20.01.2024 | 10:00

Иирсээн төрдө — харчы?

Иирсээн төрдө — харчы?
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сорохтор итэҕэйиэ суохтарын сөп, ол эрээри дьиэ кэргэҥҥэ иирсээн сүрүн төрүөтүнэн ... харчы буолар эбит. Харчыттан сылтаан ыал этиһиитэ, оннооҕор арахсыы тахсар түбэлтэлэрэ аҕыйаҕа суох. Арассыыйа Үпкэ министиэристибэтин бырайыагын экспердэ, тутулуга суох консультана Наталья Колбасина бэлиэтээбитинэн, үгүс дьиэ кэргэн харчы туһуттан иирсэр, итинник кыыһырсыы оҕо уйулҕатыгар улахан охсуулаах. Эксперт сүбэлэрин сиһилии көрүөҕүҥ.

Харчы – уопсастыбаҕа аһаҕастык дьүүллэһиллибэт, сабыылаах тиэмэ. Дьиэ кэргэҥҥэ үп-харчы боппуруостарын дьүүллэһии үксүгэр улахан мөккүһүүлээх, айдааннаах, этиһиилээх буолар. Статистика көрдөрүүтүнэн, дьиэ кэргэҥҥэ иирсээн 40%-на харчыттан саҕаланар. Аны 25% кэриҥэ дьиэ кэргэн харчы тиийбэтиттэн арахсар. Хомолтолоох статистика диэтэҕиҥ. Төрөппүттэр харчы туһуттан этиһэллэрин оҕолор истэллэр. Уордайбыт төрөппүттэр киҥнэрин-наардарын кыайан туттумматтар, араас куһаҕаны бары саҥараллар. Бу кэмҥэ оҕолоругар харчыга сыһыаннаах тус бырагыраама үөскүүр. Ийэ, аҕа харчы тиийбэтиттэн этиһиилэрэ, бэйэ-бэйэлэрин буруйдааһыннара, харчы суох дииллэрэ уо.д.а. оҕолорго харчы куһаҕан бырагыраамаларын үөскэтэр. Ити бырагыраамалар, оҕолор улааттахтарына, үпкэ-харчыга ситиһиилээх дьон буолалларыгар мэһэйдииллэр. Хайдах гынабыт? Бастатан туран, иирсээн төрүөтүн быһаарыаҕыҥ.

 

Тоҕо үп-харчы боппуруостарыгар хайдыһыы үөскүүрүй?

Эксперт этэринэн, дьиэ кэргэҥҥэ үп-харчы өттүгэр мөккүөр үөскээһинин сүрүн төрүөтэ – харчы туһунан араас көрүүлэр, олох сыаннастарыгар атын-атын сыһыан. Дьиҥэр, дьыала харчыга буолбатах, эр киһи уонна дьахтар харчыга сыһыаннаах тус-туһунан бырагыраамалаахтарыттан тутулуктаах. Кэргэнниилэр ити бырагыраамалара бэйэ-бэйэлэригэр барсыбат буоллахтарына – дьиэ кэргэн куттал зонатыгар олорор. Ити дьиэ кэргэҥҥэ, гражданскай көрүҥүнэн бииргэ олорор дьоҥҥо, урбаан партнердарыгар, аймахтарга барытыгар сыһыаннаах. Хас биирдиибит харчы туһунан бэйэтэ көрүүлээх, үпкэ-харчыга сыһыаннаах үөрүйэхтэрдээх. Ити биһиэхэ оҕо эрдэхпититтэн үөскүүр уонна олоххо тус уопуппутуттан эмиэ тутулуктаах. Онтубут атын дьон үпкэ үөрүйэхтэрин кытта сөп түбэһиэ суоҕун сөп. Дьэ, оччоҕо уустуктар саҕаланаллар.

