Хамсааһын үлэтэ хайҕаллаах
Дьокуускай куорат биир сүрүн уратыта – икки тыллаах эйгэтэ. Ол эрээри күннээҕи олохпутугар нуучча тыла быдан киэҥник туттуллара кимиэхэ да кистэл буолбатах. Сурук-бичик, ыйынньык, биллэрии үксэ (баһыйар өттө диир ордуга дуу) нууччалыы, онно үөрэнэн хаалбыппыт. Арай бу сааскыттан оптуобус тохтобулларыгар Саха сирин саарыннарын кэс тыллара сахалыы суруллалларын сонургуу, кэрэхсии көрөбүт. Ол биһиэхэ тоҕо «сонун» буолуохтааҕый? Дьиҥэр, икки судаарыстыбаннай тыллаахпыт, ийэ тылбытын мэлдьи иннибитигэр укта сылдьыахтаахпыт, ханна баҕарар өрө тутуохтаахпыт эбээт.
Ааспыт нүөмэрбитигэр СӨ Уопсастыбаннай киинигэр «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын көҕүлээһининэн, Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын өйөбүлүнэн «Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» форсайт-сессия ыытыллыбытын туһунан сонуну суруйан турабыт. Бүгүн ити үөһэ этиллибит ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэр соруктаах, саха тылын сарсыҥҥы саргытын салайсар хамсааһын үлэтин билиһиннэрэбит.
«Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын былырыын балаҕан ыйыгар төрөөбүт тылы сайыннарар, харыстыыр, тарҕатар сыаллаах тэриллибитэ.
Яна Угарова, суруналыыс, уопсастыбаннай диэйэтэл, «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ:
– Былырыын атырдьах ыйын 1 күнүгэр Дьокуускай куорат Олохтоох дьаһалтатын Улахан саалатыгар «Саха сирин киин куоратыгар тыл эйгэтэ» диэн бастакы төгүрүк остуолбут ыытыллыбыта. Ол кэннэ Куорат күнүгэр «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһыммыт тэриллибитэ, манна ийэ тылбыт сайдарын, тыыннаах хааларын туруулаһар уопсастыбанньыктар, актыбыыстар мустубуттара.
Сыл устата элбэх тэрээһини көҕүлээн ыыттыбыт, араас туһалаах бырайыактары олоххо киллэрдибит. Холобур, онтон саамай бөдөҥүнэн «Просвещающий маршрут» бырайыакпытын ааттыахха сөп. Киин куорат 60-тан тахса тохтобулугар Саха сирин чулуу дьонун бэргэн этиилэрин ыйаатыбыт. Маны таһынан, хас да төгүрүк остуолу ыыттыбыт, «Күөрэгэй» холбоһук ийэ тыл бэстибээлин тэрийэригэр өйөбүл буоллубут.
Дьокуускай куоракка киһи ийэ тылынан ханна баҕарар кэпсэтиэхтээх, саха тыла нуорма буолуохтаах. Биһиги хамсааһыммыт ол туһугар үлэлиир.
Дьиэлэр аадырыстара — икки тылынан
«Саха тыла-400» уопсастыбаннай хамсааһын хара тэриллиэҕиттэн тыл политикатын бары хайысхатыгар Олохтоох дьаһалтаны кытта ыкса ситимнээх үлэни ыытар. Биир сыл иһигэр улахан хамсааһын тахсыбытын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, СӨ «Барҕарыы» Национальнай пуондатын дириэктэрин солбуйааччы, филология билимин хандьыдаата, хамсааһын биир тутаах киһитэ Мария Кириллина олоххо киирбит бөдөҥ бырайыактарын билиһиннэрдэ.
Бастатан туран, 2023 сыл сэтинньи 11 күнүгэр, саха саарына Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 130 сылыгар кини аатынан уулуссаҕа – Өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей дьиэтигэр киин куоракка икки тылынан суруллубут бастакы табличка ыйаммыта. Сүрүн спонсорынан СӨ «Барҕарыы» Национальнай пуондата буолбута.
– Сыл иһигэр Ойуунускай уулуссатын олорор дьиэлэригэр барыта 64 аадырыстаах табличка икки тылынан суруллан ыйанна. Инникитин бу хайысхаҕа үлэбит салҕанар, 13 уулусса былааҥҥа турар. Испииһэк оҥоһуллан, бигэргэтиллибитэ, – диэтэ Мария Кириллина.
Иккис улахан бырайыак – «Кыым» хаһыаты кытта бииргэ «Ийэ тылы харыстааһыҥҥа кылаатын иһин» бириэмийэни туттарыы. Былырыын сыл бүтүүтэ биллэриллибит күрэх быйыл Ийэ тыл күнүгэр түмүктэммит. Ол курдук, нэһилиэнньэҕэ өҥө оҥорор тэрилтэлэр ортолоругар «Сбербаан» ПАУо кыайыылаах аатын ылбыт. Манна даҕатан эттэххэ, баан бары салааларыгар табличкалар, ыйынньыктар Саха сирин икки судаарыстыбаннай тылынан суруллубуттарын бэлиэтии көрбүт буолуохтааххыт. Бөдөҥ тэрилтэ өрөспүүбүлүкэ киин куоратын сүрүн уратытын учуоттаан, ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэрэ хайҕаллаах уонна кэрэхсэбиллээх.
Итини сэргэ Дьокуускайдааҕы килиэп кэмбинээтэ бэйэтин оҥорон таһаарар бородууксуйаларын суругар-бичигэр икки тылы туһанара үрдүктүк сыаналаммыт. Бу тэрилтэ Гуманитарнай чинчийиилэр институтун кытта бииргэ үлэлиир эбит.
