09.08.2022 | 14:00

Хотугу төрүт норуоттар быыстапкалара аһылынна

Өрөспүүбүлүкэтээҕи Национальнай художественнай музейга «Сирэктэ – үйэлэри ситимниир» хотугу сирдэр уонна Арктика аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын таҥастарын быыстапка-лабораторията аһылынна.
Хотугу төрүт норуоттар быыстапкалара аһылынна
Ааптар: Киин Куорат
Бөлөххө киир

Арассыыйа норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэтин сылыгар анаммыт быыстапкаҕа хотугу норуоттар култуураларын уонна үгэстэрин көрдөрөр сэдэх экспонаттар бааллар. Манна эбээннэр, эбэҥкилэр, долгааннар, юкагирдар уонна чукчалар художественнай нэһилиэстибэлэрин кытта билсиэххэ сөп. Ол курдук, экспозицияҕа национальнай таҥас уонна норуот маастардарын оҥоһуктарын 70-тан тахса көрүҥнэрэ бааллар. Быыстапка силигин аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттар худуоһунньуктарын хартыыналара ситэрэллэр.

Тэрээһин үөрүүлээх аһыллыытыгар Ил Түмэн хотугу уонна Арктика аҕыйах ахсааннаах норуоттарын боппуруостарыгар сис хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева, өрөспүүбүлүкэ култууратын уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччыта Владислав Лёвочкин, музей, лаборатория үлэһиттэрэ уонна норуодунай ансаамбыллар кытыннылар. «Хас биирдии норуот бэйэтин национальнай көстүүмүн көрдөрдө. Өрөспүүбүлүкэ аҕыйах ахсааннаах төрүт норуоттарын таҥастарын лабораторията сайдар кэскиллээҕэр эрэнэбин. Тэрилтэбит аата дойдубут араас муннуктарыгар дуорайдын!», – диэн эҕэрдэлээтэ Елена Голомарева.

«Лаборатория уопсастыба олоҕор көхтөөхтүк кыттарыгар баҕарабын. Маннык суолталаах тэрээһиннэри ыытаргытыгар мэлдьи өйүөхпүт. Бу үгэстэрбитин үйэтитиигэ сүдү кылаатынан буолар», – диэн бэлиэтээтэ Владислав Лёвочкин.

«Сирэктэ – үйэлэри ситимниир» быыстапка атырдьах ыйын 21 күнүгэр диэри үлэлиир.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Дьон | 21.11.2024 | 12:00
Якут Шурик: «Атахпын быстыбатаҕым буоллар, өлүөхтээх этим»
Суруналыыс кэпсэтэр киһитин кытта кини олоҕун, үөрүүтүн, үлэтин-хамнаһын, кыһалҕатын тэҥинэн үллэстэр. Оннук эрэ сүрэҕэр чугастык ылынан суруйдаҕына, ааҕааччыга тиийэр ыстатыйа тахсар. Мин Александрдыын кэпсэтэрбэр, чэчэгэйим кэйиэлээн, төбөм ыараан да ылбыта, сотору атаҕын быстарын кэпсиир, ону хайдах эрэ тулуйан истибит киһи дии олорбутум. Хараҕым уута да сүүрэрэ, күөмэйбин туох эрэ кэлэн...
Аҕаа, бырастыы
Сынньалаңңа | 27.11.2024 | 10:00
Аҕаа, бырастыы
Уйбаан нэһиилэ сэттис этээскэ сынньана-сынньана кирилиэһинэн тахсан, кыыһа олорор ааныгар кэлэн, оргууй соҕус тоҥсуйда. Баҕардар дьиэҕэ ким да суоҕа дуу дии санаан, кулгааҕын ааҥҥа даҕайан иһиллээн тура түстэ. Киһи атаҕын тыаһа хааман кэлэн, сиэнэ уол куолаһа нууччалыы: «Кто там?» – диэн ыйыппытыгар: – Мин. Тоойуом, мин кэллим, ааҥҥын арый, –...
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Сытыы муннук | 28.11.2024 | 14:00
Кымыс Байбал ыра санаата туолуо дуо?
Үөһээ Бүлүү улууһун Маҥаас нэһилиэгин 9 оҕолоох ыалын улахан уола Байбал Васильев оҕо эрдэҕиттэн эппиэтинэскэ үөрэммитэ, хайдахтаах да уустуктан чаҕыйбат, кыраларга холобур буола улааппыта күн бүгүнүгэр  диэри биллэр. Ытык киһибит быйыл 75-с хаарын санныгар түһэрдэ, сааһырда. Ол эрээри олоххо киллэрбит кыһыннары кымыстыыр дьарыгын тохтотуон, өбүгэ кымыстыыр үгэһин үйэтитэр баҕатыттан аккаастаныан...
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сынньалаңңа | 25.11.2024 | 23:17
Туох да мээнэҕэ буолбат
Сардаана куруук да холку-наҕыл бэйэтэ, мэктиэтигэр хараҕын уута биллэ-көстө ыгыллан тахсыар диэри абатыйда. Кыһыйбытын омунугар „үөрүүлээх“ сонуну тиэрдибит суотабайын дьыбааҥҥа элиттэ. Хаарыан былаан!! Күүтүүлээх көрсүһүү хаалла!! Бүгүн үлэтигэр бардаҕына табыллар буолбут!   Саатар, бэҕэһээ биллибитэ буоллар. Түүҥҥү дьуһуурустубатын кэнниттэн сынньаммакка, түүннэри былаачыйа тиктэн „быччайан“ олоруо суох этэ! Кыргыттара төһө эрэ хомойоллор....