Эр дьон уонна дьахталлар харчыга сыһыаннара араас-араас. Эр дьон ордук бэйэлэрин уонна дьиэ кэргэннэрин социальнай статустарын туһугар кыһаллаллар. Оттон дьахтар харчытын дьиэ кэргэнэ уонна оҕолоро туохха наадыйалларыгар (дьиэ атыылаһыыта, дьиэ ис бараанын тупсаран оҥоруу) туһулуур идэлээх.

Өссө биир биричиинэ – намыһах дохуот. Итинник балаһыанньаҕа кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ, ордук ыал ийэтэ, аҕалара кыра хамнастааҕыттан кыйаханар. Итинтэн сылтаан этиһии тахсар. Дьиэ кэргэн дохуотун намтааһына кэргэнниилэртэн биирдэстэрэ үлэтин сүтэриитин эбэтэр доруобуйатын туруга мөлтөөһүнүн кытта эмиэ сибээстээх буолуон сөп.  Бу кэмҥэ 3-6 ыйдааҕы ороскуот кээмэйин саҕа харчы саппааһа (финансовая подушка безопасности) оҥоһуллубатах буоллаҕына, кыыһырсыы булгуччу тахсар.

Тэҥэ суох дохуот уонна былаас былдьаһыыта эмиэ иирсээн төрүөтүнэн буолуон сөп. Кэргэнниилэртэн биирэ элбэх харчыны аҕалар буоллаҕына, бэйэтин баһылыыр балаһыанньалааҕынан ааҕынар уонна «аҥаарыгар» ол туһунан мэлдьи санатар, сирэй-харах анньар. Ол курдук, дьиэ кэргэҥҥэ харчы былаас көрдөрүүтүгэр кубулуйуон сөп. Оччоҕо маннык боппуруос үөскүүр – ким ордук былаастааҕый: элбэх харчыны «өлөрөр» киһи дуу, эбэтэр харчыны сатаан туттар киһи дуу?

Кэргэнниилэртэн биирэ кэччэгэй буоллаҕына – ити эмиэ иирсээн төрүөтүнэн буолар. Ол курдук кини «аҥаарыгар» дьиэ кэргэн бүддьүөтүгэр аҕыйах харчыны киллэрэрин уонна тус бэйэтин наадатыгар наһаа элбэх үбү ороскуоттуурун туһунан этэр, мэлдьи мөҕө-этэ сылдьар.

Дьиэ кэргэҥҥэ үп-харчы учуоттаммата, дохуот уонна ороскуота хонтуруолламмата эмиэ иирсээҥҥэ тиэрдэр.

 

Тугу гынабыт?

Финансовай консультаннар сүбэлииллэринэн, дьиэ кэргэҥҥэ иирсээни-этиһиини тохтотор уонна сэрэтэр туһугар  маннык ньыма баар: партнербыт харчыга сыһыаннаах бырагырааматын өйдүү сатааһын. Ити ньыманы баһылыырга кэргэнниилэр маннык дьарыгы толоруохтарын наада:

 — Хас биирдиигит үпкэ-харчыга сыһыаннаах тус уопуккутун налыччы олорон дьүүллэһиҥ: эһиги дьиэ кэргэҥҥитигэр харчыга хайдах сыһыаннаахтарай, төрөппүттэргит уонна аймахтаргыт туох дииллэр этэй, харчыга сыһыаннаах тус уопуккут хайдаҕый – үчүгэй, куһаҕан, ханнык чаҕылхай түбэлтэни ордук өйдөөн хаалбыккытый. Харчыны хайдах тутта үөрэммиккитий?

— Партнергыт олоҕор харчы суолтата: көҥүлү, дуоһуйууну, тутулуга суох буолууну, уопсастыбаннай балаһыанньаны үөскэтэр, эбэтэр кутталы аҕалар? Харчыттан туох иэйии, эмоция үөскүүрүй? «Аҥааргытыгар» харчы туохха нааданый? Ити ыйытыыларга хоруйдары буллаххытына, бэйэ-бэйэҕит үпкэ сыһыаннаах бырагыраамаларгытын үөрэтэргэ уонна иирсээҥҥит төрүөтүн быһаарарга көмөлөһүөҕэ.

