«Хотоҥҥо» мустуохха!
«Хотон» диэн тыл былыргыттан хороҕор муостааҕы, үрүҥ аһы кытта ситимнэнэрэ, онтон соторутааҕыта маннык дьикти ааттаах тэрээһин айар дьоҕурдаахтары түмтэ.
Ахсынньы 16-17 күннэригэр Дьокуускайга “Арассыыйа — мин историям” музейга “Хотон” диэн арт-бэстибээл ыытылынна. Бэстибээл быйыл эрэ тэриллибитэ эрээри, айар-тутар дьоҕурдаах ыччаты мунньан, поп-култуура сүгүрүйээччилэрин биһирэбилин ылары ситистэ.
Арт-бэстибээл икки күн устата муусука, аниме, көмпүүтэр оонньууларын уо.д.а. аныгы култуура уонна айар үлэ сэргээччилэрин муста. Тэрээһиҥҥэ араас күрэстэр, быыстапкалар, дьаарбаҥкалар, лиэксийэлэр уонна рок-муусука кэнсиэрдэрэ буоллулар. Эдэр худуоһунньуктар үлэлэрин атыыга таһааран, бэстибээл ыалдьыттарын кураанах илиилээх ыыппатылар.
“Биһиги сүрүн сыалбыт — айар үлэ эйгэтигэр үлэлиир дьону мунньан, худуоһунньуктар музыкааннары кытта билсиһэн, инникитин бииргэ саҥа бырайыактары айан таһааралларыгар балаһаакканы тэрийии. Бу биһиги үһүс бэстибээлбит. Кэлэр бэстибээллэргэ өссө үҥкүүһүттэри ыҥырыахпытын баҕарабыт. Тоҕо "Хотон" диэн ааттаабыппытый диэн ыйытар буоллаххытына, биһиги санаабытыгар ити хорсуннук иһиллэр, ону таһынан күлүүлээх уонна дьон болҕомтотун тардар”,— диэн бэстибээл тэрийээччитэ Кирилл Павлов кэпсээтэ.
Бэстибээл биир сүрүн күрэҕэ — косплей көстүүм куонкуруһа. Кыттааччылар сөбүлүүр ойуулуктарын, көмпүүтэр оонньууларын дьоруойун курдук таҥнан-симэнэн, муусука доҕуһуоллаах үҥкүү көрдөрөн күрэхтэстилэр. Сорохтор сыыһа-халты хамсанан алҕаска сууллан даҕаны түстэллэр, көрөөччүлэр уонна ыалдьааччылар хас биирдии кыттааччыны күүстээх ытыс тыаһынан өйөөн, “Барыта үчүгэй!”—дэһэн, сомоҕолоһуу тыынын күүһүртүлэр.
Косплей өссө биир түгэнигэр тохтоон аастахха, бэстибээлгэ хара сэбилэниилээх уолаттар-кыргыттар бааллара. Салайааччылара Шредер этэринэн, “N.E.E.T.” (Not in Education, Employment or Training) бастаан утаа оонньуу бэрээдэгинэн дьиэлэрин-уоттарын “көмүскээбиттэр”. Сыыйа араас бэстибээллэри “көмүскээн” саҕалаабыттар. “Домашняя гвардия N.E.E.T.” мангаҕа олоҕуран аан дойдуга косплейдыыр хамсааһын тэриллэн, оннооҕор Саха сиригэр бэйэ “N.E.E.T.” хамсааһына сайдан, 20 кыттааччыланан, Уһук Илиҥҥэ саамай улаханнара буолар. Онон аныгы култуура бэстибээллэригэр маннык сэбилэниилээх дьону көрдөххүтүнэ, куттанымаҥ, төттөрүтүн, бииргэ хаартыскаҕа түһүҥ.
Ону таһынан “Poligonium games” оонньуулары айар устуудьуйа салайааччыта Вячеслав Кривогорницын кэлэр сылга тахсар сахалыы тыыннаах “Алаас” диэн смартфоннарга аналлаах казуальнай оонньуутун билиһиннэрдэ. Оонньуу сүрүн дьоруойа эһээлээх эбээтигэр кыстыкка бэлэмнэнэргэ көмөлөһүөхтээх. Ааптардар оонньууну бастаан Саха сиригэр киэҥник тарҕаттахтарына, салгыы аан дойду таһымыгар таһаарыахтара. Ону таһынан бу оонньуу өрөспүүбүлүкэҕэ геймдев ырыынагын сайыннарыа диэн эрэннэрэллэр.
“Мин санаабар, маннык оонньууну атыылаһарга аҕыйах мөһөөҕү харыһыйыахтара суоҕа. Холобура, киинэни көрөргө 350-450 солкуобайга билиэт ылан баран, биирдэ эрэ көрөҕүн. Иккистээн көрүөххүтүн баҕарар буоллаххына, саҥа билиэти атыылаһыахха наада. Оттон оонньуу уратыта диэн, биирдэ атыыластаххына, киинэттэн элбэх уонна уһун болдьохтоох бэлэм контены ылаҕын. Статистика этэринэн, сахалыы киинэлэргэ 50-70 тыһ. киһи сылдьар. Онон биһиги оонньуубутун Саха сиригэр киинэҕэ билиэт тэҥэ сыанаҕа атыылыахпытын баҕарабыт уонна, табылыннаҕына, салгыы Саха сириттэн ким баҕарар бэйэтин оонньуутун айан атыылыан сөп”,— диэн Вячеслав быһаарар.
Бэстибээл бүтүүтүгэр ыалдьыттары кытта ютубер-аниматор Милшу (Людмила Сидорова) видеосибээс нөҥүө кэпсэтэн, ыйытыыларга эппиэттээн, “Хотону” сапта. Онон бэстибээл куорат айар дьоҕурдаах ыччата салгыы үлэлииригэр, саҥа бырайыактары дьоҥҥо көрдөрөрүгэр бэрт балаһаакка буолбут. Салгыы сайда, кэҥии, хаҥыы турарыгар баҕарабыт.