06.03.2020 | 08:53

Хоруоллар хоруоллара

Ааптар: Иван Ушницкай
Бөлөххө киир

Быйыл – олимпийскай сыл. Онон аан дойду саамай улуу түһүлгэтигэр сылдьыбыт саха аҕалаах, еврей ийэлээх, улуу Бехтеревтэртэн төрүттээх   Тимир Пинегин туһунан кэпсиэхпин баҕардым. 

Көрдөөһүннэр, булуулар, чинчийиилэр

Клязменкай водохранищеҕа кини 14 саастааҕар чемпион буолбута. Ол биһиги көрсүһүүбүт кэмигэр мин доҕорбун Иван Николаевы уонна биир оҕону илдьэ кэлбитим. Онно бары кыахтаах дьон яхталара тураллар этэ. Мин Москваҕа бара сылдьан баарыстаах спортка олимпийскай чемпион, саха аҕалаах Тимир Пинегины мин тыыннааҕар дьиэтигэр, даачатыгар, олимпийскай комитекка, Дьокуускайга кэлэ сырыттаҕына хаста да көрсөн кэпсэппитим. Кини орто дойдуттан барбыта номнуо сэттэ сыл буола оҕуста. Архивын, малларын маннааҕы музейга аҕалаары ир суолун ирдээтим. Огдообото 90-ча саастаах Железнова: “Олору Баарыстаах спорт дьоно ылбыттара, телефоннарын да, ааттарын да билбэппин,”-- диэн куттаабыта. Хата, дьолго булаттаатым. 

Сөхтөрүү

Тимир Пинегин аймаҕа Василий  Иннокентьевич: “Пинегиннээх мөлтөх лодкалаах муора долгунугар, буркуну утары (тыала суохха бэйэтэ биир туспа эрэйдээх), араастаан «дьаабыланалларын» атыттар наһаа сөҕө-сүөргүлүү одуулаһаллара. Харахтарын тиэрэ көрөллөрө, төбөлөрүн илгистэллэрэ. Омуктар үксүлэрэ оҥочолоругар долгун ууну, күүгэни ыһан киллэрдэр эрэ, таһаҕас оҥостубакка, португалец Дуарто Белло оҥорторбут насоһунан муораҕа төттөрү бырахтаран иһэллэрэ. Биһиги дьоммут куопсугунан миини баһардыы «букунаһаллара». 1956 сыллааҕы олимпиадаҕа кинилэри  куопсуктан атыны булумматахтарын көрөн: «Оо, нууччалар…»-- диэн кэбиспиттэрэ. Португалец олимпиадаҕа 6-с миэстэҕэ киирэн, үөрэн турарын, эҕэрдэлээт, Тимир киниттэн насоһун атыылыырыгар көрдөспүтэ. Белло аймана түспүтэ, ордуга суоҕун этэн баран, бэйэтин гиэнин оҥочотуттан ылан бэлэхтээн кэбиспитэ (!) Баарыс эмиэ били Лоуэл Норт мөлүйүөҥҥэ тиийэ долларынан аҥаардас чинчийиигэ ороскуоттуурунан оҥоһуллуута сайдан испитэ. Тыалга хомуллаҥнаабат, чиккэйэ сылдьар, элэс гыннарыллан түһэн хаалар, оннук түргэнник тэрэйэр, тардыллар баарыстар баар буолбуттара. Биһиги дьоммут араастаан сөрүөстэр баарыстарын илиилэринэн көннөрөн, таһааран, түһэрэн, эрийэн «өрө мөхсөллөрө». Оннукка аны матчталара тостон моһуоктуура. Омуктар гиэннэрэ бөҕө буолан, тостубат да этэ. Баайдар саҥаттан-саҥаны атыылаһар кыахтаах буолан, туохтарын да наһаа харыстаабаттыы тутталлара. Оннооҕор олимпийскай призер англичанин Уоррен биирдэ сырсыыны түмүктээт да, кыайтарбыт кыһыытыттан, оҥочотугар бензин ыһан баран уоттаан турардаах. Оннук дьон Пинегиннээх эргэлэрин-урбаларын сыыһын кыыһы таптыырдыы имэрийэллэрин-томоруйалларын, сууйалларын-сотоллорун эмиэ сиилииллэрэ.

