоруох курдук буолаҕын. Санааҕын ситэн, таҥаскын тигэн бүттэххинэ, уоскуйан хаалаҕын. Иис – дьикти, ураты күүс. Ол күүс, киһи сөҕүөх, элбэҕи оҥорторор, айдарар, хамнатар. Этэргэ дылы, туруккун тупсарар, санааҕын бөҕөргөтөр аналлаах. Өбүгэбиттэн кэлбит дьоҕурбун оҕо сааспыттан бүөбэйдээн, кини иэйиитинэн иистэнэн кэлбитим – дьолум.

– Эйигин биир дойдулаахтарыҥ өссө биир сөбүлүүр дьарыктаах диэн кэпсииллэр...

– Кырдьык, иккис сөбүлүүр дьарыкпынан сир астааһын буолар. Сааскыттан саҕалаан оҕуруот аһын олордуу, сир аһын хомуйуу үгэнэ саҕаланар. Оҕуруоту кытта тэҥҥэ, чучунаахтан саҕалаан, сир астыыбын. Бу дьарыкпын олус сөбүлүүбүн. Дьүөгэлэрбин субуруппутунан дьэдьэннии, моонньоҕоннуу, отоннуу барабыт. Сир асчыт быһыытынан биири бэлиэтиэхпин баҕарабын: киһи айылҕаттан бэриһиннэрэр чааһын ылар. Аһара басыһары сөбүлээбэппин, киһи сиэрдээх буолуохтаах диэн санаанан салайтарабын. Аны билигин аанньа буһа илигинэ сиикэйдии үргүүллэр дии. Дьиҥэ, барыта кэмнээх, кэрдиистээх буоллаҕа. Сиппит ас амтанныын минньигэс даҕаны.

– Дьиэ кэргэҥҥин билиһиннэриэҥ дуо?

– 1983 сыллаахха улуус киинигэр ательеҕа үлэлии сылдьан ыал буолбутум. Кэргэним Егор Николаевич төрөөбүт дойдутугар тута көһөрөн аҕалбыта. Кини өр сыл тырахтарыыһынан үлэлээн, хас да төгүл чөмпүйүөн үрдүк ааты сүгэри ситиспитэ. Уолаттарбыт Федор, Егорка – туспа ыаллар. Федор –  ыраах айан суоппара, кэргэнэ Настя экэнэмиис идэлээх. Улахан сиэн Лия устудьуоннуур, кырабыт Амелия – уһуйаан иитиллээччитэ. Кинилэр – куорат ыаллара.  Кыра уол Егорка Амма улууһун Мээндигитигэр учууталлыыр, кийииппит Василиса юрист үөрэхтээх.

– Иис көнө суолун курдук ыраас туттуулаах, мааны майгылаах, дэгиттэр дьоҕурдаах ыал ийэтигэр, эбэтигэр ситиһиини баҕарабын. Өссө даҕаны элбэҕи тигэн, чугас дьоҥҥун үөрдэ тур!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
Тапталга уйдаран
Спорт | 03.10.2024 | 16:00
Тапталга уйдаран
Көҥүл тустууга Герман, Александр, дуобакка Станислав Контоевтар курдук үс аан дойду чөмпүйүөнэ оҕолордоох Степан, Варвара Контоевтар олохторо мүччүргэннээх, көрүдьүөс түгэннэринэн толору. Аҕалара, эһэлэрэ Степан Степанович Горнай улууһун Маҕараһын оскуолатыгар күнүһүн физруктуурун быыһыгар, киэһэ өттүгэр оҕолору тустуунан уонна дуобатынан дьарыктаан, спорка уһуйан, аан дойду алта чөмпүйүөнүн таһаартаабыта улахан ситиһиинэн буолар. Ийэлэрэ,...