25.08.2022 | 16:00 | Просмотров: 644

«Идэни таларга цифровой көмөлөһөөччү» сервиһинэн туттуҥ

РФ Үлэҕэ уонна социальнай харысхалга министиэристибэтэ иһитиннэрбитинэн, 2022 сыл муус устар ыйыгар «Идэни таларга цифровой көмөлөһөөччү» сервиһинэн туттуу аахсыйатын бастакы түһүмэҕэ ыытыллыбыт.
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Сервис көмөтүнэн киһи личность быһыытынан диагностикатын, региоҥҥа баар profstories.ru сайтка регистрацияламмыт хампаанньалар тустарынан информацияны билиэххэ, үлэнэн хааччыйааччыттан үөрэххэ барарга целевой направлениены ылыахха, идэни таларга наадалаах тэрээһиннэргэ кыттарга тус халаандаары оҥостуохха сөп.

Бүгүҥҥү күҥҥэ платформа парнердарынан 1014 үлэнэн хааччыйааччы уонна кинилэр сотрудниктара буоллулар. Бырайыак «Zасобой» идэни талааһын федеральнай киинин чэрчитинэн үлэлиир, тэрээһиннэринэн 750 тыһыынча киһи хабылынна.

«Идэни таларга цифровой көмөлөһөөччү» сервиһинэн туттуу аахсыйатын иккис түһүмэҕэ 2022 сыл балаҕан ыйын 5 күнүттэн алтынньы 7 күнүгэр диэри ыытыллар, манна кыттыы төлөбүрэ суох.

2030 сылга диэри Ыччат дьарыктаах буолуутун уһун болдьохтоох бырагырааматын олоххо киллэрэр сыаллаах, идэтин талбыт ыччат ахсаанын элбэтэр курдук, аахсыйаҕа үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ уонна үөрэх кыһаларын 1-2 куурустарын устудьуоннара кытталлара наадалаах диэн этэллэр тэрийээччилэр.  

Сонуннар

06.11.2026 | 19:00
Бэлэх

Ордук ааҕаллар

Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Сытыы муннук | 05.11.2026 | 13:00
Убаһа этэ туох кутталлааҕый?
Идэһэ сезона саҕаланна. Убаһа этэ атыыга таҕыста. Ылан тоҥнуу сиэри салбанан олорооччу элбэх буолуохтаах...
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Сонуннар | 03.11.2026 | 16:00
Блиныны арааһыттан боруобалыахха
Оччотугар хайата ордугун быһаарыахпыт.
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр:  нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Сонуннар | 03.11.2026 | 15:00
Бокуонньуктар счеттарын бэрэбиэркэлииллэр: нэһилиэнньигэ суохтар үптэрэ судаарыстыбаҕа бэриллэр
Владимир Путин нэһилиэнньигэ суох өлбүт дьон үптэрин-харчыларын уонна баайарын-дуолларын судаарыстыба бас билиитигэр биэрии бэрээдэгин олохтуур сокуоҥҥа илии баттаабыт.