Иэстээхтэри буларга бутуур тахсыа суоҕа
2022 сыл от ыйын 20 күнүттэн 21.12.2021 с. 417 №-дээх «О внесении изменений в отдельные законодательные акты Российской Федерации» Федеральнай сокуон олоххо киирэр.
Саҥа сокуон иэстээх киһини идентификациялааһын кыһалҕатын быһаарарга туһуланар. Сокуон процессуальнай сокуону оҥорууга уонна «Об исполнительном производстве» сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр, онно олоҕуран суут бирикээһин биэрии, исковой сайабылыанньаҕа уонна исполнительнай докумуоҥҥа иэстээх киһи эбии идентификацияланар нүөмэрэ ыйыллыахтаах: СНИЛС, ИНН, ОГРН, пааспарын серията уонна нүөмэрэ, суоппар быраабын серията уонна нүөмэрэ.
Федеральнай сокуон өссө суут кэмигэр эбии идентификация нүөмэрин ирдииргэ быраап биэрэр. Инньэ гынан, сыыһа, атын киһини иэстээҕинэн биллэрии тахсыа суохтаах.
Бу эбии нөүмэрдэрэ ыйыллыбытах буоллаҕына, исполнительнай докумуон оҥоһуллубут сиригэр ситэриллиигэ утаарыллар буолуоҕа.
Маны тэҥэ, сокуоҥҥа олоҕуран, биэдэмистибэлэр икки ардыларыгар электроннай докумуоннары атастаһыы көрүллэр, кирэдьиит биэрэр тэрилтэлэр, нолуок уорганнара, быраабы регистрациялыыр уорганнар информацияны атастаһар кыахтаналлар.
Маны таһынан, сокуон саҥа балаһыанньатыгар олоҕуран, процессуальнай докумуоннары таһаарыы автоматизацията көрүллэр. Холобур, дьыаланы көбүтүү, аккаас, тохтотуу, түмүктээһин эбэтэр исполнительнай производствону бүтэрии, иэстээх киһиттэн хааччахтары устуу, иэһин төлүүрүгэр бириэмэ биэрии, үбүн тутууну тохтотуу туһунан дьаһалларга туттуллуон сөп.