18.09.2024 | 10:44

Дьокуускай Улуу Кыайыы 80 сылыгар бэлэмнэнэр

Дьокуускай Улуу Кыайыы  80 сылыгар бэлэмнэнэр
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Киин куорат баһылыга Евгений Григорьев Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүн тэрийэр кэмитиэт мунньаҕын иилээн-саҕалаан ыытта. Бу күн Олохтоох дьаһалта туһааннаах салаалара бэлэмнэнии үлэтэ хайдах баран иһэрин отчуоттаатылар.

«Куорат хаһаайыстыбатын үлэлэтэр сулууспа» муниципальнай хааһына тэрилтэтин салайааччыта Владимир Аммосов Кыайыы пааркатыгар, Кыайыы болуоссатыгар, «Ильмень күөл үрдүнэн туруйалар» сквергэ, Юрий Гагарин, Валерий Чкалов, Николай Кондаков ааттарынан сквердэргэ, Клавдий Краснояров уонна Владимир Лонгинов бүүс-пааматынньыктарыгар уонна Аҕа дойду Улуу сэриитин Дьоруойдарын уонна кыттыылаахтарын ааттарынан уулуссаларга бэлэмнэнии хаамыытын иһитиннэрдэ. Ол курдук, сэрии бэтэрээннэрэ олорбут уонна олорор дьиэлэригэр турар мемориальнай дуоскаларга көҕөрдүүгэ улахан болҕомто ууруллуоҕа.

Куораттааҕы култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начаалынньыгын солбуйааччы Юлия Лазарева Улуу Кыайыы 80 сыллаах үбүлүөйүгэр ханнык култуурунай-маассабай тэрээһиннэр ыытыллалларын кэпсээтэ. Ол курдук, Кыайыы знамятын өрө көтөҕүү үөрүүлээх сиэрэ-туома, пааматынньыктарга сибэкки дьөрбөтүн ууруу, сэрии уонна тыыл бэтэрээннэрин кытта көрсүһүүлэр, миитиннэр, «Тиэргэнинэн ыллыыбыт», «Кыайыы түннүктэрэ», «Кыайыы вальса» аахсыйалар уо.д.а. үгэс буолбут тэрээһиннэр былааҥҥа киирбиттэр. Быыстапкалары, айар кэнсиэртэри киллэрэн туран, барыта 90 тэрээһин буолбут. Манна даҕатан эттэххэ, Үөрэх управлениета Кыайыы үбүлүөйүн көрсө үгүс тэрээһини ыытыаҕа – кылаас чаастарын, спортивнай күрэхтэһиилэри. 

Физическэй култуура уонна спорт управлениетын начаалынньыга Эдуард Ефимов иһитиннэрбитинэн, үбүлүөйдээх даатаҕа аналлаах спортивнай тэрээһиннэри таһынан, ыам ыйын 9 күнүгэр «Якутия» хаһыат бирииһигэр чэпчэки атлетикаҕа эстафетаны ыытар үгэс сөргүтүллүөҕэ.

Мунньах кэмигэр тэрийэр кэмитиэт кыттыылаахтара култуурунай-маассабай, үөрэх уонна атын бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэр бырагыраамаларыгар бэйэлэрин этиилэрин киллэрдилэр.  

Түмүккэ Евгений Григорьев салайааччылар бэлэмнэнии үлэтин ураты хонтуруолга ылалларыгар, үлэ, ыйыллыбыт былаантан хаалбакка, хаачыстыбалаахтык толорулларыгар соруйда.  

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...