04.05.2022 | 19:00

Хотугу спорт көрүҥүн баһылаабыт тренер

Хотугу спорт көрүҥүн  баһылаабыт тренер
Ааптар: Баһылай ПОСЕЛЬСКАЙ
Бөлөххө киир

Хотугу многоборье – спорт дьикти көрүҥэ! Былыр хоту сир булчуттара бэйэлэрин кытта сүгэни, быһаҕы, быаны (аркааны) уонна учах ураҕаһы туундараҕа, хайаҕа, тыаҕа мэлдьи илдьэ сылдьаллара. Сүгэнэн кыылы-сүөлү, көтөр кынаттааҕы быһыта тамныыллара. Аны онно эбии түргэннэрэ, сымсалара, сылайбат сындааһыннара, тулуурдара! Тыйыс айылҕаҕа оччоҕуна эрэ тыыннаах хаалаҕын. 


Соторутааҕыта Сахабыт сирин хотугу многоборьеҕа спортсменнара Арассыыйа чемпионатыгар биирдиилээн күрэхтэһиилэргэ рекорд олохтооннор уонна хамаанданан бастааннар, Улахан Кубогы илдьэ кэллилэр. Спорт бу дьоһун көрүҥэр сахалартан аан бастаан Арассыыйа спордун маастарынан буолары ситиспит, 50-тан тахса маастары ииппит Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх тренерэ Анатолий Гаврильевич Сыромятниковтыын кэпсэттибит. Улахан бадьыыстаах уонна сыралаах үлэ эбит.

История быыһын сэгэттэххэ

Ситиһии, көрдөрүү улахан. Сахабыт сирин хамаандата 35 сыл буолан баран бастаабыт. Ямаллар, ханты-мансилар, ненецтэр, магаданнар, тюменнар, чукоткалар иннилэригэр түһэр уустуктардаах. Чахчы, анал бэлэмнээхтэр, сатабыллаахтар, эт-сиин өттүнэн кыахтаахтар кыайар көрүҥнэрэ. Урут “Борьба на кушаках” диэн тустуу көрүҥэ баарыгар Саха сирин хамаандата кыайыыны ситиһэр кэмнэрдээҕэ. Кэлин, балаһыанньаҕа тустууну тохтотоннор, бастакы миэстэни ылар ыараабыта.

1988 с. Дьокуускай ипподромугар буолбут Арассыыйа хотугу многоборьеҕа ыытыллыбыт чемпионатыгар атах оонньуутун спордун маастара, тренер Иннокентий Юрьевич Григорьев эрчийбит ыччаттара Герман Терютин, Борис Ильин уонна Анатолий Сыромятников сүгэ быраҕыытыгар маастары толорбуттара. Эһиилигэр Анатолий Сыромятников сүгэни ыраах быраҕыыга Арассыыйа чөмпүйүөнүн үрдүк аатын сүкпүтэ.  Онно буурҕа түспүтүгэр, ямаллар, хантылар чэпчэки ыйааһыннаах тэлээрэн көтөр сүгэлэрэ ырааппатаҕа. Сахалар “лаппаахы” диэн ааттыыр граната курдук ыарахан сүгэлэрэ тыалы-буурҕаны үлтү силэйэн, ыраахха диэри кыырайбыта. Анатолий Сыромятников бастаабыта. 1990 с. ураҕастаах сүүрүүгэ бастаабытын аахпатахтара, маастары хайдах кыайыаҕай диэннэр, ол маастар уолу бастаппыттар. Мүнүүтэ арыттаах сүүрүүлэргэ кыайыылааҕы бириэмэтинэн көрөн быһааралларыгар, маҥнай утаа, Сыромятников испииһэккэ бастакынан турарын, судьуйалар мунньахтаан бараннар, кыайыыны Ямал уолугар биэрбиттэр. Онон, иккис миэстэлэммит.

Баҕалаах буоллахха, баһылыырга бары ньымалар үчүгэйдэр.

