08.02.2021 | 13:58

«Иэйии» туһунан иһирэхтик

Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

«Иэйии» өрөспүүбүлүкэтээҕи литературнай түмсүү  коммерческайа суох тэрилтэ буолбутун туһунан сокуонунан  бигэргэтэн үлэтин саҕалаабыта сыл кэриҥэ буолан эрэр. Түмсүү саха тылын, литературатын сайдыытыгар  үлэлэһэр сыаллаах-соруктаах тэриллибитэ.  Салайааччы  Илья Ильич Афанасьев-Алмаас  биир санаалаах дьону  түмэн, утумнаах үлэни салайар.  Түмсүүбүтүгэр 35 киһи сылдьар. Манна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэннэрэ Валерий Васильев-Муттухай Бороҥ, Галина Иванова- Айтыына Уран,  мелодист Люция Бандерова курдук чаҕылхай дьоннордоохпут. Кинилэр ыйан кэрдэн биэриилэринэн салайтаран, түмсүү олохтоохторо поэзия, проза жанрыгар холоноллор, сүбэлэһэллэр.

Түмсүү үгүс чилиэннэрэ хоһооннорун, кэпсээннэрин кинигэ гынан таһааттарбыт буолан, салгыы сайдарга баҕалаах, сонуну билэргэ көхтөөх дьон. Түмсүү  Саха сирин араас муннуктарыгар баар литературнай түмсүүлэри кытта ситимнээхтик үлэлэһэр. «Сыккыс” (Горнай улууһа), “Ньургуһун”(Мэҥэ Хаҥалас), “Эйгэ”(Дьокуускай), “Өлүөнэ очуостара” (Хаҥалас),  “Ньурба уоттара» (Ньурба улууһа), “Отуу уота” (Нам улууһа), «Уһуктуу» (Уус Алдан) кинилэр дьарыктарын, үлэлэрин- хамнастарын кытта билсиһэн  уопуппутун үллэстэбит. Биир таһымнаах  үлэбитинэн  «Кынаттаах ырам ырыалара» диэн ырыаларбыт хомуурунньуктарын  түмэн таһааттардыбыт. Диискэлээх, ноталаах ырыаларбытын кинигэ гынан билэр дьоммутугар бэлэх ууннубут. Түмсүү инстаграмм страницаланан билигин айар-суруйар дьоҕурдаах  дьоммут үлэлэлэрэ тиһигин быспакка тахса турар.

«Иэйии» литературнай түмсүү бу саҥа сылтан араас тэрилтэлэри кытта ситимнээх үлэни ыытар былааннаах ол курдук саха биллиилээх суруйааччыларын айымньыларын үйэтитиигэ, литература, история музейдарын үлэлэрин сырдатыыга, литература, культура эйгэтигэр чинчийэр,  көҕүлүүр үлэлэри  тэрийэн  ыытар былааннаах.

Дьэ, «Иэйиибит» туһунан  кылгастык кэпсээтэххэ  ити курдук. Сүбэни бииргэ түмэн, көхтөөхтүк үлэлиибит.

Саргылана Федорова - Саргылана Сайын

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Дьон | 08.12.2024 | 14:00
Валентин Баһылайап: «Эмээхсин өтө көрбүт быһыылаах»
Биһиги ортобутугар араас дьылҕалаах, үлэлээх-хамнастаах, дьарыктаах дьон элбэх. Хас биирдии киһи син биир туох эрэ уратылаах, талааннаах, киһи кэрэхсиир кэпсээннээх. Биир оннук киһини кытта сэһэргэспиппин ааҕааччыларбар тиэрдиэхпин баҕарабын.   — Валентин Титович, кэпсэтиибитин билсиһииттэн саҕалыахха. — Бэйэм Сунтаартан төрүттээхпин, Хатырыкка олохсуйбутум 44 сыл буолла. Хадан нэһилиэгэр 1951 сыллаахха төрөөбүтүм. Бииргэ төрөөбүт...
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
Сонуннар | 01.12.2024 | 12:00
Күндү күтүөт, көмүс күтүөт, көйгө күтүөт...
«Теща» туһунан атын омуктарга олус элбэх анекдот, көр-күлүү баар. Оттон биһиги, сахалар, күтүөт уолбутун хайдах ылынабыт, сыһыаммыт хайдаҕый, төһө тапсабытый? Өйдөспөт түгэн таҕыстаҕына, кыыскын көмүскүүгүн дуу, күтүөт диэки буолаҕын дуу? Онон бүгүн күтүөттэр туһунан кэпсэтиэххэйиҥ.   Светлана Петровна: — Мин ыал буолбутум оруобуна 40 сыл буолла. Ол эбэтэр 1984 сылга дьонум...
Ийэ буор
Сынньалаңңа | 07.12.2024 | 10:00
Ийэ буор
Гаврильева Оксана Павловна – Айсана 1963 с. Мииринэй оройуонун Ботуобуйа нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. 1982 с. Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педагогическай училищены бүтэрбитэ, 1988 с. Дьокуускайдааҕы судаарыстыбаннай университеты бүтэрэн, нуучча тылын уонна литературатын учууталын идэтин ылбыта. Ити идэтинэн Н.Е. уонна П.Н. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатыгар үлэлиир. Педагогическай билим хандьыдаата,...
Өкүүчэ
Сынньалаңңа | 01.12.2024 | 16:18
Өкүүчэ
(Салгыыта, иннин “Холумтан” сыһыарыы алтынньы 10 күнүнээҕи нүөмэригэр ааҕыҥ)   Күһүҥҥү күннэр күлүгүрэн турдулар. Биир күн Ааллаах Үүнтэн убайдара Миитэрэй таһаҕас тиэйиититтэн кэлэн, эбиитин бу эрэ иннинэ аҕаларыттан сурук тутан, дьиэлээхтэр санаалара чэпчии сылдьар кэмнэрэ. Миитэрэй 20-гэр чугаһаабыт, түргэн-тарҕан туттуулаах, сытыы-хотуу харахтаах, уҥуоҕунан кыра соҕус да буоллар, дьоһуннук туттар эдэр киһи....