Кыһалҕаттан араас албастарга үөрэммиттэрэ. Оҥочолорун ойоҕоһун кытыытыттан атахтарын төбөтүттэн кыбытынан муора урсунугар тиэрэ түһэн хастыы да чаас туруохтарын сөбө. Санаан көр, Тимир Пинегин оччолорго 86 киилэ ыйааһыннааҕа, Федор Шутков кинитээҕэр өссө ыарахан этэ. Омуктар: «Хайдах итинник гынаҕыт?»-- диэн мэлдьи көрдөрөллөрүгэр көрдөһөллөрө уонна үтүктэн араастаан «сордонон», биэс мүнүүтэттэн ордук тулуйбаттара. Федор Шутков Хельсинкитээҕи олимпиадаҕа матчтатыгар туорайа тостубутугар швабра, быа ылан, аҕыс баллаах долгуҥҥа онно ыттыбыта. Уонна оҥочо уҥа-хаҥас иҥнэҥнээһинигэр тыал, долгун охсууларыттан биэтэҥнии-биэтэҥнии, биэтэккэ кэлиэр диэри үс чаас устата үөһээ аҥар илиитигэр ыйанан туран тостубут туорайы швабраҕа холбуу баайан, атын илиитинэн ыга тутан кэлбитэ. Омуктар кытылга кэлбитигэр: «Хаартыскаҕа түһэриэхпит этэ. Хаттаан мааҕыҥҥын курдук аҕыйах мүнүүтэ тур эрэ»,--диэн көрдөспүттэрэ. Федя: «Айака, сылайдым»,--диэн сөбүлэспэтэҕэ. Ону ыынньаҕалатан бэйэлэрэ кирилиэһинэн үөһээ таһааран, хайдах турбутун курдук ыйаан хаартыскаҕа түһэрбиттэрин аан дойду хаһыата үксэ таһаарбыта. Дьэ кинилэри холобурдааһынтан үөскээбитэ «яхтсмен акробаттыы имигэс, штангистыы күүстээх, спринтердыы түргэн буолуохтаах» диэн бэргэн этии.

Сахалыы билгэлээһин  эккэ-хааҥҥа иҥмитинэн

Хата, огдообото, мин дьолбор, Пинегин Мандар Уус курдук таһымнаах уус быһыылаах, ол макетын оҕолоргугар дуу, сиэннэригэр дуу анаабытын бэлэхтээбитэ. Ити “Воробьевы горы” урукку “Орленок” лааҕыр гостиницатыгар, билигин Тимир киин баар, Пинегин аатынан базатыгар баарыстаах күрэхтэһиигэ айылҕаны эрдэттэн үөрэтэр уонна муораҕа тыал, долгун, сүүрүк хаһан, хантан күүһүрэрин-мөлтүүрүн өтө билэр наадалаах. Тимир аҕата иллэҥэр саха үгэһинэн бултуур идэлээҕэ. Тимири мэлдьи илдьэ сылдьара. З саастааҕар төрөөбүт Москватыттан Иркутскайынан, Өлүөнэ төрдүттэн борохуотунан хас да хонук устан Дьокуускайга кэлбитэ. Сэттэ саастааҕар борохуотунан төттөрү итинник айаннаан улуу эбэҕэ умсугуйан, Өлүөнэ өксүөннээх чэлгиэниттэн ууга тапталы иҥэриммитэ. Онно төрүттэрин дойдутун кистэлэҥнээх айылҕата тыал, долгун  уларыйыыларын өтө билиини уолга саха омугун «силистэриттэн» этигэр-хааныгар баарын «уһугуннарбыта».