Сахалар аркааҥҥа уонна сүгэни быраҕыыга албаһын билбэт буоланнар, көрдөрүүлэрэ өрүүтүн намыһах буолара. Ким да, тугу да сүбэлээбэт. Ямаллар, хантылар, мансилар кэпсээбэттэр, атыылаабаттар.

Баһылыырга үгүс сыраны көрсүбүттэрэ. Күн-дьыл да барбахтаабыта. Ол быыһыгар, Анаабыртан табаһыт Аркадий Дьяконовы булан аҕаланнар, ону үтүктэн үөрэнэ сатыыллара. Ол Аркадий үчүгэйдик быраҕара. Далайан, дьиҥнээх табалыы, күөйэ быраҕара. Аны, аркааннарын хайдах харайары билбэт буолан, сытыйыы-ымыйыы да тахсара.

Быраҕар сүгэлэрин эмиэ үлүбээй оҥостоллоро. Иннокентий Юрьевич биир хостоох кыбартыыратыгар уһаналлара. Куорат ортотугар баар “Гусиное озеро” тахса-тахса быраҕаттаан дьарыктаналлара. Оччолорго дьиэлэр суохтара. Ардыгар алҕаска оптуобуһу да табаннар, саспыт түгэннэрэ баар буолара. Хамаанда туһугар диэн биирдэ, төлө туттаран, ыарахан сыанаҕа атыыласпыттара. Аҕалан, бэйэлэрэ сэрэйэн көрө-көрө, үтүгүннэрэн оҥоро сатыыллара. Кэлин 1000-лыы наартаны нөҥүө ыстанар бырааттыы Александр, Родион Талигиннартан атыыласпыттара.

Аркааны таба быраҕан киллэрээри күнү быһа быраҕаллара. Гостиницаларыгар  тиийэн сынньанан, суунан-тараанан баран, күрэхтэһии буола турар сиригэр тиийбиттэрэ, Юрий Тарлин диэн Ханты-Мансийскай уола өссө да быраҕа сылдьар буолара. Билигин кини аркаан атыылыыр, дьиҥнээх табаһыт уол. Аһаабакка, тиэрмэһиттэн кофе эрэ иһэ-иһэ, соҕотоҕун хаалан быраҕарын көрөн сөҕөллөрө. Кэлин табаарыстаһаннар, аркаанын атыыласпыттара, эбиитин сүбэ-ама биэрбитэ. Дьокуускайга кожкомбинаттары кытта кэпсэтэн, тирии тыырдаран, оҥорторо сатаабыттара да, тоҕо эрэ табыллыбатаҕа.

Иннокентий Юрьевич салайар үлэҕэ барбытыгар, Анатолий Сыромятников университекка үлэлии сылдьан, уурайан, тренерскэй үлэҕэ кэлбитэ. Ол сылдьан, Альберт Погодаев диэн Тополинайтан сылдьар табаһыт уолу булан күрэхтэһиннэрбиттэрэ. Күүстээх, тустар-хайыыр, кыанар уол. Аркааҥҥа Арассыыйаҕа бастаабыта, рекорд олохтообута. Аан дойдуга эмиэ бастаабыта. Тарлин диэн күүстээх маастардыын, тренердиин табаарыстаспыта. Маамыктаны быраҕыы албастарыгар сүбэ-ама ылбыта. Быраҕыы “объемнаах” буолуохтааҕын, элбэхтик быраҕар сөбүн өйдөппүтэ. Ол Тарлин бэйэтэ күнү быһа быраҕар эбит – сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри. “Бүгүн быраҕыы, онон бүтэр”, — диэн. Илии ууллуор диэри хардарыта уҥа-хаҥас илиилэринэн быраҕаттыыра. Быраҕыы техникатыгар үөрэтэн, хайдах дьарыктанары сүбэлээбитэ. Тэҥ саастыы буоланнар, түргэнник өйдөспүттэрэ.