— Дьиэ кэргэҥҥэ харчыга сыһыаннаах сүрүн сыалгытын уонна көрүүгүтүн чопчулааҥ, ороскуоккутугар болҕомтону ууруҥ.

— Инники өттүгэр үпкэ-харчыга сыһыаннаах быраабылаҕыт уонна дьайыыларгыт испииһэгин  кумааҕыга суруйуҥ. Илиискитин көстөр сиргэ ыйааҥ. Харчыга сыһыаннаах иирсээн тахсаары гыннаҕына, бэйэ бэйэҕитигэр харчыга сыһыаҥҥытын чопчулаабыккытын, сөбүлэҥ түһэрсибиккитин санатыҥ.

 

Дьиэ кэргэн үпкэ-харчыга сыалын-соругун чопчулааҥ

Наталья Колбасина бэлиэтииринэн, үпкэ-харчыга уопсай сыал дьиэ кэргэни сомоҕолуур күүстээх. Үчүгэйдик толкуйдааҥ, бииргэ тугу ситиһиэххитин баҕараҕыт, дьиэ кэргэн быһыытынан туох сыаллааххытый – кыбартыыраны, массыынаны атыылаһыы, оҕолору үөрэттэрии.

 

Кэргэнниилэргэ тус үп-харчы баар буолуохтаах 

Ити нуормаҕа эппиэттиир көстүү! Кэргэнниилэргэ хас биирдиилэригэр, дьиэ кэргэн уопсай сыалыгар-соругар туһуламмыт үптэн ураты тус сыалларыгар туттар үп-харчы эмиэ баар буолуохтаах, холобур, биэнсийэ хапытаалын оҥосторго. Ити ордук дьахталларга улахан суолталаах, кинилэр дьиэтээҕи хаһаайыстыбаларын салайаллар уонна оҕолорун иитэллэр. Дьиэ кэргэн бүддьүөтүн былааннааһыны саҕалааҥ. Харчыгытын хонтуруолга ылыҥ! Бастатан туран, дьиэ кэргэн бүддьүөтэ хайдах тииптээх буолуохтааҕын быһаарыҥ: уопсай, икки аҥыы, булкаас көрүҥнээх. Эксперт этэринэн, саамай табыгастааҕынан булкаас көрүҥнээх бүддьүөт буолар. Итинник көрүҥнээх бүддьүөккэ кэргэнниилэр иккиэн уопсай, дьиэ кэргэн ороскуоттарын таһынан, харчыны тус бэйэлэригэр туттар кыахтаналлар. Ити харчыны тутталларын бэйэ-бэйэлэригэр отчуоттаабаттар. Биллэн турар, «аҥаардарыгар» сюрприз, бэлэх оҥороллоро үчүгэй. Итинник варианы кимиэхэ да соҥнообоппут, хас биирдии дьиэ кэргэн бүддьүөтүн хайдах көрүҥүнэн туттарын бэйэтэ билэр. Кылаабынайа, дьиэ кэргэн бары чилиэннэрэ сөбүлэһиэхтэрин, мөккүөрү таһаарыа суохтарын наада. Бүддьүөтү таҥыы – харчыны кэмчилээһин диэн буолбатах, дохуоту уонна ороскуоту чопчулааһын. Дьиэ кэргэн үбүн-харчытын былааннааһын уонна хонтуруоллааһын олоххут хаачыстыбатын тупсарарга көмөлөһөр. Ый бүтэһигэр төһө элбэхтик бэйэҕититтэн ыйытаҕыт: «Харчыбыт ханна барда?». Бүддьүөтү сөпкө аттарыы 30% кэриҥэ «сүппүт» харчыны буларга көмөлөһөр.

 

Харчы туһунан кэпсэтэр буолуҥ

Дьиэ кэргэҥҥэ ыйга биирдэ үп-харчы күнүн киллэриҥ, харчыга сыһыаннаах боппуруостары, бүддьүөккүтүн, бөдөҥ малы-салы атыылаһаргытын дьүүллэһиҥ. Кэпсэтиигэ оҕолоргутун кыттыһыннарыҥ. Оччоҕо оҕолор бэйэлэрин суолталааҕынан ааҕыналлар, былаанныырга, харчыны сөпкө туттарга үөрэнэллэр.