Неополитанскай хомо кэрэ көстүүлээх. Туристарга ырай дойдутунан биллэр. Бу баайдар мэлдьи яхталарын, баарыстаах оҥочолорун илдьэ кэлэн, виллалары куортамнаан сынньана таарыйа эрчиллэр, күрэхтэһэр сирдэрэ.  Римнээҕи олимпиада баарыстаах спортка күрэхтэһиитэ бу хомоҕо буоларын эрдэ истэн үөрбүттэрэ, кэлин кэмҥэ өссө ордук үөрэтээри, элбэхтик мустар буолбуттара. Бары доҕордоһон кэбиспиттэрэ. Кинилэр бэйэлэрэ кыайтаралларын биллэхтэринэ, атын доҕордоругар көмөлөһөр идэлээхтэрэ. Оччолорго «тымныы сэрии» үгэнэ этэ, «буржуйдар» «соцлааҕырдары» куолууллара. Манна оҥочонон эрчиллэргэ эмиэ добуоччу харчыны төлүөххүн наада. Тимиргэ өйөһүөх «соцлааҕыртан» киһи да суох этэ. Ону билэ-көрө сылдьан кыайаары, борохуотун дьонун аара «атыылаһан», харчы биэрэн, оҥочотун атын сирдэргэ ыыттараллара эмиэ баара. Ол курдук, 1959 сыллааҕы Европа, Африка холбоһуктаах чемпионатыгар Касабланкаҕа (Марокко) испанскай суднонан ыыппыт «Торнадота» күрэхтэһии бүппүтүн кэннэ тиийбиттээх. Мехико-68 олимпиадаҕа английскай хараабылынан ыыппыт «Тайфуна» тоҕо эрэ Венесуэланан, Ямайканан «мунан», төттөрү-таары тиэйиллэ сылдьыбыта. Куһаҕан да сороҕор үчүгэйдээх. Тимир Касабланкаҕа сырыыта таах хаалбатаҕа. Москваҕа тиийэн, Норт баарыһа суох табыллыа суоҕун быһаарыыта сатаммыта. Атыылаһыллар буолбута. Дьэ ити курдук «Торнадатын» син омуктар оҥочолоругар таһымынан балайда барсар гына силигин ситэрбитэ.

Тимир Хотугу Италияҕа Генуегатааҕы регатаҕа 1960 сыл сааһыгар, кулун тутарга, кыттыбыта. «Разведкаҕа», «холоһууга» Европа бастыҥнара бары кэлбиттэр этэ. Тимир икки сырсыыга бастаабыта. 1952 сыллааҕы олимпиада чемпиона, 1956 сыллааҕы олимпиада үрүҥ көмүс призерун, аан дойду түөрт төгүллээх, Европа уон төгүллээх чемпиона Агустино Страулиноҕа төрөөбүт муоратыгар аан бастаан хотторуу хомолтотун биллэрбитэ. Онуоха «Муора бөрөлөрө» сорохторо: «Неапольга маннык тыаллаах буоллаҕына, нууччалар оо…»,--диэн сөхпүтэ буолбуттара. Ити иһэ-истээх эҕэлээһин этэ. Олимпиада балаҕан ыйыгар ыытыллар, ол кэмҥэ Неапольга хаһан да тыалырбат. «Астына сырыттын, антах атын»,--диэн өйдөбүллээҕэ. Иккиһинэн, бэйэтигэр эрэннэҕинэ, тыыллан-хабыллан туруо диэн сэрэхэдьийэллэрэ. Ол иһин: «Кини тыаллаахха эрэ үчүгэй. Неапольга ээ»,--диэн сапсыйан кэбиһэллэрэ. Бэйэтэ оннук этэллэригэр сөбүлэһэрин «бигэргэтэ» сатыыра. Интервью биэрэригэр эмиэ инньэ диирэ. Генуеҕа кырдьык, долгун 9 баллга тиийэ сылдьыбыта. Оннооҕор биир сырыыга 57 «Сулустаах» стартаабытыттан, биэтэккэ түөрт эрэ кэлбитэ. Дьиҥэр, Тимиргэ иһигэр: «Дьэ ити буоллаҕына, мин да киирсэр инибин. Сэнии саныыллара ордук. Киирсиэх айылаахпын биллэхтэринэ, моһуоктуу сылдьыахтара»,-- диэн бөҕөх санаа киирбитэ.