 

Хамаанданан үлэ үтүө түмүктэрэ

Дьыллар-хонуктар ааһаннар, Анатолий Гаврильевич билигин, сүнньүнэн, хаһаайыстыбаннай чаас быһыытынан, сүүмэрдэммит хамаандаҕа эрэллээх, бигэ тыыл.  Хотугу многоборье көрүҥэр сүрэҕинэн-быарынан ыалдьар. Дэлэҕэ, атын улахан хамнастаах үлэттэн төттөрү кэлиэ дуо. Сүгэлэри, аркааннары булар-талар, оҥорторор. Күннэтэ алтыһан үлэлиир дьоно – эдэр-эмэн саастарыгар бииргэ үөрэммит, эрчиллибит, күрэхтэспит, тэҥ саастыылаахтара. Кэнники сылларга сайын уонна кыһын туһаныллар финскэй маамыкталарынан туһанар буолбуттар. Олору сакаастаан ылаллар. 50 кыраадыс тымныыга тоҥмоттор. Ол маамыкталарынан Арассыыйа икки рекордун олохтуу сылдьыбыттар. Хотугу многоборьеҕа Арассыыйа чөмпүйүөнэ Николай Софронов бииргэ төрөөбүт убайа, уус идэлээх Петр Николаевич Софронов сүгэлэри иһэрдэр, хатарар, оҥорон биэрэр, сылы эргиччи бииргэ дьарыктаһар. Эрчиллиилэргэ уонна өрөспүүбүлүкэ иһинээҕи күрэхтэһиилэргэ спортсменнары, тренердэри кыһыннары-сайыннары бэйэлэрин массыыналарынан илдьэллэр-аҕалаллар. “Многоборецтар” бары бэйэлэрэ тренердэрдээхтэр. Үлэни, дьарыгы сүрүннээһини Анатолий Гаврильевич үүннүүр-тэһиинниир. Аныгы үйэ сиэринэн он-лайн ситиминэн эмиэ дьарык барар. Кэмиттэн кэмигэр семинардары ыыталлар. Методикаҕа, докумуоннарга маастар оҥорбут киһитэ, билигин Нерюнгрига олорор-үлэлиир Анатолий Ионович Попов көмөлөһөр. Хамаанданан үлэ үтүө түмүктэрдээх.

Саҥа көлүөнэ тренердэр тахсан иһэллэрэ үөрдэр.

Чурапчытааҕы физкультура уонна спорт институтугар тренердиир Альберт Федорович Иванов билигин олус тахсыылаахтык дьарыктыы сылдьар. Арассыыйа алта төгүллээх чөмпүйүөнүнэн буолары ситиспит Орто Халыма ыччата Алексей Созонов киниэхэ эрчиллэн улаханнык эбилиннэ. Маамыктаны 252-тэ сыыспакка быраҕан, Арассыыйа рекордун олохтоото! Ол иһин билиҥҥи спорка дьоҕурдаах ыччаттар Альберт Ивановка бара сатыыллар эбит. Дьарыктанар баҕаттан Чурапчы институтугар иһиттэн да, кэтэхтэн да үөрэххэ киирэллэр. Альберт Федорович хотугу многоборье албастарын билэр, күүс-күдэх өттүн туруорар. Сорох уолаттара “Дыгын оонньууларыгар” путевка былдьаһыахтаахтар. Ону күрэхтэһии көрдөрүөҕэ. Биир кыыһа Валентина Борисова аркааны 110 тохтоло суох сыыспакка табыталаан Арассыыйаҕа бастаата. Уруккуттан сүүрүүгэ мэлдьи миэстэлэһэр. Үөһээ Бүлүүгэ Раиса Васильевна Григорьева дьарыктаабыта. Оскуоланы бүтэрээт, ЧГИФКиСкэ барбыта, Альберт Федоровичка. «Манчаарыга» абсолютнай чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыта. 