Үпкэ сыһыаннаах ситиһиилэргититтэн үөрүҥ, бэйэ-бэйэҕитин хайҕааҥ, хас биирдиигит кыһалларын сыаналааҥ. Туруоруммут сыалгытын ситистэххитинэ, бэйэҕитин наҕараадалааҥ. Бүддьүөккэ дьиэ кэргэн үпкэ ситиһиилэрин бириэмийэлииргэ харчы лимиитин быһаарыҥ, тугу баҕараргытын атыылаһарга, сынньанарга-көрүлүүргэ туттуҥ. Оччоҕуна иллэҥ кэмҥитин дьиэ кэргэнинэн интэриэһинэйдик, үөрэн-көтөн атаарыаххыт. Сорох дьон быстах түгэҥҥэ үөрээри-көтөөрү, настырыанньаларын көтөҕөөрү, толкуйдаабакка, мээнэ ону-маны атыылаһаллар. Харчыланнылар даҕаны сырыы аайы итинник гыналлар. Сынньалаҥы эрдэттэн былааннаатахха, үрдүк таһымнаахтык ааһар, бүддьүөккэ эбии ороскуота суох буолар. Оччоҕо иирсээн биричиинэтэ да аҕыйыаҕа.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Өксөкүлээх суолунан...
Дьон | 27.09.2024 | 10:00
Өксөкүлээх суолунан...
Саха норуотун сайдыытын суолун түстэспит улуу киһибит А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олорбут олоҕо, сүҥкэн суолталаах айымньылара күн бүгүн ааҕылла, үөрэтиллэ тураллара кини сүдүтүн, кэрэхсэбиллээх олоҕу олорон ааспытын туоһулуур. Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун биир дойдулааҕа, С.Р. Кулачиков-Эллэй аатынан Чычымах орто оскуолатын алын сүһүөх учуутала  Вера Богдокумова чинчийэн үөрэтиитин бу нүөмэргэ билсиэҕиҥ. Вера Васильевна...
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Дьон | 26.09.2024 | 16:00
Римма Бережнева: «Кинилэр иннилэригэр төлөммөт иэстээхпит!»
Анал байыаннай дьайыыга тыылга көмөлөһөр дьоммут уолаттарбытыгар биир улахан тирэх, өйөбүл буолалларын ааҕан сиппэккин. Кинилэр тустарынан хайаан да билиһиннэрэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиир эбээһинэстээхпит.   2022 сыл сэтинньи ыйтан анал байыаннай дьайыы тиэмэтигэр суруйабын. Ийэлэри, уолаттары, сүтүктээхтэри, волонтердары... Биһиги, суруналыыстар, кинилэри сырдатарбыт, кэпсиирбит, ааҕааччыларга тиэрдэрбит олус наада. Сорох ардыгар суруйар дьоруойгун көрдүүрүҥ уустуктардаах...
«Кыһыл көмүс» выпуск
Сонуннар | 27.09.2024 | 12:00
«Кыһыл көмүс» выпуск
Бүлүү педучилищетын 50 сыл анараа өттүгэр баһаатай идэтин баһылаабыт эдэркээн кыргыттар, уолаттар пионерскай үлэҕэ оҕо аймаҕы үөрэтэ, сырдыкка угуйа туруммуттара. Бүгүн бу выпуск туһунан СӨ үөрэҕириитин туйгуна, методист-баһаатай Любовь Николаевна Сидорова кэпсиир. Сыл-хонук түргэнник да ааһар эбит. 1970 сыллаахха кырылас кумахтаах Бүлүү куоратыгар турар Н.Г. Чернышевскай аатынан педучилищеҕа саҥа арыллыбыт...
Тапталга уйдаран
Спорт | 26.09.2024 | 12:00
Тапталга уйдаран
(1-кы чааһа)