Идэлээх сойуустар федерациялара ыйытыыларга бассаабынан эппиэттиир буолла
Саха өрөспүүбүлүкэтин Идэлээх сойуустарын федерациятыгар баcсаап-сибээс олохтонно. Саха сирин олохтоохторо федерация бэрэссэдээтэлэ Николай Дегтяревка ыйытыыларгытын быһаччы ыытыаххытын сөп.
Бассааптаах төлөпүөн нүөмэрэ: 8914-286-00-36.
Киирбит ыйытыыларга специалистар тута хоруйдуохтара. Холобур, үлэ быраабын кэһии, хамнас төлөбүрүн, үлэ харыстабылын туһунан араас мунаахсыйбыт боппуруоскутугар эппиэти суһаллык ылыаххытын сөп. Ыйытыыларгытын нууччалыы уонна сахалыы тылларынан ылаллар.
Сонуннар
Ордук ааҕаллар