Анатолий Сыромятниковка эрчиллэр, Дьокуускай университетыгар биология факультетыгар үөрэнэр Антонина Санникова Васильев Григорий Егоровичка дьарыктаммыта. Физкультура уонна спорт институтун дириэктэрэ Николай Ефимович Гоголев хотугу многоборецтары улаханнык өйүүр, дьарыктанар усулуобуйаны, барыыны-кэлиини толору хааччыйар. Ол быыһыгар Анатолий Гаврильевич тренердиирин былаһын тухары аан бастаан харчынан бириэмийэ ылан, махталын биллэрэр. Иитиллээччитэ Антонина Санникова Белоярскайга сүгэни 100 миэтэрэ ырааҕы быраҕан, Арассыыйа рекордун олохтоон кэллэ!

Эмиэ Чурапчы институтугар Альберт Федоровичка дьарыктанар Анаабыр ыччата Дьулус Туприн сүгэни 214 м ыраахха кыыратан, уон сыл турбут рекорду тупсарда!

Анатолий Сыромятниковка дьарыктар 16 саастаах уолаттар, Орто Халыматтан сылдьар Саха сирин чөмпүйүөнэ Степан Третьяков уонна  Уус Майа уола, Эдьээн 10 кылааһыгар үөрэнэр Ярослав Трофимов уонна Үөһээ Бүлүүттэн Эльдар Мандаров сүгэҕэ маастар нуорматын толордулар! Эдьээнтэн Андрей Иванов Үөһээ Бүлүүгэ буолбут өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиитигэр тиийэн, биир ый иһигэр дьарыктанан, Саха сирин маастарын толордо – сүгэҕэ, аркааҥҥа бастаата, өссө абсолютнай буолары ситистэ. Саҥа дьыл бырааһынньыктарыгар Анатолий Сыромятниковка үрдүттэн хоно сылдьан маастарыстыбаларын үрдэтиммиттэрэ. Тренердэрэ — Раиса Васильевна Григорьева уонна Андрей Иванов. Бары да дьоһун ыаллар ыччаттара. Андрей Иванов ийэтэ Вера Николаевна — Саха сиринээҕи “Память” Бэтэрээннэр бойобуой дьайыыларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ. Чечня сэриитигэр өлбүт улахан убайдара Александр Иванов кэриэһигэр өрөспүүбүлүкэ турнирын тэрийэн ыыталлар. Бу күһүн эмиэ буолар.

 

Спорт хайа баҕарар көрүҥэр Анатолий Гаврильевич Сыромятников курдук идэлэрин таптыыр уонна идэлэригэр бэриниилээх тренердэр кыайыылары аҕалаллар, спорт маастардарын чочуйаллар, чөмпүйүөннэри таһаараллар.

 

Хотугу многоборьеҕа сүгэ, аркаан сүрүн көрүҥнэр. Ураты сыһыаны эрэйэллэр. “Лотерея” диэн ааттыыллар, тоҕо диэтэххэ, тыалга, ардахха сүгэ халыйыан сөп, аркаан, тымныыга хам тоҥон, сүгүн-саҕын арыллымыан сөп. Оннук түгэннэргэ маастары толоруу туһунан санаабаккын даҕаны. Маастар нуорматыгар аркааны кыргыттар 8, уолаттар 20 субуруччу табыталыахтаахтар, сүгэни 150 - 90 миэтэрэ ыраахха быраҕыахтаахтар, 400 – 250 наартаны нөҥүө тохтоло суох ойуохтаахтар. Онтон наарта, сүүрүү, “үс куобах” спортсментан бэйэтиттэн тутулуктаахтар, дьиҥ талаан, дьарык көрүҥнэрэ. Холобур, “үс куобахха” урут 10 м 30 см көрдөрүүлэринэн бастыахха сөп буоллаҕына, билигин 11 м түһэҥҥин, Арассыыйаҕа миэстэлэспэккин. Уопуттаах тренердэр көмөлөрүнэн аныгы ыччаттар көрдөрүүлэрэ үрдүк, үүнэллэр-сайдаллар.

Онон, Саха сирин хамаандата Арассыыйаҕа бастаан, сүрүн тренер Анатолий Гаврильевич Сыромятников үөрэрэ, киэн туттара оруннаах.

Эт-хаан эргиччи сайдыытын биэрэр хотугу многоборье көрүҥүнэн эрчиллиҥ!

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...