Иис-күүс айар кыаҕа
Саха ииһин-күүһүн чинчийбит дьон суруйарынан, төрүт иискэ биэс уонтан тахса сиик арааһа баар эбит. Аҥаардас аттаран тигиини ылан көрдөххө, улахан мааныга туттуллар сабыы тэллэхтэри, олбохтору үрүҥ, хара сылгы тириитинэн, сукуна таҥаһынан дьүөрэлээн, дьэрэкээннээн тигэллэр эбит. Аныгы кэмҥэ бу ньыманан иистэнии үрдүк таһымҥа таҕыста. Ол кырадаһынынан тигиигэ ордук киирдэ. Бу соторутааҕыта Саха сиригэр норуот маастардарын күнүгэр тэриллибит быыстапкаҕа биир сонун оҥоһугунан Кэбээйи нэһилиэгиттэн кэлбит Руфина Сметанина салайааччылаах "Дьэрили" диэн түөрт иистэнньэҥ түмсүүтүн үлэтэ буолла. Бу - народнай худуоһунньук Афанасий Мунхалов 1965 сыллаахха оҥорбут "Мир Севера" линогравюратын сериятыттан "Мир слушает" хартыынатын 114 х 94 см кээмэйдээх хара сукуна таҥаска оҥо быһан ойуулаан, быысапканан ситэрэн, сиик хас да араас ньыматын туһанан оҥорбут үлэлэрэ. Худуоһунньук үлэтигэр күлүк түһэрбэккэ, барытын орун-оннугар таба тутан, уот харахха түһэрбиттэрин киһи биһириир. Руфина Сметанина, Полина Адамова, Анастасия Терехова, Саргылаана Докторова талааннаах иистэнньэҥнэр дэгиттэр сатабылларыттан маннык кэрэхсэнэр айымньы буолан төрөөн-үөскээн, айыллан таҕыста.
Бу талба талааннаах иистэнньэҥнэргэ мэлдьи сүбэһитинэн, уһуйааччынан норуот маастара, СӨ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, Арассыыйа, аан дойду түһүлгэтигэр аата-суола иһиллэр, "Душа России" РФ бырабыыталыстыбатын бириэмийэтин лауреата Ольга Ивановна Гуляева буолар. Биир киһи үөрэҕэ уон киһини хабар, ол киһи уон оччо киһиэхэ тарҕатар, ити курдук саха ииһэ көмүс утаҕын сыыйан салҕанан бара турар. Ольга Ивановна үгүс улуустарынан сылдьан маастар-кылаастары ыыталыыр, Кэбээйи улууһугар хаста да сырытта.
Ол түмүгүнэн буойун-суруйааччы Тимофей Сметанин 100 сааһыгар анаан "Бу Лена" айымньытынан панно тигиллибитэ. Бу үлэни талба талааннаах норуот маастара Елизавета Софронеева бөлөҕө тикпитэ.
"Дьэрэли" түмсүү эмиэ Тимофей Сметанин аатын үйэтитиигэ суруйааччы төрөөбүт өтөҕүн дьүһүйэн, "Маҥан Кэрэх" диэн улахан сэҥээриини ылар үлэлээх. Саргылаана Докторова уонна Руфина Сметанина суруйааччы портретын оҥорбуттара эмиэ кэрэхсэнэр. Бу дьоһун үлэлэрин былырыын Хаҥалас музейыгар бэлэх ууммуттара. Ити курдук ырыаттан-хоһоонтон, олоҥхоттон, остуоруйаттан кэрэхсэнэр саҥа уобарастар айыллаллар.
Хас биирдии айар киһи бэйэтин суолун-ииһин буларга дьулуһар, ол курдук түөрт киһилээх "Дьэрэли" көмүс иннэлээх түмсүү үөскээн, саха ииһин сайыннарар санаалаах айар-тутар, араас таһымнаах быыстапкаларга мэлдьи кытталлар. Бу саҥа үлэлэрэ дьон-сэргэ болҕомтотун тардар уустук, үрдүк таһымнаах үлэ. Норуодунай худуоһунньук биллэр үлэтин хорсуннук сукунаҕа түһэрэн оҥорбуттара хайаан да төрүт култуураны үөрэтээччилэр, чинчийээччилэр, искусство эйгэтигэр үлэлээччилэр сыанабылларын ылыаҕа диэн эрэнэбин. Худуоһунньук үлэтин иискэ сыһыаран, атын өттүнэн арыйан көрдөрүү саха ииһэ муҥура суоҕун мэктиэлиир. Саха дьахталларын ииһэ-күүһэ искусство, үрдүкү муода таһымыгар таҕыста.