Тимир аҕата өссө Иккис МГУ-ы бүтэрбит филолог, ийэтэ наука кандидата, эһэтэ (ийэтин аҕата) наука доктора буоланнар, оҕо эрдэҕиттэн тылга сыстаҕаһынан,   английскайдыы үчүгэйдик ааҕар, кэпсэтэр. Неаполь ураты айылҕатын сиһилии үөрэппитэ. Бу куорат тулатыгар «буруолуу» турар вулкан баар. Олор тыалга дьайыылара улахан этэ. Кинилэр хайа баҕарар кэмҥэ эстиэхтэрин сөп. Хайа очуостарыттан барыларыттан чорбойон көстөр Везувий вулкан биһиги эрабыт иннинэ уотунан ыһыахтанан, сир хамсааһынынан доҕуһуолланан номоххо киирбит Помпеи куораты сиргэ тимирдэн бүтүннүү түөрэ-лаҥкы оҥорбута.  Археологтар куорат турбут сирин хаһан, араас малы булбуттара. Онно олоҕуран нуучча худуоһунньуга Карл Брюллов «Помпеи бүтэһик күнэ» диэн киһини эрэ долгутар хартыынаны уруһуйдаан аар-саарга аатырбыта. Онтуката Третьяковскай галереяҕа турар. Везувий айыытын-харатын мэлдьэһэрдии 1944 сыллаахха эмиэ хаттаан эстэн, археологтар хаһыыларын 5 см халыҥнаах күлүнэн бүрүйэн, үлэлэрин тохтоппута. Неапольга сир хамсааһына күн аайы буолар. Гостиницаҕа, рестораҥҥа олоппос-остуол, иһит-хомуос «үҥкүүлээн» олорор. Олохтоохтор, элбэхтик сылдьар дьон онно үөрэнэн хаалбыттар. Саҥа сылдьар киһи психическай долгуйуу ылыан сөп. Италия итии дойду буолан, ол алдьаммыт-кээһэммит сиртэн от-мас үүнэ турар. Везувий диэки көрдөххө, бүтүннүү сад, виноград күөҕүнэн чэлгийэр. Олор быыстарыгар хомо кытылыгар виллалар аайы кадиллактар, лимузиннар тураллар. Кытылтан ыраах муора долгуннарын үрдүнэн  Капри уонна Искья арыылар көстөллөр. Манна Ленин, Горькай, Тургенев, Гумилев, Ахматова сынньаммыттара, үгүһү суруйбуттара. Кырдьык да, киһи эрэ сынньаныах, дуоһуйуох, суруйааччы буолбатаҕына сатаныа суоҕун курдук дойдута.

Сонуннар

Ордук ааҕаллар

Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Дьон | 20.12.2024 | 12:00
Медик: «Бааһырбыт байыаспын дөйүтэн баран соһорум»
Олус ыарахан кэпсэтии буолла. Ааҕааччыга тиэрдэр гына суруйуохха наада. Дьоруойум сөбүлэҥин ылыахпын наада. Тоҕо диэтэххэ кини анал байыаннай дьайыыга сылдьыбыт кэрэ аҥаар,  ийэ, медик. Кэпсии олорон ытаатаҕына, сырҕан бааһын таарыйаммын диэн кэмсинэн ылабын, онтон эмиэ чочумча буолан баран салгыыбыт.   Кини позывнойун кистиир, ханна баарын, билигин ханна олорорун эмиэ эппэппит. Сөбүлэһэн...
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сонуннар | 14.12.2024 | 13:15
Үчүгэйи көрөргө хаһан үөрэнэбит?
Сиэн көрө куоракка кыстыыбын. Күн аайы оптуобуһунан оҕобун оскуолаҕа илдьэбин-аҕалабын. Быйыл, дьэ, этэргэ дылы, үйэ тухары хамсаабатах маршруттарга уларыйыылар таҕыстылар. Бассаапка үөхсэн туох туһа кэлиэй, төттөрүтүн, дьону күөртээн эрэ биэрии курдук. Ол иһин бу турунан туран Дьокуускай куорат сахалыы тыллаах хаһыатыгар санаабын тиэрдэргэ соруннум.  Бииринэн, нэһилиэнньэбит ахсаана күн-түүн улаата турар....
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Дьон | 14.12.2024 | 18:00
Сатаан салайыы, тэрийии — эмиэ талаан
Харах ыларынан хаһан да бүппэттии көбүүс-көнөтүк тыргыллар бэс чагда устун айан суолунан сыыйылыннаран иһэн, «Дьиикимдэ» диэн суруктаах бэлиэҕэ биирдэ баар буола түстүбүт. Туох-хайдах дьарыктаах, тугунан тыынар нэһилиэккэ киирэн эрэрбитин аартыкка баар суруктаах бэлиэ кэпсииргэ дылы.  Бүгүн биһиги “Дьиикимдэ дьээбэлэрэ” көр-күлүү тыйаатырын артыыһа, режиссера, продюсера Артур Николаевич Егоровтыын нэһилиэк култуурунай олоҕун...