«Ити тэрилтэлэр киин куоракка ийэ тыл эйгэтин кэҥэтэр үлэлэрин үтүө холобур оҥосторгутугар ыҥырабыт», – диэн түмүктээтэ Мария Кириллина.
Саха сирин саарыннарын кэс тыллара – оптуобус тохтобулларыгар
«Просвещающий маршрут» бырайыак дьон-сэргэ киэҥ биһирэбилин ылла. Бу туһунан «Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын бырайыактарын сүрүннээччи, РФМШ-РК-РЛИ выпускниктарын холбоһугун бэрэстэбиитэлэ Алла Ноговицына сиһилии кэпсээтэ.
Ол курдук, быйыл сааскыттан киин куорат 68 тохтобулугар Саха сирин саарыннарын кэс тылларын норуокка тиэрдэр дириҥ ис хоһоонноох плакаттары туруорбуттар. Ол иһигэр: «Азия оҕолоро» оонньуулары көрсө туруоруллубут 50 саҥа тохтобулга, Ленин проспегар уонна Поярков уулуссатыгар – 18 тохтобулга. Манна даҕатан эттэххэ, өрөспүүбүлүкэ чулуу дьонун этиилэрэ кинилэр бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан – сахалыы, нууччалыы, эбээннии, эбэҥкилии, долганныы, дьүкээгирдии суруллубуттар, оттон төрүт олохтоох омуктар тыллара сахалыы эбэтэр нууччалыы тылбаастаммыт.
Бырайыак олоххо киирэригэр халыҥ хамаанда үлэлээбит – тыл актыбыыстара, эксперт хамыыһыйата, Гуманитарнай чинчийиилэр института, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи омуктар тылларын, култуураларын үөрэтэр института (чуолаан саха тылын стилистикатын уонна нууччалыы-сахалыы тылбаас кафедралара).
– Тоҕус ыйдаах үлэбитигэр кэккэ ыарахаттары көрсүбүппүт. Бастатан туран, испииһэккэ кимнээҕи киллэрэбит диэн улахан толкуйга түспүппүт. Манна эксперт хамыыһыйата (онно араас эйгэҕэ үлэлиир дьон – тыл үөрэхтээхтэрэ, историктар, култуура үлэһиттэрэ киирбиттэрэ) күүс-көмө буолбута, – диэн кэпсээтэ Алла Ноговицына.
Бырайыак олоххо киирэригэр СӨ Национальнай библиотекатын көмөтө сүҥкэн улахан. Ол курдук, библиотека үлэһиттэрэ Саха сирин чулуу дьонун туһунан иһитиннэриилэри бэлэмнииргэ көмөлөспүттэр. Манна даҕатан эттэххэ, оптуобус тохтобулларыгар турар QR-куодтар көмөлөрүнэн библиотека саайтыгар киириэххэ, өссө элбэҕи билиэххэ сөп.
«Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын «Просвещающий маршрут» бырайыак олоххо киирэригэр үлэлэспит дьоҥҥо барҕа махталларын биллэрдилэр.
Былаан киэҥ
Бастатан туран, икки тылынан аадырыстаах табличкалары салгыы ыйыахтара. Бигэргэтиллибит испииһэккэ киин куорат 13 уулуссата* киирбит.
Иккиһинэн, куорат оптуобустарыгар, пааркаҕа, сквердэргэ, кытылларга дьону-сэргэни кынаттыыр, үтүөҕэ, кэрэҕэ сирдиир бэргэн этиилэрдээх, өс хоһооннордоох, алгыстаах постердары элбэтэр сорук турар.
Үсүһүнэн, актыбыыстар Олохтоох дьаһалтаны кытта ыкса үлэлээн, муниципальнай тэрилтэлэргэ (оскуолаларга, уһуйааннарга, балыыһаларга, о.д.а.) ыйанар суруктаах дуоскалары (вывескалары), иһитиннэрэр-биллэрэр табличкалары, онтон да атын ыйынньыктары Саха Өрөспүүбүлүкэтин икки тылынан суруйууну үксэтэр былааннаахтар.
– Сорохтор сокуон ирдэбилинэн тэрилтэлэрин аатын уонна үлэлиир кэмнэрин эрэ икки тылынан суруйаллар. Оттон тэрилтэ иһигэр киирдэххэ, хомойуох иһин, ыйынньыктар бары нууччалыы эрэ суруллан турар буолаллар, – диэн санаатын үллэһиннэ Алла Ноговицына.
***
«Саха тыла 400» уопсастыбаннай хамсааһын Дьокуускай куоракка төрүттэммитэ 400 сылыгар, ол эбэтэр 2032 сылга Туймаада хочотугар ийэ тылынан саҥарар оҕо, ыччат элбиэҕэ диэн бүк эрэллээх, оннук баҕа санаанан салайтаран, киэҥ далааһыннаах үлэтин салгыы ыытар.
* Сотору кэминэн бу уулуссаларга икки тылынан аадырыстаах табличкалар ыйаныахтара:
1. Аммосов уул.
2. Кулаковскай уул.
3. Октябрьскай уул.
4. Киров уул.
5. Курашов уул.
6. Чиряев уул.
7. Ленин проспега
8. Орджоникидзе уул.
9. Чернышевскай уул.
10. Аржаков уул.
11. Глухой быстах туора уул.
12. Короленко уул.
Хаартыскалар: ааптар уонна Олохтоох дьаһалта пресс-сулууспатын түһэриилэрэ